Чаҕылхай ситиһиитэ – үйэҕэ умнуллубат!
Хомойуох иһин, кини олоҕо олус кылгас… Ол эрэн, кини кылгас кэмҥэ олорбут олоҕо, чаҕылхай ситиһиитэ Саха сиригэр, төрөөбүт улууһугар, чугас доҕотторугар умнуллубат үтүө өйдөбүллээх.
Бүгүн кэпсиир киһим, 1980-с сылларга көҥүл тустуу баһырхай кыайыыларын ситиспит, Аан дойду, Европа уонна ССРС көбүөрдэригэр элбэх көлөһүнүн тохпут, сылба-сыратын биэрбит, олус сэмэй, өрүү мичээр аргыстаах Иннокентий Николаевич Зырянов буолар.
Кеша 1958 сыллаахха сэтинньи 14 күнүгэр Нам оройуонун биир саамай кэрэ айылҕалаах Үөдэй нэһилиэгэр, элбэх оҕолоох Зыряновтар дьиэ кэргэттэригэр бэһис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кеша аҕата – Николай Егорович сааһын тухары дьөһөгөй оҕотун өрө тутан, дьон ортотугар бэйэтин улаханнык биллэрбэккэ, аҕыйах саҥалаах Ньукулайы мин уулуссанан ааһан иһэн элбэхтик көрөр этим.
Ньукулай эдэр сылдьан, нэһилиэгиттэн биир бастакылар ахсааннарыгар киирэн, ат сүүрдээччинэн биллибитин аҕам саастаах кэпсээннэриттэн истэр этим. Кэлин ат баайааччынан ыһыахтарга уонна оройуоҥҥа биллибитэ. Ньукулай кэлин сылгыһытынан үлэлээн, ат тэһиинин ыһыктыбакка барбытын өйдүүбүн. Онтон Кеша ийэтэ – Соловьева Вера Максимовна эмиэ сааһын тухары хороҕор муостаах үрүҥ илгэтиттэн илиитин араарбакка үлэлээбитэ. Хатыҥыр, кыра дьарамай уҥуохтаах,холку майгылаах Кеша ийэтин үгүстүк дьиэтин тэлгэһэтигэр көрөр этим.
Үөдэй нэһилиэгэ сылын ахсын сааскы уу халааныгар барар буолан, дэриэбинэ дьиэлэрэ үрдүк сирдэри, кырдаллары батыһан олороллоро. Онтон уулуссата биир субурҕай суолунан муҥурданан, соҕуруу уһугуттан хоту уһугар диэри 3,5 км курдугу хааман, ким ханна олорорун үксүлэрин билэр этим.
Кеша кыра сааһыттан олус сымса уонна имигэс буолан, ордук оскуола уруоктарын быыһыгар, көрүдүөргэ сүүрэн-көтөн мэниктиир оҕолортон, өрө мөхсөн тустан бырахсалларын, оччолорго Петр Романович Ядреев уонна Ф.А. Соловьев бэлиэтии көрбүттэрэ. Федот Архипович хас биирдии оҕону үөрэтэригэр барыларын илиилэрин-атахтарын тутан-хабан, аҕыйах оҕону бэлиэтээбитэ. Олор истэригэр кып-кыра уҥуохтаах, олус түргэн хамсаныылаах, сымса, сылбырҕа уонна өрө кэдэйэринэн имигэс систээх Кеша Зырянов киирбитэ. Ити кэмнэргэ республиканы хамсаппыт, ырыаҕа-хоһооҥҥо биллибит тоҕус томтордоох Чурапчы интернат-оскуолатыгар саҥа оҕолору талбыттара. Бу талыллыбыт оҕолорго Кеша Зырянов уонна Миша Татаринов барбыттара.
