Сонуннар

Дуобатчыттарбыт өрүү инники күөҥҥэ!

Улахан дьон күрэхтэһиилэригэр 2023 сылга барыта 65 мэтээл кэлэрэ ситиһилиннэ.

Дуобат — сахалар төрүт көрүҥмүт. Биһиги өбүгэлэрбит уһун кыһыҥҥа оҕолуун, кырдьаҕастыын талахтан кыһыллыбыт дуобатынан умсугуйан туран оонньууллара. Дуобат — тобуллаҕас толкуйу, өркөн өйү, эрдэттэн хас эмэ хардыыны өтө көрөр, өйгө тутар дьоҕуру, тулууру, дьаныары сайыннарар интеллектуальнай спорт көрүҥэ.

90-с сыллартан Сахабыт сиригэр дуобат күүскэ сайынна, бүгүҥҥү күҥҥэ 14 гроссмейстер, 80-тан тахса маастар, хас да төгүллээх аан дойду, Европа, Россия чемпионнара бааллар.

Владимир Ильич Птицын – Россия, Азия, аан дойду федерацияларын салайбыта, кини үлэтин түмүгэр бастакы улахан кыайыылар кэлбиттэрэ, Саха сиригэр элбэх улахан күрэхтэhиилэр үрдүк таhымҥа ыытыллыбыттара.

Ааспыт сыллааҕы ситиһиилэр

Республика дуобакка сүүмэрдэммит хамаандата улахан дьон күрэхтэһиилэригэр 2023 сылга барыта 65 мэтээли (19 кыһыл көмүс, 26 үрүҥ көмүс, 20 боруонса) ылары ситистэ. Ол курдук, сыл биир сүрүн күрэхтэһиитинэн Турцияҕа ыытыллыбыт 64 харахтаах дуобакка Европа чемпионата буолла. Онно Чаҕылҕанныы түргэн оонньууга (блиц) үрүҥ көмүс мэтээли Дайаана Кондратьева ылла.

Россия чемпионатыгар Сандаара Апросимова үрдүк көрдөрүүлэннэ: нуучча дуобатыгар – бастакы, иккис, үһүс, 100 харахтаахха – икки иккис. Гаврил Колесов нуучча дуобатыгар эмиэ 3 программаҕа мэтээл ылла – икки иккис, биир үһүс.

Николай Гуляев (64, блиц) уонна Тунаара Федорова (100, блиц) Россия чемпионнарынан буоллулар. Уопсайа Россияҕа биирдиилээн бастыыр иһин чемпионаттарыттан 14 мэтээл кэллэ. Ону таһынан Россия хамаанданан чемпионатыгар 4 – кыһыл көмүс, 2 – үрүҥ көмүс, 2 – боруонса мэтээллэри.

100 харахтаах дуобакка Матрена Ноговицына Шанхайдааҕы түмсүү (ШОС) дойдуларын күрэхтэһиитигэр, Сандаара Апросимова Кытайга үрдүк таһымнаах норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга кыайыылаах таҕыстылар.

Тунаара Федорова 64 харахтаах дуобакка 2022-2023 сс. ыытыллыбыт аан дойду Кубогын уопсай түмүгэр дьахталларга 2-с миэстэҕэ тахсыбыта эмиэ улахан ситиһии буолар.

Онтон эдэрдэргэ Россияҕа, Европаҕа, аан дойдуга бастыыр иһин күрэхтэһиилэргэ саха оҕолоро барыта 123 мэтээли (56 – кыһыл көмүс, 38 – үрүҥ көмүс, 29 – боруонса) ыллылар. Ити официальнай күрэхтэһиилэри эрэ аахтахха.

