Ааҕааччы тустууну олох көрөн олорорун курдук ылыннарыылаахтык суруйара
Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар олимпиецтары, тустууктары Егор Неймохов курдук тыл маастара, талааннаах суруналыыс, кэлин народнай суруйааччы буолбут киһи күүскэ сырдаппыта. Холобур, Иван Кычкин сахалыы, Вячеслав Степанов нууччалыы эрэ суруйаллара, арай, Егор Неймохов икки тылынан тэҥинэн суруйара да, саҥарара да. Ол оскуолаҕа, университекка туйгуннук үөрэммит буолан.
Егор Неймохов суруналыыстарга номоххо, кэпсэлгэ сылдьар. Ыстатыйатын барытын өйүттэн быһа машинисткаларга этэн биэрэн суруйтарара. Чопчу кээмэйинэн, бачча строка диэн. Онто тута наборга барара. Хаһан да кумааҕыга суруйбат этэ.
Егор Петрович Неймохов 1950 сыллаахха кулун тутар 30 күнүгэр Тааттыныскай (билиҥҥитинэн Томпо) оройуоҥҥа, Мэҥэ Алдаҥҥа күн сирин көрбүтэ. Дьиҥинэн, Кириэс Халдьаайы балыыһатыгар төрөөбүтэ. Саҥа төрөөбүт оҕону аҕата атынан өрүһү туораппыта. Ата ыран хаалан, дьонун өрүс ортотугар хаалларан, Мэҥэ Аллантан атын аты аҕалан дьиэтигэр тиэрдэр. Сэттэ уол оҕо төрөөбүтүттэн, соҕотох уол ордон төрөппүттэригэр сүрдээх күндү киһи этэ. Икки эдьиийдээх, икки балтылаах. Кыра сылдьан мунан дьонун ыксата сылдьыбыт. Ону хараҕа суох эмээхсин: ”Оҕо ытыы-ытыы ааһарын истибитим”, – диэн этэн, ол кини ыйбытынан көрдөөн, окко утуйа сытар оҕону булбуттар.
Начаалынай оскуоланы Мэҥэ Алдаҥҥа бүтэрэр, онтон салгыы Кириэс Халдьаайы оскуолатыгар үөрэнэр. Оҕо эрдэҕиттэн сүрдээх боччумнаах, атын оҕолор курдук мээнэ мэниктээбэт эбит. Учуутала перемена кэмигэр көрөн: ”Гоша, ыалдьаҕын дуо? Тоҕо сүүрбэккин-көппөккүн?”- диэн дьиктиргиэр дылы көрсүө эбит. Үөрэҕэр туйгун үөрэнээччи, общественник. Оскуолаҕа Учком бэрэссэдээтэлэ. Спорду оҕо эрдэҕиттэн сэҥээрэр, кыралаан тустан көрөр. Спорт сонунун оҕолорго тарҕатааччынан сылдьар. Кыра радиоприемнигынан истэр, хаһыаттары, чуолаан, ”Эдэр коммунист” хаһыаты ааҕар. Тустууктары ааҕа билэр. Петр Попову, Вячеслав Карповы кумир оҥостор. Оҕолорго анкета толорторор. Ким бастыай, диэн таайтарар. Кыргыттар биир да тустуугу билбэппит, ол иһин, ким үчүгэй дьүһүннээҕэр куоласпытын биэрэр этибит, диэн кэлин күлэллэрэ.
Оскуоланы бүтэрээт, тута университет устудьуона буолар. Саха салаатыгар сүрдээх кыахтаах, күүстээх группа үөрэммит эбит. Олортон икки наука доктора, профессордар: Г.Филиппов, В.Илларионов, икки народнай суруйааччы: Е.Неймохов, С.Попов-Сэмэн Тумат, Саха Республикатын үтүөлээх учуутала поэт Василий Босиков-Баһылай Босяк. Группа старостатынан Г.Филиппов, комсорунан саамай эдэрдэрэ Е.Неймохов буолбуттар. Комсорг этии киллэриитинэн, группаларын “Государство” диэн ааттаабыттар. Староста – президент, комсорг – генсек, ону таһынан үөрэх, культура, үлэ о.д.а. миниистрдэрэ диэн ааттанан, устудьуон олоҕун сүрдээх сэргэхтик, кэрэхсэбиллээхтик тэрийбиттэр. Наһаа эйэлээхтик, иллээхтик үөрэммиттэр. Гаврил Филипповтыын тустуу секциятыгар дьарыктаммыта, эрчиллибитэ.
