Ааспыт сылы түмүктээтибит. Саҥа сылы саҕалаатыбыт
Чэгиэн турук сааһыттан тутулуга суох, этэргэ дылы, эдэриттэн эмэниттэн, саастааҕыттан кырдьаҕаһыттан тутулуга суох, хайа да киһиэхэ олус наадалаах. Онно маассабай спорт көрүҥнэрэ сүрүн төһүү күүс буолаллар. Хатас сиригэр-уотугар урут-уруккуттан волейбол, хоккей, остуол тенниһэ, хайыһар курдук көрүҥнэргэ сирдьит сулус оҥостор, тумус туттар дьоннордоохпут.
Хаайтарыы, хаарчахтааһын сыллара чөл, чэгиэн турукка тардыһааччылары муннукка ыкпатаҕын, күүстээх баҕа санаа, сырдыкка, үтүөҕэ тардыһыы күүстээҕин туоһута буолан көҥүл бэриллээтин кытта “дьэ, эрэ хайдах этэй?” диэбиттии күрэхтэһиилэр, күөн көрсүһүүлэр, турнирдар, табаарыстыы көрсүһүүлэр, о.д.а. хайысханан алтыһыыттан астыныы, көрсүһүүттэн үөрүүлэр буолуталыы тураллар.
Ааспыт сыл спорду да таптааччыларга, чэгиэн-чэбдик олоҕу да ордорооччуларга өйгө-санааҕа хаалар бэлиэ түгэннэрдээх буолан, бэрт сэргэхтик ааста. Биллэн туран, ол сонуннартан биир саамай күүтүүлээҕэ-кэтэһиилээҕэ Хатастааҕы 7 нүөмэрдээх спортивнай оскуола киэҥ да киэҥ уораҕайа тутуллан бүтэр кыахха киирбитэ буолар.
Өссө биир үтүө сонун нэһилиэкпит өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн “Здоровый наслег” диэн бырайыакка киирэн, анал тэрээһиннэр ыытылыннылар. Совхознай уулуссаҕа “Аллея спортивной славы” диэн үлэ бастакы түһүмэҕэ ыытыллан штакетниктар саҥардылыннылар. Сыл устата спорка ситиһиилээх дьоммутун хаһыаттарга, кинигэлэргэ сырдаттыбыт – А.Санников, мас тардыһааччылар, “Баҕарах бөҕөстөрүн”, “Сатабыл” күрэхтэһиилэр тустарынан “Киин куорат” хаһыакка, анал үбүлүөйдээх кинигэҕэ бэчээттэннилэр. СӨ спортивнай хамсааһын уонна маассабай спорт тэриллибитэ 100 сылынан бэтэрээн спортсменнарбытыгар маассабай спорт салалтатын уонна Олохтоох дьаһалта аатыттан Махтал суруктар, Грамоталар туттарылыннылар. Ааспыт сыл биир астык сонуна Гаврильев Константин Дмитриевич СӨ үтүөлээх тренерэ аат иҥэриллибитэ буолар, буолаары буолан адаптивнай спорка. Адаптивнай спорка бэрт ситиһиилээхтик уонна дьаныардаахтык Туйаара, Василий Копыриннар дьарыктаналлар.
Дьэ, онтон билигин, ааспыт сыл бастыҥ спортсменнарын чиэстээһин уонна 2023 сыл түмүгүнэн “Сыл бастыҥ спортсмена” диэн ааттаан туран, Бочуот кинигэтигэр киллэрии туһунан суруйдахха маннык.
Аина Александровна Моисеева – кэккэ сылларга ылбыт таһымын ыһыктыбакка кыайыы долгунугар баар сааһыгар холооно суох дьоһун оҕобут 2023 ситиһиилэрэ боччумнар. Кемерово куоракка ыытыллыбыт Россия чемпионатын кыайыылааҕа. Екатеринбург куоракка буолбут Аан дойдутааҕы фестиваль үрүҥ көмүс призера. Аина сүрдээх сэмэй, ис иһиттэн сырдык сыдьаайдаах, дьоһун, холку киһи. Быйыл күһүн улахан кыайыытын кэннэ кэлэ сырыттаҕына олохтоох дьаһалта көҕүлээһининэн чиэстээн көрсүһүү уонна кэлэригэр-барарыгар, дьарыктанарыгар көмө буоллун диэн ботуччу суумма туттарыллыбыта. Ол көрсүһүүгэ оҕолор олус көхтөөхтүк кыттыбыттара, ыйыталаспыттара.
