Тулуур, дьулуур үтүө холобура
“Сунтаардар маҥан баттахтара эмиэ кэлбит эбит, дьэ сэрэниҥ эрэ” диэн оонньуу-күлүү хабааннаах кэпсэтии Саха сирин национальнай остуол оонньууларын (хабылык, хаамыска) зона, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах араас күрэхтэһиилэригэр бу кэнники кэмҥэ үгүстүк иһиллэр буолбут эбит.
Ити, саха национальнай төрүт остуол оонньууларыгар биһиги улууспут сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнин Николай Егоров туһунан күлэ-оонньуу кэпсэтэр быһыылара. Кырдьык, биһиги 80 сааһыгар чугаһаабыт аксакалбыт ардыгар өрөспүүбүлүкэ бэтэрээннэригэр чахчы “гроза” буолуталаан ылар. 80 сааһын аанын аһара бу чугаһаан сылдьар Николай Николаевич суол аһыллан, араас күрэхтэһиилэргэ бараары-кэлээри дьэ кырдьык, кычыкылана аҕай сылдьар.
Буолумуна, кини бу кэнники сылларга Саха сирин төрүт национальнай оонньууларыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин успуордун маастарын нуорматын кыл-мүччү “куоттаран” иһэрэ, төһө кыһыылааҕын тустаах эрэ билэн эрдэҕэ.
Дьэ, ити курдук Николай Николаевич араас күрэхтэһиилэри долгуйа кэтэһэр. “Төхтүр тэптэҕинэ” ытыктабыллаах биир дойдулаахпыт баҕа санаатын чыпчаала буолбут баҕатын толорон, бэтэрээннэргэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин успуордун маастара буоллар ханнык диибит. Онно биһиги киһибит дьулуура, тулуура толору эппиэттэһэр.
Николай Николаевич успуорка ситиһиилэригэр остуол национальнай оонньууларын улуустааҕы федерациятын бэрэссэдээтэлигэр Таисия Егоровна Ксенофонтоваҕа махтала улахан.
Этэҥҥэ буоллахпытына, аны лоп курдук биир сылынан успуорт бэтэрээнин Николай Егоров олоҕун дьикти түгэннэриттэн кэпсии түһүөхпүт этэ. Кини орто оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитэ эмиэ уратылаах, оччотооҕу кэмҥэ диэтэххэ, сахалартан эмиэ биир сэдэх үрдүк үөрэхтээх эбит. Суот-учуот үлэтигэр үлэлии сылдьан били, “четырехзначнай таблицаны” төбөтүгэр тутара. Кыраккыыны эмиэ быраҕан кыыралдьытар эбит. Аны икки атаҕынан сэргэ хаампат буола ыалдьан баран, хайдах санаатын күүһүнэн, дьулуурунан, тулуурунан мээнэ киһи ситэн сэргэстэһэ хаампат сыыдам киһитэ буолбутун о.д.а. тустарынан…
Борис НИКОЛАЕВ.
Сунтаар.