Үөрэҕин бүтэрэн баран, Главлитка үлэлии сылдьыбыта да, олох сөбүлээбэккэ атын үлэҕэ барыан баҕара сырыттаҕына, айдаан тахсар. Дмитрий Дыдаев ”Өр сыллаах ахтылҕаным” кинигэтэ бэчээттэнэр. Онно ”Хара быраат хара убайыгар суруга” диэн хоһоон тахсан хаалан, аймалҕаны тардар. Ол кинигэни бэчээккэ көҥүллээн илии баттаабыта арыллар. Уурайаары сылдьан аахпакка да көҥүл биэрбит эбит. Онтон Наука академиятын Сибиирдээҕи отделениетын Саха сиринээҕи филиалыгар социология секторыгар младшай научнай сотруднигынан үлэҕэ киирэр. Кэлин наука доктора буолбут Ульяна Винокурованы кытта бииргэ үлэлиир. Аспирантураҕа целевой миэстэҕэ Новосибирскайга үөрэххэ ыытарга мэктиэлииллэр. Ону үҥсэн тохтоттороллор. Д.Дыдаев кинигэтин көҥүллээн таһаартарбыт, Б.Попов ”Таптал поэзията” диэн омсолоох кинигэни хайҕаан ыстатыйа таһаарбыт буржуазнай националист диэбиттэр. 70-с сылларга итинник дьаралыгы соччо туттубат кэмнэрэ этэ да, ол дьаралык Егор Петрович туһугар бэйэтин хараҥа дьыалатын оҥорбута. Наукаҕа барар суолун саппыта. Аспирантураҕа кини оннугар нуучча кыыһын ыыппыттара, онтулара үөрэнэн учуонай степенин көмүскээн баран, Саха сиригэр төннүбэтэҕэ. Ол курдук, сахалар бэйэ-бэйэбитин үҥсүһэн анал миэстэттэн маттахпыт. Ол кэнниттэн филиалтан уурайан, ”Эдэр коммунист” хаһыакка үлэҕэ киирэр. Спортивнай суруналыыс быһыытынан биллэр.
1976 сыллаахха ыам ыйыгар Одессаҕа буолбут ССРС көҥүл тустууга чемпионатыгар барар. Онно үс уолбут чемпион буолалларын көрөр чиэскэ тиксэр. Ол туһунан ”Одесса түһүлгэтин дуорааннара” диэн хас да балаһанан ыстатыйаны ”Эдэр коммунист” хаһыакка суруйар. Ол хаһыаты атыылаһаары дьоннор киоскаларга эрдэттэн уочараттыыллар этэ. 70-с сыллар саха норуотугар үс олимпиеһы бэлэхтииллэр. Кинилэри биллиилээх, талааннаах суруналыыстар Иван Кычкин, Егор Неймохов, Вячеслав Степанов уо.д.а. хаһыаттарга сырдаталлар.
Егор Петрович уран тыл маастара, тустууну олох көрөн олорор курдук суруйан ааҕааччыларга киэҥ сэҥээриини ылар, ”Лучший дебют года”, “Кыһыл көмүс бөрүө” бириэмийэлэр лауреаттара. Ол кэннэ кинини ”Хотугу сулус”, “Полярная звезда” холбоһуктаах редакцияларыгар отдел сэбиэдиссэйинэн үлэҕэ ылаллар, кэлин кылаабынай редакторы солбуйааччынан үлэлээбитэ. Онтон эдэр кэскиллээх үлэһити ССКП обкомугар инструкторынан аныыллар. Спорка үлэлэспит кэмнэрэ ”Хапсыһыы” диэн сэһэни суруйарыгар сүрүн тирэх буолбута. Олимпиецтары, улуу тренер Дмитрий Петрович Коркины кытта доҕордуу сыһыаннаах этэ.
