Спорт маастарынан 17 сааһыгар буолбута
Иннокентий Баишевы мин, көҥүл тустууга Сэбиэскэй Сойуус спордун маастарын нуорматын эдэр сааһыгар толорбут уонна ити дьулуспут аатын тутатына ылбыт бөҕөһүнэн ааттыыбын. Баҕар, бэйэм көлүөнэм уонна кини тустуута хараҕым ортотугар ааспыт буоланнар, итинник чугастык саныырым буолуо. Оччолорго, Василий Уваров тириэньэрдээх Майатааҕы спорт оскуолата – өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥ көрдөрүүлээх оскуола этэ.
1982 сыл. Дьокуускайга үгэс быһыытынан көҥүл тустууга спорт маастарын нуорматын толоруулаах Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бирииһигэр Бүтүн Сойуустааҕы турнирга Иннокентий Баишев 48 киилэҕэ тэҥнээҕин булбатаҕа, бастакы миэстэҕэ тахсыбыта. Ол күрэхтэһии өссө биир уратытынан, уон ыйааһынтан, көбүөр хаһаайыттара биир эрэ кыһыл көмүс мэтээли тутан хаалбыттара, ол – Иннокентий Баишев. Уоннааҕы ыйааһыннарга ыалдьыттарбыт монголлар кыайбыттара. Өссө 57 киилэҕэ тувин Анатолий Карасал бастаабытын өйдүүбүн. Бу күрэхтэһиигэ этэ дии, кэлин биллиилээх бөҕөс буола үүммүт Михаил Корякин уонна Михаил Протопопов – спорт маастарын нуорматын толоруулара.
Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына, Кеша Баишев кыраһыабай тустуута, көбүөргэ ситиһиитэ элбэх уолу спорт бу көрүҥэр күөттээбит, абылаабыт буолуохтаах. Кини аата хаһыаттарга, араадьыйаҕа элбэхтэ иһиллэрэ.
Бээрэ, Иннокентий спорка олоҕун сэгэтэн көрүөх эрэ.
Бастакы кыайыыттан көтөллөнөн
Мин кинини, Майаттан үүнэн-сайдан тахсыбытын иһин, Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх дии саныырым. Киһим олох да, Өлүөхүмэ Баишевтарыттан тардыылаах эбит. Өссө бииргэ соһуйбутум диэн, Намҥа, Хатыҥ Арыыга төрөөбүт. Сэттэ саастааҕар дьоно Майаҕа көһөн кэлбиттэр. Онон Хара аҕыс кылаастаах оскуолатын үөрэнэн бүтэрбит. Онно үөрэнэ сылдьан, доҕотторун батыһан тустуу секциятыгар суруттарбыт.
Ити саҕана этэ дии, Монреаллааҕы Олимпиадаҕа Сэбиэскэй Сойуус көҥүл тустууга сүүмэрдэммит хамаандатыгар уон ыйааһынтан – үһүгэр саха тустууга кыһатын иитиллээччилэрэ: Роман Дмитриев, Александр Иванов, Павел Пинигин өрөгөйдөөх тустуулара. Бу ситиһии элбэх саха оҕотун спорка кынаттаабыта саарбахтаммат.
Иннокентий – Андрей Ноев, Иннокентий Колосов салалталарынан спорт бу көрүҥүн бастакы кистэлэҥнэригэр үөрэммитэ. Салгыы, Майа орто оскуолатыгар тиийэн, ССРС спордун маастардара Василий Уваровка, Василий Сидоровка эрчиллибитэ. Биир сыл дьарыктанаат, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун оҕолорго чөмпүйүөнэ буолар. Бу кыайыытын кини маҥнайгы ситиһиитинэн ааҕынар. Мантан көтөллөнөн аны Нальчикка ыытыллыбыт РСФСР үөрэнээччилэргэ спартакиадатыгар кыайыыны ситиһэр. Липецкэйгэ буолбут Арассыыйа “Урожай” спортивнай уопсастыбатын уолаттарга күрэхтэһиитигэр бастыыр. Бу ситиһиилэринэн Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэр.
17 саастаах спорт маастара
1981 сыллаахха Ригаҕа эдэрдэргэ ССРС Сэбилэниилээх Күүстэрин чөмпүйэнээтигэр дагестанец Тимур Гадисов кэнниттэн 48 киилэҕэ иккис миэстэни ылар. Карагандаҕа Сойуус эдэрдэргэ түһүлгэтигэр төрдүстүүр. Ити сыл Новосибирскайга Дальнай Восток уонна Сибиир зонатын кыайыылааҕынан буолар.