Владислав Николаевич Корякин – мас тардыһыытынан дьарыктанар хас да көлүөнэ дьоммутуттан биир чаҕылхайдара, утумнаахтык, туппутун ыһыктыбакка дьарыктанан айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун сайыннаран Арассыыйа таһымнаах күрэхтэр кыайыылаахтара, Хатаһы ааттатар “Баҕарах бөҕөстөрө” күрэхтэһии ситиһиилээх кыттыылааҕа, сахалыы сэмэйдик эрэнэ күүтэр эдэр киһибит буолар.
Татьяна Сергеевна Афонина удьуор утумун тута сылдьар Борисовтар хаһыс да көлүөнэлэрин бэрэстэбиитэлэ буолар. Оскуола эрдэхтэн волейбол диэн баран муннукка ытаабыт киһи. Кини нэһилиэк, куорат, өрөспүүбүлүкэ сборнайдарыгар киирэн элбэхтик дойдутун көмүскээбитэ. Ханна да сырыттар, маҥнайгы тренерин Вячеслав Валерьянович Тимофеевы куруутун ахтан-санаан ааһар, махтанар. Махталлаах буолуу ханнык баҕарар киһи майгытын бастыҥ өрүтэ.
Светлана Владимировна Шишкина – Светлана удьуор утумун тута сылдьар волейболист. Кини Владимир, Ирида Соловьевтар дьиэ-кэргэттэригэр улааппыта. Ийэлээх аҕатын, эдьиийин суолларын солоон, волейбол эйгэтигэр өрөспүүбүлүкэ таһымыгар доргуччу ааттанар ситиһиилэрдээх. Ааһан эрэр сылга Арассыыйа эрэгийиэннэрин икки ардыларынааҕы күрэхтэһии кыайыылааҕа. Бу күрэхтэһии волейбол көрүҥүн 100 сылыгар анаммыта.
Семен Семенович Слепцов – РФ спордун маастара, Хатас нэһилиэгин волейболистарын көлүөнэ ситимин тута сылдьар норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” оонньуу кыайыылааҕа, Арассыыйа таһымнаах элбэх күрэхтэһиилэр чемпионнара, 2023 сыллаах күрэхтэһиилэр чемпионнара. Семен оскуола эрдэҕиттэн олоххо көхтөөх, туппутун ыһыктыбат майгытынан дьон хайҕалын ылыан ылар.
Иванов Аркадий Никифорович – Аркадий Никифорович остуол тенниһин көрүҥэ сайдыытыгар сыаналаммат улахан кылааттаах, ылбыт тэтимин уонунан сылларга ыһыктыбакка үрдүк таһымнаах спортсменнары таһаартаабыт тренер тэрийээччи, уһуйааччы. 2023 сылга тус бэйэтин ситиһиитэ – Улан-Удэҕэ ыытыллыбыт Бүтүн Арассыыйатааҕы турнир уонна СӨ чемпионаттарын чемпиона.
Иванов Виктор Валерианович – Виктор “Олимпийскай эрэллэр” училище үөрэнээччитэ, хайыһар көрүҥүн биир чаҕылхай бэрэстэбиитэлэ, норуоттар икки ардыларынааҕы “Азия оҕолоро” кыһыҥҥы оонньууга Хатас бастакы хараҥаччыта, 2023 сыллаах куорат, өрөспүүбүлүкэ, эрэгийиэннэр, Арассыыйа таһымыгар хайыһар күрэхтэһиилэрин призердара. Виктор элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэҥҥэ улаатан, кыра эрдэхтэриттэн бэйэ-бэйэлэрин көрсөн улааппыттара. Онон хайыһарынан үлүһүйэн дьарыктанан Алдан куоракка анал оскуолаҕа үөрэнэригэр, дьарыктанарыгар улахан мэһэйи, ыарахаттары көрсүбэтэҕэ уонна кыра эрдэҕиттэн сыалы-соругу туруоруна үөрэммит буолан, кэккэ ситиһиилэр, кыайыылар кэлэн испиттэрэ.