Олимпийскай чемпион Павел Пинигин ”Олимпаҕа айан” кинигэтин литературнай суруйуутун оҥорбута. Д.П. Коркин туһунан ”Тустууга анаммыт олох” кинигэни Д.Эверстовтыын суруйбуттара. Дмитрий Петрович көрдөһүүтүнэн Эверстовы кыттыһыннарбыта. Е.Неймохов Коркин олоҕун туһунан, Д.Эверстов тустууга үөрэтэр ньымаларын туһунан суруйбуттара. Кинигэлэрин суруйарыгар Дмитрий Петровиһы кытта наар сүбэлэһэр этэ. Ол курдук, омсолоох герой Доргуевы маҥнай Барашков диэн ааттаабытын, Коркин уларыттарбыта. ”Чурапчыга Барашковтар элбэхтэр, хайалара буоллаҕай диэн таайа сатыахтара”, – диэбитэ.
”Хапсыһыы” диэн сэһэн аата дириҥ өйдөбүллээх. Бииринэн көбүөргэ хапсыһыы, тустуу. Иккис өттүнэн, олоххо хапсыһыы, эдэр тустууктар олоххо бэйэлэрин киһи быһыытынан сайдыыларын, тургутууну ааһалларын туһунан. Егор Петрович кэлин ыарытыйар буолан эҥин, спортан тэйбитэ. Арай, олоҕун тиһэх сылыгар аатырбыт тустуук Вячеслав Карпов “Ат өрөҕөтүнэн, уорҕатынан олох” кинигэтин доҕорун тылын быһа гыммакка литературнай суруйуутун оҥорбута. Ороһооспо өрөбүллэригэр Вячеслав Павлович магнитофоҥҥа кэпсээн биэрбитин тута компьютерга бэчээттээн, көннөрөн суруйбута. Петр Попов кинигэтин эмиэ литературнай суруйуутун оҥорбута. Ол курдук, доҕотторугар наар көмөлөһөр этэ, биир кэппиэйкэни ылбакка, босхо, сүрүн үлэтин быыһыгар. ”Хапсыһыы” сэһэнин режиссер В.Фомин Саха театрын сценатыгар туруорбута ситиһиилээхтик барбыта. Сырыы аайы тобус толору заалга. Спорт тематыгар бастакы уонна соҕотох спектакль буолбута.
Хаһыакка элбэхтэ суруйара. Биир нүөмэргэ хас да ыстатыйата киирэн, сорох ардыгар ол ыстатыйалара “Е.Петров”, “Н.Егоров” диэн ааттарынан тахсара. Кириитикэлээн эмиэ суруйара. В.Карповы арыгы иһэрин кириитикэлээн ”Аҥара Таҥара маһа, аҥара күрдьэх маһа” диэн ааттаах ыстатыйа таһаарбыта. Вячеслав сүрдээҕин хомойбут этэ. Оччолорго ”Эдэр коммунист” хаһыат редакцията Курашов уулуссаҕа баара. Аттыгар норуокка ”Мордобойка” диэн ааттаммыт остолобуой баар этэ. Өссө Карпов онно наар сылдьарын иһин, “Карпов аатынан остолобуой” диэбиттэр этэ. Кыһыл арыгы атыыланар буолан, дьон хамаҕатык сылдьар, иһэр-аһыыр сирдэригэр кубулуйбута. Биирдэ Дьөгүөр редакцияҕа соҕотоҕун үлэлии олордоҕуна, улахан холуочук Вячеслав киирэн кэлбит: ”Неймохов ханнаный?” – диэбитинэн. Ону ”Неймохов суох, барбыта”, – диэн хоруйдаабыт. Хата, дьүһүнүнэн көрөн билбэт буолан абыраммыт. Ол аата, кырбыы, аахса киирбит эбит. Онтон кэлин билсэн, доҕордоһон баран, Егор Петрович доҕорун өйдөөбүтэ уонна сааһыран олорон бырастыы гыннаран суруйбута…
Мария НЕЙМОХОВА.
Хаартыскаҕа: Егор Неймохов олимпийскай чемпион Павел Пинигини кытта.
“Дьулурҕан”, 2019 сыл сэтинньи 14 күнүнээҕи №-рэ.