Бэйэтэ кэпсииринэн, ити Ригаҕа тустуутугар, хапсыһыы кэмигэр сыыһа хамсанан, сиһигэр улахан эчэйии ылан, биир сыл тустуутун тохтото сылдьыбыта. Онтон онус кылааһы бүтэрэр сылыгар, Дьокуускайга Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтин бирииһигэр Бүтүн Сойуустааҕы турнир ыытылынна. Эчэйии уонна биир сыллаах тохтобул кэнниттэн, тустуутун суохтаабыт, этэргэ дылы, “кыайыылартан аччыктаабыт” киһи бэйэтэ да соһуйуон иһин, бастакы миэстэни эрэллээхтик ылар. Ити күрэхтэһиигэ Сергей Ноговицыны (спорт маастара, соторутааҕыта бэтэрээннэргэ Арассыыйа икки төгүллээх чөмпүйүөнэ буолла) үс баалынан баһыйбыта. Быһаарыылаах хапсыһыыга Уус Алдантан бэтэрээн бөҕөс Гаврил Окоемовы хотон бастаабыта.
Манна кини туһугар өссө биири бэлиэтиэххэ сөп. Спорт ханнык баҕарар көрүҥэр маастар нуормалаах күрэхтэһиигэ кыайдыҥ да – маастар буолаҕын диэн буолбатах. Онно өссө докумуону толотторуохха, Москванан эргитиэххэ наада, этэргэ дылы, сүүрэр-көтөр, туруорсар киһилээх буоллаххына эрэ, тута ылыаххын сөп. Оттон сорохтор, маастар нуорматын толорон баран, ол бэлиэтин уонна дастабырыанньатын сылы-сылынан кэтэһэллэр, ардыгар олох да умнуллан хаалаллар.
Дьэ, бүгүн кэпсиир киһибит туһугар ити дьыала табыллан, кини маастарын бэлиэтин тута ылбыта. Онон дьоллоох спортсмен.
Олох киэҥ аартыгар үктэнии
Оскуола кэнниттэн тириэньэрэ Василий Петрович сүбэтинэн, Минскэйгэ, физкултуура институтугар туттарсан киирэр. Белоруссия Кубогар, Белоруссия устудьуоннарын оонньууларыгар бастыыр. Өссө Сойуус Универсиадатыгар 57 киилэҕэ пьедестал үһүс үктэлигэр тахсар. Салгыы тустуоҕун, медицинскэй кэтээн көрүү кэнниттэн сиһин эчэйиититтэн сылтаан, тустарын тохтоторго күһэллибитэ. Ити курдук, 1988 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн, төрөөбүт Сахатын сиригэр эргиллэн кэлэн, олоҕун аргыһын дойдутугар – Ньурба оройуонунааҕы оҕо спортивнай оскуолатыгар тириэньэринэн үлэтин саҕалаабыта. Манна алта сыл үлэлииригэр элбэх оҕону эрчийэн, күрэхтэһиннэрэн, тириэньэр үлэтигэр буспута-хаппыта. Алексей Мостахов сүбэтинэн, эдэр сааһын эргитэн, бэйэтин күүһүн хапсаҕайга тургутан көрбүтэ. Ол курдук, 1990 сыллаахха Манчаары спартакиадатыгар бэйэтин ыйааһыныгар үһүс бириистээх миэстэҕэ тахсыбыта. Өссө Выбор Быкалыров бирииһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи турнирга бастыы сылдьыбыта.
Салгыы дьиэ кэргэнинэн Дьокуускайга көһөн кэлэн, бастаан Милиция оскуолатыгар, онтон “Якутгазстрой” тэрилтэҕэ үлэлээн баран, 2013 сылтан М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет физическэй култуураҕа уонна спорка институтун доценынан үлэлиир. Өссө милиция оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, быраабы араҥаччылыыр сотрудниктар эт-хаан, күүс-уох өттүнэн сайдыыларыгар спорт национальнай көрүҥнэринэн дьарыктаныы туһатын туһунан научнай үлэни ситиһиилээхтик көмүскээн, педагогическай наука кандидатын аатын ылбытын итиэннэ милиция подполковнигар тиийэ үүммүтүн санатар тоҕоостоох.
Иннокентий куруук үөрэ-көтө, мичээрдии, эрэллээхтик кэдэччи туттан сыыдамнык хааман элэстэнэ сылдьарын көрдөхпүнэ, киһи санаата көтөҕүллэр. Сэмэй киһи. Кини дьону ол курдук сырдыкка, кэрэҕэ, ырааска угуйар буолан, устудьуоннары уһуйа сырыттаҕа. Оҕолор даҕаны бэйэлэрин уһуйааччыларыгар аҕалыы амарахтык сыһыаннаһаллар, киниэхэ дьолу, үтүөнү баҕараллар…
Петр ПАВЛОВ.