Семен Афанасьевич Протодьяконов – Хатастааҕы И.И. Захаров аатынан дуобат-саахымат кулуубун биир бастыҥ чилиэнэ, саахымакка ССРС спордун маастарыгар кандидат, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымнаах саахымат күрэхтэригэр ситиһиитин иһин. Хатас саахыматчыттара 2023 сыллаах Дьокуускай куоракка ветераннар күрэхтэригэр өтөрүнэн кэлбэтэх ситиһиини – маҥнайгы миэстэни ылыыларыгар, Семен Афанасьевич кылаата улахан.
Ксенофонтов Эдуард Анатольевич – чэгиэн-чэбдик олох туһугар сыл устата биир да күнү көтүппэккэ, ардахтан-хаартан иҥнибэккэ дьарыктаммыта хас да сыл буолла. Дьарык түмүгэ бэрт сотору үрдүк ситиһиилэргэ тиэрдибитэ, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар аата-суола ааттаммыта. Ол курдук, тымныы оройунан билиниллэр Өймөкөөҥҥө буолбут экстремальнай усулуобуйаҕа тэриллибит марафоҥҥа ситиһиилэммитэ. Үлэтин чэрчитинэн буолар күрэхтэһиилэр көхтөөх кыттыылааҕа, улахан, ил-эйэ тыыннаах дьиэ-кэргэн аҕа баһылыга, эйэҕэс эһээтэ буолар. Кэргэнин үлэтин өйөөн, айылҕаттан бэриллибит дьоҕурун сайыннаран, оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго шумовой оркекстр үнүстүрүмүөннэрин оҥорбута бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн биллэр. «II-Чорон» чэпчэки атлетика пробегын боруонса призера, 50-54 дылы саастаах дьоҥҥо ыытыллыбыт чэпчэки атлетика үрүҥ көмүс призера. Республикаҕа ыытыллыбыт араас таһымнаах күрэхтэһиилэр хас да төгүллээх чемпионнара, призердара.
Мальчекитова Венера Ильинична – дэгиттэр талааннаах спорт элбэх көрүҥэр үтүөкэн көрдөрүүлэрдээх. Дьокуускай куорат ветераннарын күрэхтэһиитин үрүҥ көмүс призера. Буулдьанан ытыыга республика хас да төгүллээх призера. Венера Ильинична Култуура үлэһиттэрин профсоюһа ыытар араас хабааннаах спортивнай күрэхтэрин призера. Спорду таһынан кини олус сөбүлээн айылҕаҕа, араас экстремальнай айаннарга, өрүстэринэн, үрэхтэринэн устууга, дьыл түөрт кэмигэр балыктааһыҥҥа сылдьар. “Кыһын Саха сириттэн саҕаланар” норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ балыгы кыһыыга хаста даҕаны бастаабыта. Куруук инник күөҥҥэ сылдьар Венера Мальчекитова бастыҥ диэн ааты ылыан ылла.