Саха сирин дуобакка федерациятын толорооччу дириэктэрэ, гроссмейстер Николай Стручков: «Хомойуох иһин, 100 харахтаах дуобакка аан дойду федерациятын быһаарыытынан, кэлиҥҥи икки сылга россияннары уонна белорустары – Европа, аан дойду күрэхтэһиилэригэр кытыннарбатылар. Ол мэһэйдээбэтэҕэ эбитэ буоллар, оҕолорбут, ордук эдэр кыргыттарбыт, аан дойду да таһымыгар кырата мэтээл аҕалыахтарын сөп этэ. Ол да үрдүнэн, көрдөрүүбүт үчүгэй».

Кыайыы кистэлэҥэ туохханый?

Дуобат аан дойдутааҕы (ФМЖД) уонна Саха сиринээҕи федерацияларын бочуоттаах президенэ, Саха Республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Владимир Ильич Птицын:

Дуобаты саха былыргыттан оонньуур. Кини мындыр өйө айылҕабыт тыйыhыттан, ол тыйыс усулуобуйаҕа тыыннаах хаалар туhугар, оҕо-уруу үөскэтэн олоҕун оҥосторуттан буолуон сөп. Ити биирэ.

Иккиhинэн, быйыл республикаҕа физкультурнай хамсааhын саҕаламмытын 100 сылын бэлиэтээтибит. Өссө 1930 сыллаахха спортивнай көрүҥнэртэн биир бастакынан дуобат федерацията тэриллэн турар. Ити мээнэҕэ буолбатах. Ол аата, оччолорго дуобат оонньуута тэнийбитин туоhулуур.

Үсүhүнэн, сойуус ыhыллыбытын кэннэ дойдуга спорт үгүс көрүҥнэригэр, ол иhигэр дуобакка эмиэ чуумпуруу буолан ылбыта. Бу кэмҥэ республикабыт иhигэр аҕыйах ороскуоту эрэйэр, тэрээhинигэр уhун-киэҥ бириэмэни ылбат дуобат оонньуута сайдыытын тэтимин түргэнник ылбыта. Россия, Аан дойду быыбарданар салалталарыгар түргэнник тахсыбыта. Ол түмүгэр Россия, норуоттар икки ардыларынааҕы үрдүк таhымнаах турнирдары Дьокуускайга быыстала суох ыыталаабыта – дуобат сайдарыгар, киэҥ араҥаҕа тэнийэригэр улахан тирэх буолбута. Ол барыта үрдүкү кылаастаах дуобатчыттар, тренердэр, судьуйалар үөскүүллэригэр кыах биэрбитэ. Атын регионнарга, ону тэҥэ дуобат сайдыбыт дойдуларыгар элбэх ахсаанынан баран кыттыы элбээбитэ, спортсменнар кылаастара үрдүүрүгэр быhаарар оруолу ылбыта. Манна 90-с сыллардааҕы спорт миинистирэ Ноговицын Виктор Петрович далааhыннаах үлэтэ дуобакка да эрэ буолбакка, спорт атын да көрүҥнэригэр сайдыыны түстээбитэ.

х х х

Дьэ, кырдьык, хаһан баҕарар буоларыныы, дуобатчыттарбыт ааспыт 2023 сылы үчүгэй көрдөрүүлээх түмүктээтилэр. Саха сирин дуобакка федерацията – республикаҕа биир айымньылаахтык үлэлиир федерация. Ол курдук, нуучча дуобатыгар Ил Дархан кубога, соторутааҕыта, кыс ортото 40 кыраадыс тымныыга таһардьа дуобаттааһын, онтон да атын былаан быһыытынан араас хабааннаах күрэхтэһиилэр, тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык ыытылыннылар. Элбэх кыайыылар ситиһилиннилэр.

Ол эрээри… Саха биһирэбилин ылбыт, сыллааҕы түмүккэ саха спордугар өрүү саамай элбэх мэтээли аҕалар дуобаппыт көрүҥэ аны сайын бэйэбитигэр буолуохтаах “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньууларга киллэриллибэтэҕэ хомолтолоох.

Петр ПАВЛОВ.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252744
Бүгүн : 216