Интервью

Юдзи Такада: “Саха тустууну таптааччылара сөхтөрдүлэр”

// Дьулурҕан архыыбыттан

Баары-баарынан эттэххэ, албан аатырбыт Юдзи Такада Дьокуускайга, көҥүл тустууга аан дойду Кубогар кэлбитин истэн, кинини кытта хара бастакыттан көрсүөхпүн баҕарбытым да, Үрдүкү спортивнай маастарыстыба оскуолатын дириэктэрэ Александр Игнатьев көмөтүнэн, саамай бүтэһик – төрдүс күҥҥэ көрсүбүтүм. Онно да, ыалдьыттарбыт ыгым сырыылаах буоланнар, бэрт кылгас кэмҥэ сэһэргэһэн ылбыппыт. Биһиэхэ тылбаасчытынан Япония тустууга федерациятын эппиэттээх үлэһитэ Татьяна Кога буолбута.

Атыттарга холоотоххо, дьоппуоннар дьиппиэннэр, кытаанахтар, мээнэ өрүкүйбэттэр, бастакы сэһэргэһиигэ аһыллан биэрбэттэр. Ити кинилэр омук быһыытынан уратылара. Син ол кэриэтэ, Такада мин ыйытыыларбар ордук хоһу эппэккэ – бэрт наҕыллык чопчу, кылгас хоруйдары биэртэлээтэ.

-Такада-сан, Саха сиригэр, Дьокуускайга кэлбиккинэн эҕэрдэ! Тустууга сыһыаннаах аҕыйах ыйытыыга хоруйдуургар көрдөһөбүн. Хас сааскыттан тустуунан дьарыккын саҕалаабыккыный?

-Уон биэс сааспыттан, Гумма префектуратын Оидзуми оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан тустууга эрчиллиибин саҕалаабытым. Бастакы тириэньэрим Кэйджи Номура, бэйэтэ хаһан даҕаны тустубатах киһи этэ. Салгыы, тириэньэр Такео Морита салалтатынан дьарыктаммытым. Кини көҥүл тустууга аан дойду чөмпүйүөнэ.

-Эн, саха тустууктарыттан Роман Дмитриеви уонна Александр Иванову кытта тустубуккун билэбит. Кинилэр тустарынан тугу этиэҥ этэй?

-Роман Дмитриев Мюнхеннааҕы Олимпиада чөмпүйүөнэ буолбутун билэбин. Ити 1972 сыллаахха этэ. Эһиилгититтэн кини 52 киилэҕэ күүһүн холоммута. 1974 сыллаахха Стамбулга (Турция) ыытыллыбыт аан дойду чөмпүйэнээтин финалыгар мин Романы бэрт кыранан баһыйан, 1:0 ахсаанынан хоппутум. Ити кэмҥэ кини аан дойдуга биллэр тустуук этэ, оттон мин улахан тустуубун саҥа саҕалаан эрэрим. Бу кыайыы миэхэ бэйэм күүспэр – күүс, кыахпар – кыах эппитэ.

Оттон Александр Иванову кытта иккитэ тустубутум. Бастакы көрсүһүүбүт Монреаллааҕы Олимпиада быһаарыылаах хапсыһыытыгар буолбута. Кини ураты тустар ньымалаах, кимиэхэ даҕаны маарыннаабат тустуулаах этэ. Онон тустуубут икки бастакы түһүмэҕэр мин сатаан киирсибэтэҕим, бааллынан хотторон испитим. Иванову кытта тустар наһаа ыарахан этэ. Тоҕо диэтэххэ, тустар тактикатын сырыы ахсын уларытан иһэрэ. Бүтэһик түһүмэххэ дьэ, бэйэм тустуубар киллэрэн, баалынан кыайыылаах тахсыбытым.

Иккис көрсүһүүбүт Олимпиада кэннинээҕи сыл Лозаннаҕа (Швейцария) аан дойду чөмпүйэнээтигэр этэ. Ол кэмҥэ бөҕөс көҕө суохтук тустар буоллаҕына, сэрэтии биэрэллэрэ. Иванов миигин кытта туста сылдьан үстэ сэрэтиллэн, хотторбута. Итиннэ мин чөмпүйүөннээбэтэҕим эбитэ буоллар, тустуубун быраҕар санаалаах этим. Онон ити  кыайыы саҥа үктэллэргэ эрэли сахпыта.

-Мин билэрбинэн, эн көбүөргэ – икки төгүл тустууга күрэхтэһиигиттэн тэйэн баран төннүбүтүҥ…

-Дьиҥэ, тустарбын хаһан даҕаны тохтоппотоҕум. Москватааҕы Олимпиадаҕа кыттыахпын, Япония хамаандата АХШ бэлиитикэтигэр сөбүлэһэн, 1980 сыллааҕы оонньууларга кэлбэтэҕэ. Ити кэмҥэ мин үчүгэй тустар таһыммар сылдьар этим. Өскөтүн кэлбитим эбитэ буоллар, кыайыыга эрэллээх этим. Билэргит курдук, итиннэ Анатолий Белоглазов (ССРС) чөмпүйүөннээбитэ. Оттон мин кинини Олимпиада иннинээҕи сыл аан дойду чөмпүйэнээтигэр уонна Японияҕа ыытыллыбыт турнирга кыайталаабытым.

