Көмөлөһөөччүлэрбитигэр барҕа махтал!
Биһиги хаһыаппытын – норуот хаһыата диэххэ сөп. Хаһыаты оҥорон таһаарааччылар бэйэбит санаабытын атыттарга наһаа соҥнуу сатаабакка, араас санаа баар буоларыгар кыһаллабыт. “Дьулурҕаҥҥа” сүрүннээн биллиилээх суруналыыстар, спорт үлэһиттэрэ, бэтэрээннэр, спорду таптааччылар, эдэр корреспонденнар суруйаллар.
Биһиги кинилэргэ сүрдээҕин махтанабыт! Кинилэр бэйэлэрин суруйууларынан хаһыаты тупсаран, ситэрэн биэрэллэр дии саныыбыт.
Билэ-көрө сылдьаргыт курдук, кумааҕы хаһыакка уонна бүттүүн олохпутугар билигин төһө да ыарахан кэмнэр бүрүүкээбиттэрин үрдүнэн, “Дьулурҕаҥҥа” бэриниилээх суруйааччылар уонна суруттаран ааҕааччылар бааллара биһигини сэргэхситэр, санаабытын көтөҕөр, айар үлэбитин көҕүлүүр.
“Дьулурҕан” диэн аатынан билигин хаһыат бэчээттэнэн тахсар уонна анал сайт үлэлиир. Онно күннэтэ элбэх киһи кыттыһар.
Билигин биһигини кытта көхтөөхтүк үлэлиир ааптардарынан буолаллар: Саха Республикатын физическэй култууратын үтүөлээх үлэһиттэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр Афанасий Петрович Илларионов (Мэҥэ Хаҥалас), Михаил Васильевич Алексеев (Амма), прокуратура бэтэрээнэ Виталий Власьевич Слепцов, геолого-минералогическай наука кандидата Константин Константинович Стручков, суруналыыс Афанасий Васильевич Павлов, Ис дьыала отделын бэтэрээнэ Петр Спиридонович Яковлев, экстремал-сүүрүк Дмитрий Николаевич Горохов, спорт бэтэрээнэ Анатолий Михайлович Софронов (Нам), суруналыыстар Вячеслав Васильевич Алексеев (Горнай), Алексей Михайлович Слепцов (Чурапчы), Родион Данилов – Ородьумаан (Өлүөхүмэ) уо.д.а., кинилэри урукку үгэһинэн, хаһыат общественнай корреспонденнара диэн ааттыахха сөп.
Ону тэҥэ аҥардас быйылгы сылга эдэр корреспонденнар: Эрчим Николаев (Амма), Маша Собакина (Чурапчы), Наум Наумов (Эбээн Бытантай), Ганя Прокопьев (Мэҥэ Хаҥалас), Анжелина Жданова (Ньурба), Павел Герасимов (Уус Алдан) – “Дьулурҕаҥҥа” бастакы холонууларын аастылар. Кинилэр өссө даҕаны суруйалларын кэтэһэбит. Ким билиэй, баҕар кэлин сурук-бичик үлэһиттэрэ, биллиилээх дьон буолан үүнэн тахсыахтара дии.
Ити курдук, республика спордун салайа сыддьыбыт норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Виктор Петрович Ноговицын, остуол оонньууларын көҕүлээччи Надежда Николаевна Белолюбская, Саха сирин спорка Албан аатын музейын салайааччы Михаил Егорович Друзьянов, суруналыыс Борис Парфеньевич Николаев (Сунтаар), Россия физическэй култууратын үтүөлээх үлэһитэ Федот Архипович Соловьев, суруналыыс Степан Андреевич Андреев (Майа), култуура үлэһитэ Наталья Ивановна Руфова (Хатас) уо.д.а. биһиги хаһыаппыт көхтөөх көмөлөһөөччүлэринэн буолаллар.
Ааттаммыт дьоҥҥо барыларыгар бэйэлэрин баҕа өттүлэринэн биһиги үлэбитигэр күүс-көмө, өйөбүл буолалларын иһин барҕа махтал! “Дьулурҕаны” кытта салгыы айымньылаахтык алтыһаргытыгар, Сахабыт сиригэр физическэй култуура уонна спорт сайдыытыгар бэйэҕит билиигитинэн-көрүүгүтүнэн көмөлөһө тураргытыгар баҕарабыт. Хаһыат диэн – бу история! Этэргэ дылы, суруллубут – суоруллубат. “Дьулурҕан” хас биирдии нүөмэрэ кэлэр көлүөнэҕэ анаан үөрэтиллэн, ааҕыллан – библиотекаларынан, архыыптарынан кичэллээхтик уурулла турарын умнумаҥ.
Били, хаһыаппыт көхтөөх көмөлөһөөччүтэ Афанасий Петрович Илларионов эппитин курдук: “Дьулурҕан” – саамай кэтэһэн ааҕар, сахалыы тыллаах хаһыатым. Мин “Дьулурҕаны” күннээҕи эрэ хаһыат дии санаабаппын. Бу, Саха сирин спордун устуоруйата уонна архыыба буолар. Кэлэр көлүөнэлэргэ суолтата, туһата өссө улаата туруо…”
Барыгытын Бэчээт күнүнэн эҕэрдэлиибит! “Дьулурҕаны” кытта ситимҥитин быһымаҥ. Дьоҥҥо-сэргэҕэ чөл чэгиэн-чэбдик олоҕу көҕүлээһиҥҥэ, спорду сырдатыыга сыралаах үлэҕитигэр ситиһиилэри баҕарабыт!
Петр ПАВЛОВ, “Дьулурҕан” редактора.