Сонуннар

Спорт маастара Константин Иванов кэриэһигэр

Иванов Константин Иванович 1963 сыл сэтинньи 18 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ үс оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Зинаида Константиновна Иванова (Апросимова) Мэҥэ Хаҥалас Суола Моорук нэһилэгиттэн төрүттээх. Саха тылын учууталынан үлэлээбитэ. Аҕата Иванов Иван Николаевич (Кылгас Сис) Үөһээ Бүлүү Дүллүкүтүттэн төрүттээх дэгиттэр спортсмен – оройуонун чиэһин сүүрүүгэ уонна хайыһарга 1961-1978 сс. диэри көмүскээбит. Идэтинэн болуотунньук этэ. Костя  Лида диэн эдьиийдээх, Дьулустаан диэн бырааттаах этэ.

Костя оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр спорт араас көрүҥүнэн дьарыктаммыта. Хайыһар, чэпчэки атлетика, сахалыы ыстаныылар, волейбол, баскетбол, футбол күрэхтэһиилэрэ кинитэ суох ааспат этилэр. Ити көрүҥнэртэн сахалыы ыстаныылары ордук сөбүлээн, 1979 сылтан үөрэнэр оскуолатын салалтатыттан кыра корпуһу көҥүллэтэн, ол корпус көрүдүөрүгэр киэһэ бииргэ үөрэнэр уолаттарын кытары дьарыктанар буолбуттара. Онно сылдьыбыт Павлов Степа диэн Кэбээйи Мукучутуттан, Гермогенов Миша диэн Ленскэй Бэтинчэтиттэн кэлбит математик уолаттартан 1981 сыл сааһыгар Үөһээ Бүлүү оройуонугар Миша куобахха, Степа уопсай түмүккэ, оттон Костя бэйэтэ ыстаҥаҕа бастаабыттара.

Ити сыл Костя Манчаары VIII оонньууларын оҕолорго үһүс призера, Бүлүү зонатын уолаттарга абсолютнай чемпиона буолбута. Константин Иванов 1992 сыллаахха сахалыы ыстаныыларга РСФСР спордун маастарын нуорматын толорбута. 1993 сыллаахха П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыахха куобахха 2-с миэстэни ылбыта, 2005 сыллаахха Дьокуускай куорат ветераннарга абсолютнай чөмпүйүөнэ буолбута.

Константин Иванов 11 туоска бастыҥ көрдөрүүлэрэ: кылыы – 39,89 м, ыстаҥа – 38,56, куобах – 34,20. Үс көрүҥ түмүгүнэн – 112 м 66 см. 7 туоска: кылыы – 25,70, ыстаҥа – 24, 20, куобах – 21,14 м.

Константин Иванович М.К. Аммосов аатынан Саха государственнай университетын педагогическай факультетын физкультурнай отделениетын бүтэрэн, физкультура учууталын уонна тренер идэлэрин ылбыта. Тренер быһыытынан олус киэҥ, дириҥ билиилээх, иитиллээччилэрин эргиччи сайыннарар буолан, оҕолоро атах эрэ оонньуутугар буолбакка, атын көрүҥнэргэ эмиэ ситиһиилэнэллэрэ. Ол курдук, кини дьарыктаабыт сиэн быраата Николай Семенов 2002 сылга атах оонньуутугар СР спордун маастарын нуорматын толорбута, хапсаҕайга Саха сирин биир саамай күүстээх маастара буолбута. 2006 сылтан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри Дьокуускайдааҕы П.П. Романов аатынан художественнай училищеҕа физическэй культура преподавателинэн үлэлээбитэ. Художественнай училище республика орто үөрэҕин кыһаларын спартакиадатыгар бириистээх миэстэттэн түспэт этэ.

Итини таһынан кэргэнин Арина Иванованы (Мординованы) дьарыктаан, 1991 с. Арина Дьокуускай куорат армрестлиҥҥэ (хары баттаһыы) чөмпүйүөнэ буолбута, Саха сирин чемпионатыгар 2-с миэстэни ылбыта. Константин Ариналыын икки кыыс, биир уол оҕолоохтор. Арина Трофимовна идэтинэн быраас.