“Сыл бастыҥ тренерэ” анал аат хаһаайына Саввин Гаврил Михайлович тус олоҕор спорт диэн өйдөбүл киһини өйдүүр буолуоҕуттан баар. Ол курдук, кини кыра сааһыттан спордунан дьарыктанар. Кыайыы-хотуу, ситиһии киниэхэ дьиҥ-чахчы дьаныардаах үлэтинэн, туппутун ыһыктыбат майгытынан кэлбитэ, а.э. тиритэн-хорутан, харса суох үлэлээн, муннун хаанын тоҕон туран үрдүк таһымҥа тахсан, Арассыыйа таһымыгар ааттанар боксер буолбута. Кэлиҥҥи сылларга мунньуммут билиитин-көрүүтүн, сатабылын тренердиир үлэтигэр олус табан туһанан үлэлээн-хамсаан элбэх оҕону ааттатта. Кини билигин А.И. Пахомова аатынан Олимпийскай резервэ спортивнай оскуолатыгар боксаҕа тренерэ. Үөрэтэр оҕолоро араас таһымнаах республика, Россия, аан дойду кик-бокса, бокса күрэхтэһиилэрин призердара. Гаврил элбэх оҕолоох дьиэ-кэргэн аҕа баһылыга. Дьиэ-кэргэн тэлгэһэттэн саҕалаан бары биир тыыҥҥа киирэн, үлэлээн-хамсаан, туран-олорон сэргэхтик олоруохтаах диэн санаанан оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн бииргэ сүбэлэһэн-амалаһан сылдьар сахалыы эйгэни үөскэтэр.
“Сыл бастыҥ спортсмена, общественнига” анал аат Руслан Иннокентьевич Жирковка туттарылынна. Кини нэһилиэк тарбахха баттанар спорт бэтэрээнэ, уопсастыбанньык. Хатастааҕы И.И. Захаров аатынан дуобат-саахымат кулуубун салайар. Бу кулууп төрүттэммит күнүттэн туппут тэтимин ыһыктыбакка куруутун үлэлиир түмсүүлэртэн биирдэстэрэ буолар. Хатас нэһилиэгэр 24 төгүл саахымакка, дуобакка күрэхтэһиилэри тэрийэн ыыппыт киһинэн буолар. Маны таһынан “Ныһый 2023” волейболга 21-с төгүлүн ыытыллар республикатааҕы күрэхтэһии тэрийээччитэ эмиэ кини. Ону таһынан, “Уһун үйэлэнии” инструктора. Чөл-чэгиэн олох туһатын этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан билбит буолан салайар, дьаһайар дьоҕурунан бэйэтин тула биир санаалаахтарын мунньар. Руслан Иннокентьевич тулатыгар куруутун хамсаныы-имсэнии, кэлии-барыы, сэргэх буолар.
“Спорка сыл бастыҥ мецената” диэн бочуоттаах анал аат Павлов Александр Михайлович – Хатас нэһилиэгин патриота, үлэһит үтүөтэ, салайааччы бастыҥа, нэһилиэккэ буолар бары тэрээһиннэргэ солбуллубат спонсор, спорт сайдыытыгар улахан өҥөлөөх, сыаналаммат кылааттаах киэн туттар, дорҕоонноох добун ааттаах убаастанар киһи.
Анал ааттары таһынан Хатас нэһилиэгин баһылыгын Бочуотунай грамотатынан учуутал Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын физкультурник учуутала Эдуард Николаевич Саввинов наҕараадаланна. Эдуард Николаевич нэһилиэккэ, куоракка буолар спортивнай күрэхтэһиилэр, тэрээһиннэр актыыбынай кыттааччыта. Эдэр дьоҥҥо куруук сүбэ-ама буолар ытыктанар киһи. Маны таһынан Хатастааҕы норуот театрын биир чаҕылхай артыыһа, сорсуннаах булчут, балыксыт.
Дьэ, ити курдук ааспыт сыл тиритэ-хорута үлэлээбиттэр, дьаныардаахтык дьарыктаммыттар, сыалларын-соруктарын ситиспиттэр нэһилиэк Бочуотун кинигэтигэр киирдилэр. Үүммүт сылбыт Оҕо сылыгар анаммыт курдук “Азия оҕолорун” оонньуута буоларынан, өйбүтүгэр-санаабытыгар хаалыа турдаҕа. Бу киэҥ далааһыннаах улахан күрэхтэһиини көрсө Хатастааҕы 7 нүөмэрдээх спортивнай оскуола киэҥ уораҕайа үлэҕэ киирэн чөл-чэгиэн олоҕу сэргээччилэр дьарыктанар, эрчиллэр, туруктарын тупсарар кыахтаныахтара диэн бүк эрэнэбит.
Наталья РУФОВА, Хатас.