Сонуннар

Николай Петров кэриэһигэр оҕолор тустуулара

Ахсынньы 15 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун киинигэр Аллараа Бэстээх «Парус» успуорт уораҕайыгар Майа спортивнай оскуолатыгар өр сылларга тренеринэн үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбит, Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй култуураҕа уонна успуорка туйгуна, көҥүл тустууга уонна самбоҕа спорт маастарыгар кандидат Николай Гаврильевич Петров төрөөбүтэ 65 сылыгар анаммыт оҕолорго көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас турнир үрдүк таһымнаахтык ааста.

Күрэхтэһиигэ 2011 с.т. аллараа саастаах оҕолорго биирдиилээн бастыыр иһин өрөспүүбүлүкэ 11 улууһуттан 320-чэ тустуук оҕо кытынна. Сүрүн тэрийээччилэринэн В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын кэлэктиибэ буолла.

Күрэхтэһии үөрүүлээх арыллыытыгар Майа тыа сирин түөлбэтин баһылыга Алексей Иннокентьевич Неустроев, Николай Гаврильев Петров кэргэнэ Виктория Петровна Петрова, Василий Петрович Уваров аатынан Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спортивнай оскуола дириэктэрэ Дьулустан Иванович Захаров уонна бүгүҥҥү өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас турнир сүрүн судьуйата Константин Егорович Колесов эҕэрдэ тыл эттилэр.

Күрэхтэһии сытыы киирсиилээх, чаҕылхай хапсыһыылаах, ыһыылаах-хаһыылаах, биир кэм саала иһэ ньиргийэн олордо.

Тыҥааһыннаах киирсиилээх түмүктэринэн кыайыылаахтар:

22 киилэҕэ: 1 миэстэ – Осипов Никита, Хатас; 2 миэстэ – Николаев Дьулуур, Чурапчы; 3 миэстэ – Титов Ваня, Тумул; 3 миэстэ – Аргунов Айтал, Майа.

24 киилэҕэ: 1 миэстэ – Сутаков Даниел, Алтан; 2 миэстэ – Охлопков Алтын, Майа; 3 миэстэ – Постников Дамиан, Хатас; 3 миэстэ – Марков Ганя, Тумул.

26 киилэҕэ: 1 миэстэ – Неустроев Айаар, Дьокуускай; 2 миэстэ – Белолюбскай Андрей, Дьокуускай; 3 миэстэ – Николаев Аман, Алтан; 3 миэстэ – Афанасьев Руслан, Хаҥалас.

28 киилэҕэ: 1 миэстэ – Егоров Данил, Өймөкөөн; 2 миэстэ – Вензель Вася, Амма-Өймөкөөн; 3 миэстэ – Потапов Еремей, Амма; 3 миэстэ – Сергеев Диас, Дьокуускай.

30 киилэҕэ: 1 миэстэ – Диодоров Валера, Чурапчы; 2 миэстэ – Башарин Александр, Дьокуускай; 3 миэстэ – Массаев Аман, Дьокуускай; 3 миэстэ – Винокуров Александр, Өймөкөөн.

32 киилэҕэ: 1 миэстэ – Карпов Марат, Амма; 2 миэстэ – Моякунов Саян, Дьокуускай; 3 миэстэ – Жирохов Даниил, Дьокуускай; 3 миэстэ – Терехов Егор, Чурапчы.

35 киилэҕэ: 1 миэстэ – Кузьмин Кирилл, Хара; 2 миэстэ – Иванов Олег, Чурапчы; 3 миэстэ – Докторов Эрсан, Чурапчы; 3 миэстэ – Флегонтов Василий, Дьокуускай.

38 киилэҕэ: 1 миэстэ – Петров Вадим, Дьокуускай; 2 миэстэ – Мегин Иван, Дьокуускай; 3 миэстэ – Петров Тимур, Дьокуускай; 3 миэстэ – Федосеев Ерлан, Чурапчы.

42 киилэҕэ: 1 миэстэ – Аввакумов Дьулус, Таатта; 2 миэстэ – Скрябин Соломон, Дьокуускай; 3 миэстэ – Туркменов Эмир, Дьокуускай; 3 миэстэ – Яковлев Марат, Чурапчы.

44 киилэҕэ: 1 миэстэ – Ксенофонтов Саян, Марха; 2 миэстэ – Кириллов Адам, Уус-Алдан; 3 миэстэ – Карменко Даниель, Хатас; 3 миэстэ – Игнатьев Дамир, Майа.

48 киилэҕэ: 1 миэстэ – Парников Алеша, Нам; 2 миэстэ – Максимов Эрнест, Дьокуускай; 3 миэстэ – Сариев Ильдар, Хатас; 3 миэстэ – Охлопков Давид, Дьокуускай.

50 киилэҕэ: 1 миэстэ – Мохначевскай Сергей, Майа; 2 миэстэ – Окороков Святослав, Амма; 3 миэстэ – Стручков Арылхан, Тумул; 3 миэстэ – Илларионов Вадим, Дьокуускай.

55 киилэҕэ: 1 миэстэ – Баишев Егор, Аллараа Бэстээх; 2 миэстэ – Сметанин Айтал, Дьокуускай; 3 миэстэ – Афанасьев Алгыстаан, Майа;

60 киилэҕэ: 1 миэстэ – Смородников Александр, Дьокуускай; 2 миэстэ – Андросов Павел, Таатта; 3 миэстэ – Залегаев Артем, Чурапчы; 3 миэстэ – Рахматжонов Иномхожа, Дьокуускай.

60 киилэттэн үөһээ: 1 миэстэ – Тимофеев Леонид, Нам; 2 миэстэ – Слепцов Богдан, Таатта; 3 миэстэ – Тирон Илья, Дьокуускай; 3 миэстэ – Петров Эрсан, Хара.

Кыайыылаахтар бары мэтээллэринэн, грамотанан наҕараадаланнылар.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун аҕа баһылыгын солбуйааччыта Василий Валерьевич Филиппов анал бириистэри туттарда. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас улууһун аҕа баһылыга Дмитрий Иванович Тихонов олохтообут «Бастыҥ тустуук» анал аат хаһаайына Кузьмин Кирилл (Хара спортивнай оскуолатын иитиллээччитэ) буолла.

Майа тыа сирин түөлбэтин баһылыга Алексей Иннокентьеич Неустроев олохтообут «Кэскиллээх тустуук» анал ааты Осипов Никита (Хатас орто оскуолатын үөрэнээччитэ) ылла.

Бу күрэхтэһии эдэр, үүнэн иһэр ыччаттарбытыгар инникитин өссө күүскэ дьаныһан дьарыктаналларыгар, салгыы сайдалларыгар төһүү тирэх буолуо диэн бигэ эрэнэбит.

Күрэхтэһиини тэрийээччилэр ааттарыттан “Парус” спортивнай комплекс коллективыгар, Николай Гаврильевич дьиэ-кэргэнигэр, аймахтарыгар, доҕотторугар уонна араас сылларга эрчиллибит махталлаах үөрэнээччилэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!

Светлана ЕФИМОВА.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

242835
Бүгүн : 225