Бу дьыл сэтинньи 18 күнүгэр – Константин Иванов төрөөбүтэ лоп курдук 60 сылыгар – Үөһээ Бүлүүгэ “Үс Хоһуун” стадион манеһыгар К.Иванов сырдык кэриэһигэр сахалыы ыстаныыларга өрөспүүбүлүкэтээҕи аһаҕас турнир аан бастакытын ыытылынна. Бу турниры тэрийэр идея сахалыы ыстаныылар уонна чэпчэки атлетика ветераннарын «Кынат-Мастер» спортивнай кулууптарын салалтатыгар кэлбит.

Манна  даҕатан эттэххэ, Константин Иванов ити спортивнай кулуубу 2004 сылга тэриллиэҕиттэн 2010 сылга күн сириттэн соһуччу күрэниэр диэри салайбыта. Ити кулууп кыттыылаахтара Константин үлэтин салҕаан, республика иһигэр эрэ буолбакка Россия үрдүнэн элбэх күрэхтэһиилэргэ кытталлар, рекордтары туруораллар уонна регистрациялыыллар.

Аҕам саастаахтарга 35-тэн 75 сааска диэри  сааһынан биир ситимнээх классификация оҥорон, “Сахаада-Спорт ассоциация” сахалыы ыстаныыларга спордун маастарын нуормаларын олохтообуттар. Балтараа сыл иһигэр 55 саастаах уонна онтон аҕа 12 спорт ветерана маастар буолбут. Бу турниры куоракка сөптөөх ыытар сири булбакка, Константин төрөөбүт оройуонун спордун управлениетын салалтатыгар тахсыбыттар уонна сыыспатахтар. Управление начальнига Егор Алексеевич Николаев, солбуйааччыта Михаил Иванович Яковлев уонна инструктор-методист Николай Васильевич Софронов бэртээхэй идеяны хабан ыланнар, кылгас кэм иһигэр тэрээһин уустук үлэтин ыыттылар. Егор Алексеевич күрэхтэһиини бэйэтэ салайан ыытта. Николай Васильевич күрэхтэһии сүрүн судьуйатынан үлэлээтэ. Оттон Михаил Иванович – сүрүн сэкирэтээринэн.

Турнирга уолаттар уонна кыргыттар саастарынан иккилии бөлөххө арахсан: 2009-2010 с.т. (2023 сылга 13-14 саастарын туолбут, эбэтэр туолар) уолаттар – 14, кыргыттар – 12; 2007-2008 с.т. (15-16 саастаах) уолаттар – 12, кыргыттар – 2 буолан кытыннылар. Ветераннар эмиэ 2 саастарынан бөлөхтөөхтөр: 45-54 саастаахтарга (1969-1978 с.т.). – 4 кыттааччы, 55 уонна онтон аҕа саастаах – 6 кыттааччы. Онон турнирга оруобуна 50 киһи кыттыыны ылла. Күрэхтэһии дьиэ иһигэр барбытынан даҕаны, оҕолор уонна ветераннар эрэ кытталларынан даҕаны 7-лии туоска ыытылынна. Ол аата, күрэхтэһээччилэр биир көрүҥҥэ биир холонууга сэттэтэ ойоллор. Оннук 3 холонуу бэриллэр, олортон туһааннаах көрүҥҥэ бастыҥ көрдөрүүлэринэн күрэхтэһэллэр. 3 холонууга биирдэ даҕаны табыллыбатаҕына кыттааччы ол көрүҥҥэ 0 да сурунуон сөп.

13-14 саастаах уолаттарга Арылхан Андреев (Ньурба) кылыыга – 24,43 м, ыстаҥаҕа 22,82 м, куобахха 19,75 м ыстанан, уопсай түмүккэ оруобуна 67 м ылан итэҕэтиилээхтик бастаата. Иккис миэстэҕэ Кэбээйиттэн Уйгун Саввинов, үһүскэ эмиэ Кэбээйиттэн Арылхан Иванов таҕыстылар. Кыра кыргыттарга Алина Капитонова (Бүлүү) кылыыга – 19,59, ыстаҥаҕа – 19,06, куобахха 15,07, үс көрүҥ түмүгүнэн 53,72 миэтир көрдөрүүлээх бастаата. Иккискэ Алена Егорова (Кэбээйи) таҕыста. Үһүс миэстэни Валентина Сачарысова (Ньурба) ылла.