Мин Кешаны өссө оройуон оскуолаларын күрэхтэһиитигэр көрөр этим. Онтон чугастык кинини Чурапчыга үөрэнэр кэмнэриттэн, 1973 сылтан билбитим. Куруук үөрэн мичилийэ сылдьар сэбэрэтэ харахпар бу көстөн кэлэр. Хомустаах оскуолатын биэчэригэр “Чурапчы уолаттара” кэлбиттэрин истэн, уруккуттан билсэр дьон курдук дорооболоһор этибит. Кинини кытта Чурапчыга бииргэ үөрэнэр уолаттара Миша Татаринов уонна Юра Силин арыаллаан кэлэллэрэ. Ол саҕаттан, Кеша хайыы-үйэ оҕолорго республика чемпиона буолан, жетонун түөһүгэр кэтэ сылдьарын бэлиэтии көрөн сөхпүтүм. Кеша миигиттэн икки сыл балыс буолан, көрүстэҕинэ: “Оо, убайым”, – диэн үөрэ көрсөрө.
Мин аармыйаҕа барар сылбар сайын Үөдэй “Улахан Арыытыгар” бииргэ оттообуппут. Олус үлэһит, туохха барытыгар сыстаҕас буолан, ол сайын бэркэ тапсан үлэлээбиппит.
Кеша тустууга чаҕылхай ситиһиитин Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы сылдьан көрдөрбүтэ. Ол курдук, ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин үс төгүллээх чемпиона буолан, уон үс сыл анараа өттүгэр, биир нэһилиэгиттэн аҕа табаарыһа Максим Максимович Тихонов туйаҕын аһары куоһарбыта. Аармыйа спортивнай кулуубун кииниттэн (ЦСКА) үс саха уолаттара: Иннокентий Зырянов, Григорий Христофоров уонна Алексей Диодоров – Сахабыт сирин ааттатан Европа дойдуларын куораттарын турнирдарыгар ситиһиилээхтик кыттыбыттара.
Кеша 1980 сыллаахха ССРС чемпионатыгар кыттан пьедестал үһүс үктэлигэр тахсан, кыайыы өрөгөйүн өссө бигэргэппитэ.
Кеша Москватааҕы государственнай физкультурнай институкка үөрэнэр сылларыгар Дьокуускайга таарыйан ааһара. Кэлин ыал буолан, Татьяна Николаевналыын Чурапчыга олорбуттара, икки уол оҕоломмуттара. Олоҕун бүтэһик сылларыгар тустуук буолбут интернат-оскуолатыгар, бэйэтин баай уопутун биэрэн оҕолору эрчийэн испитэ…
Ол гынан баран, олус ыарахан ыарыыга ылларан, хомойуох иһин, ити баҕатын толорбокко күн сириттэн хомолтолоохтук туораабыта. Кини көмүс уҥуоҕа Чурапчыга көмүллэн сытар.
Кеша аатын ааттатан, билигин элбэх оҕо тахсыахтааҕын мин саарбахтаабаппын.
1998 сыллаахха Чурапчыга бииргэ үөрэммит табаарыстарын үтүө холобурдарынан, кини аатынан кыра уолаттарга республика l-кы турнира ыытыллыбыта.
2000 сылтан төрөөбүт дойдутугар Эҥсиэли хочотугар кини аатынан XXV турниры, Иннокентий Николаевич бииргэ төрөөбүт быраата Николай Николаевич тэрийэн төрдүттэн ыытан көҕүлүүр. Быйылгы сыл ураты суолталаах, ол курдук, Иннокентий Николаевич Зырянов төрөөбүтэ 65 сааһа туолуутунан, ахсынньы 22 күнүгэр төрөөбүт Үөдэйигэр былааннаатылар. Ол курдук, көҥүл тустуубут инники кэскилэ Нам улууһугар сайдарыгар, Кеша Зырянов курдук сылбырҕа, имигэс, кини чаҕылхай тустуутун санатар уолаттары биһиги эрэнэ күүтэбит!
Анатолий СОФРОНОВ – Онтуон. Нам.