-Бээрэ, Анатолий Белоглазовы кытта көбүөргэ хаста көрсүбүккүнүй?

-Үстэ. Сирэй көрсүүбүт ахсаана 2:1, мин туспар (1978 сыллаахха Мехикоҕа аан дойду чөмпүйэнээтигэр кини утары албаска түбэһэн ыраастык хотторбута. Кэлин Анатолий билиммитинэн, ити хапсыһыыга Александр Иванов сүбэтинэн, дьоппуону “миэлиҥсэҕэ” түбэһиннэрбитэ.1979 сыллаахха Сан-Диегоҕа (АХШ) аан дойду чөмпүйэнээтигэр Такада ыраас кыайыыны ситиһэн, хотторуутун боруостаабыта. Оттон 1979 сыллаахха кыһын Японияҕа буолбут улахан турнирга Такада – Белоглазовы 13:3 (!) ахсаанынан эрэллээхтик кыайбыта. Онон Юдзи этэрэ оруннаах – П.П.).

-Такада-сан, эһиги Дьокуускайга бастакы кэлиигит. Туох санаалар үөскээтилэр?

-Тымныы. Барыта үрүҥ хаар (кулун тутар 16-17 күннэрэ, таһырдьа 10-15 кыраадыс тымныы – П.П.). Ол гынан баран, маннааҕар өссө тымныы буолуо дии санаабытым. Саха сиригэр кэлиэм аҕай иннинэ билэр дьонум үксэ, эһиги дойдугутун наһаа тымныы диэбиттэрэ.

Сотору кэминэн Дьокуускайга аан дойду тустууга чөмпүйэнээтэ ыытыллыан сөп диэн иһиттим, онон барыта этэҥҥэ буоллаҕына, өссө төгүл кэлэ сатыаҕым.

-Оттон күрэхтэһии туһунан тугу этиэҥ этэй?

-Күрэхтэһии тэрээһинэ үрдүк. Мин ордук трибунаҕа олорор тустууну таптааччылартан сөхтүм. Тустууну билэллэрэ, ханна-туох балаһыанньаҕа сөптөөх сыана биэрэллэрэ тута көстөр. Биһиэхэ, Японияҕа итинник буолбатах. Көрөөччүлэр тустууну улаханнык өрө күүрбэккэ олорон көрөллөр. Хаһыытаабаттар-ыһыытаабаттар. Саҥата суох көрөллөр.

Эһиги көрөөччүлэргитигэр махтанабыт! Кубокка дьоппуон тустууктарыгар ыалдьыбыттарын, кинилэри өйөөбүттэрин иһин.

-Дьокуускайга кэлэн билэр дьоҥҥуттан кимнээҕи көрүстүҥ?

-Монреаллааҕы Олимпиада финалыгар тустубут утарсааччым Александр Иванову кытта көрүстүм. Кини миэхэ бэйэтин өйдөбүнньүк бэлэҕин туттарда. Итиэннэ иллэрээ сыл биһиэхэ, Японияҕа кэлэн анал үөрэтэр-эрчийэр түмсүүгэ кыттыбыт тириэньэрдэри уонна тустууктары кытта көрүстүм (сэһэргэһээччим хоруйун ситэрэн биэрдэххэ, ити сырыыга Саха сирин хамаандата Юдзи Такада ыҥырыытын ылынан, кини үлэлиир университетын тустууга саалатыгар эмиэ эрчиллиигэ кыттыбыта – П.П.).

-Япония хамаандата Кубокка кыттыытын хайдах сыаналыыгыный?

-Хомойуох иһин, Кубокка сорох күүстээх тустууктарбыт кыттыбатылар. Холобур, аан дойду чөмпүйүөнэ Такута Отогуро, оттон аан дойду чөмпүйэнээтин призера Юха Фуджинами манна хамаанданы кытта кэлсибитэ эрээри, кыра эчэйиилээх буолан көбүөргэ тахсыбата. Манна сыһыары тутан эттэххэ, аан дойду чөмпүйүөнэ Юки Такахаши, Отогуро уонна Фуджинами – үһүөн мин устудьуоннарым, Яманаси университетыгар үөрэнэллэр. Кинилэр – Токиотааҕы Олимпиадаҕа биһиги саамай улахан эрэллэрбит.

-Такада-сан, билигин тугу үлэлиигиний?

-Яманаси университет профессорабын. Ону тэҥэ, Национальнай олимпийскай кэмитиэккэ үлэлиибин, Япония тустууга федерациятын толорооччу дириэктэринэбин.

Дьиэ кэргэнин туһунан этиэҥ дуо?

-Кэргэннээхпин, уол уонна кыыс оҕолоохпун. Кинилэр билигин бэйэлэрэ ыаллар.

Петр ПАВЛОВ.

“Дьулурҕан” хаһыат 2019 сыл муус устар 18 күнүнээҕи №-рэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253185
Бүгүн : 43