2007-2008 с.т. уолаттарга Кэбээйиттэн Тимир Кейметинов бастаата. Көрдөрүүлэрэ: 24,08; 23,19; 20,47 уонна 67,74 м. Үөһээ Бүлүүттэн Сергей Иванов бэркэ киирсэн иккис миэстэҕэ таҕыста. Үһүс миэстэни Эльдар Гуляев (Кэбээйи) ылла. Итинник саастаах кыргыттарга Алгыстаана Чемчоева (Кэбээйи) бастаата. Көрдөрүүлэрэ: 17,39; 17,77; 13,96 уонна 49,12 м. Варя Павлова (Үөһээ Бүлүү) иккис миэстэни ылла. Бу бөлөххө үһүс кыттааччы суох буолан үһүс миэстэ оонньоммото.

45-54 саастаах ветераннарга Николай Сыромятников (Бүлүү) бастаата. Кини кылыыга 20,98, ыстаҥаҕа 20,34, куобахха 18,15 м ойдо. 3 көрүҥ түмүгүнэн 59,47 м көрдөрүүлээх бастаата. Киниэхэ улахан утарсыыны Владимир Софронов (Чурапчы) оҥоруон сөп этэ. Владимир 19,51 м кылыйан бөлөҕүгэр  иккис көрдөрүүлээх, онтон ыстаҥаҕа 20,68 м ойон бастаата. Ол эрэн куобаҕыгар биир да холонуута табыллыбакка 3 көрүҥ түмүгэр икки эрэ көрүҥҥэ түмүктэрэ киирэн (40,19 м), төрдүс миэстэҕэ тэбилиннэ. Үөһээ бүлүүлэр Гаврил Ботуев уонна Александр Михайлов иккис уонна үһүс миэстэлэри ыллылар.

55 уонна онтон аҕа саастаах ветераннарга “Сахаада–спорт” сибиэһэй маастара Василий Санников (Үөһээ Бүлүү) күннээтэ. Кини көрдөрүүлэрэ: 18,87: 18,56; 17,32 уонна 54,75. Уус-Алдантан Андрей Бочкарев иккис, Сунтаартан Владимир Алексеев үһүс буоллулар.

Үс көрүҥ түмүгүнэн бириистээх миэстэлэргэ тахсыбыттар мэтээлинэн, грамотанан уонна сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Ону таһынан Костя оскуолаҕа бииргэ үөрэммит оҕолоро кыттыһан, хас биирдии бөлөххө кылыыга, ыстаҥаҕа, куобахха уонна ити үс көрүҥ түмүгүнэн бастаабыттарга тус-туһунан 2 аҥаардыы тыһыынчалыы суумалаах уу харчынан бириэмийэлэри уонна сертификаттары туруорбуттарын лидердэр атыттары аһара баһыйар буолан 5 чөмпүйүөн сүрүн бириистэригэр 10-нуу тыһыынча солкуобайы эбии ыллылар, биир ветеран 7,5 тыһыынчаны эбиннэ, арай аҥардас Владимир Софронов эрэ сүрүн бирииһэ суох биир сертификакка  уонна 2500 солкуобай уу харчыга тигистэ.

Константин ийэтэ Зинаида Константиновна Иванова (Апросимова) бииргэ төрөөбүттэрин оҕолоро биэс буолан кыттыһан туруорбут “Эдэр  кэскиллээх кыттааччы” диэн суруктаах сертификаттарын уонна уу харчыннан 3500 солкуобайы Ванесса Иванова (Үөһээ Бүлүү), “Аҕам саастаах” диэн сертификаты уонна эмиэ 3500 солкуобайы уу харчыннан 69 саастаах Өлөөн олохтооҕо Николай Семенов тутта. Константин аҕатын аймахтарын аатыттан быраттыы Гаврил уонна Платон Саввиновтар туруорбут сыаналаах бириистэрин Үөһээ Бүлүү хамаандатын биир саамай кэскиллээх атах оонньооччута Сергей Иванов ылла.

Анатолий МОХЧОҔОР.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252732
Бүгүн : 204