Сонуннар

Киһи киһитэ буоларга…

Бу күһүн Уус-Алдан улууһугар өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, Россияҕа биллэр үчүгэй үлэлээх, ураты үөрэх кыһатын – Мындаабатааҕы спортивнай орто оскуола ыытар үлэтин-хамнаһын кытта билсэ сылдьыбытым. Тоҕо ураты диэбиппин, күндү ааҕааччыларбар мантан аллараа билиһиннэриэм.

Үөрэх кыһатын уратыта

Ити оскуолаҕа биллиилээх спортсменнар, тустууктар убайдыы-бырааттыы Виктор уонна Александр Рассадиннар, Арыйаан Тютрин, Иннокентий Иннокентьев, Виталий Эспек хапсаҕайдьыт Евгений Алексеев үөрэнэн, улахан спорт хатыһыылаах эйгэтигэр манна хатарыллан, итинтэн силис тардан тахсыбыттара.

Бу оскуолаҕа тустаах улуус, бөһүөлэк оҕолоро эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэ бары муннуктарыттан, ордук арктическай улуустартан, итини таһынан Саха сирин тас өттүттэн кытта кэлэн үөрэнэллэр, спорт үгүс көрүҥнэринэн дьарыктаналлар. Ол курдук, билигин Мындааба оскуолатыгар 13 улуустан уонна Красноярскай кыраайтан 166 оҕо үөрэнэр.

Кистэл буолабатах, кинилэр ортолоругар тус-туспа иитиилээх, бэлэмнээх, олохтоох-дьаһахтаах оҕолор бааллар. Онон тустаах үөрэх кыһата сүрүн болҕомтотун иитиигэ, үөрэнээччилэр киһи киһитэ буолан тахсалларыгар уурар. Улуу учууталбыт Михаил Андреевич Алексеев бу суолу-ииһи тутуһарын, бары билэбит. Педагогическай үлэһиттэр физическэй өттүнэн иитиини, духуобунаһы кытта ыкса ситимнээн, дьүөрэлээн үлэлииргэ дьулуһаллар.

Мындааба оскуолатыгар эт-хаан эрэ өттүнэн буолбакка, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх, Ийэ дойдуларын ханнык быһыыга көмүскүүргэ, туруулаһарга бэлэм ыччаты иитэллэр. Ол курдук, буола турар анал байыаннай эпэрээссийэҕэ бу оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыбыт Николай Сухов, Евдоким Ушницкай, Егор Рожин уонна манна үлэлээбит Феррум Аммосов геройдуу охтубуттар. Егор, Феррум уонна Николай «Хорсунун иһин» уордьанынан наҕараадалыммыттар. Оскуолаҕа хорсун буойуннарга анаммыт анал истиэндэ баар. Үөрэнээччилэр маны көрө сылдьан, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга үөрэнэллэр.

Эйэлээх да кэмҥэ Мындааба оҕолоро бэйэлэрин эрдээх санааларын, толлугаһа суохтарын, ханнык да быһылааҥҥа уолуйбаттарын элбэхтэ көрдөрбүттэрэ. Иитиигэ үлэ тыыннаах холобурдарын кытта күндү ааҕааччыларбын кытта билиһиннэриим. Бу оскуолаҕа үөрэммит оҕолор үгүс хорсун быһыылары оҥорбуттара, билигин кэпсэлгэ сылдьар. Ол курдук, Федор Сергучев бииргэ үөрэнэр табаарыһын быыһаан баран, бэйэтэ күөх далайга былдьаммыт. Федоры хорсун быһыытын иһин мэтээлинэн наҕараадалаабыттар. Аня Жиркова баһаартан икки оҕону быыһаабыт, анал бэлиэнэн наҕараадаламмыт. Александр Березкин аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан, ууга түһэн эрэр киһини быыһаабыт. Эмиэ Мындааба оскуолатын выпускнига Гаврил Березкин аармыйаҕа сулууспалыы сылдьан, Россия оборонатын министиэристибэтин «За разминирование» диэн мэтээлинэн наҕараадаламмыт уонна үлэтигэр баран иһэн ууга тимирэн эрэр киһини быыһаабыт.

Бу дууһа кылын таарыйар холобурдар оскуола иитэр үлэҕэ ыытар үлэтин түмүктэрин сорох өрүтүн көрдөрөллөр дии саныыбын.

Төһө да усулуобуйа мөлтөҕүн иһин

Мындаабатааҕы спортивнай орто оскуола «Россия сүрүн үөрэҕин тэрилтэлэрин» национальнай реестрыгар киллэриллибитэ эмиэ элбэҕи кэпсиир. Оскуола Российскай Федерация үөрэҕириитин тэрилтэлэрин Бүтүн Россиятааҕы быыстапкатыгар кыттан, лауреат-кыайыылаах µрдµк аатын ылбыта. «ХХI үйэ үөрэҕин тэрилтэтэ. Лидердэр лигалара-2018» Бүтүн Россиятааҕы куонкурус «Бастыҥ инновационнай орто үөрэхтээһин тэрилтэтэ» номинация лауреата. Маны таһынан Мындааба оскуолата топ-500 бастыҥ орто үөрэхтээһин тэрилтэлэрин истэригэр киирэр.

Тустаах оскуола Россиятааҕы үөрэхтээһин академиятын «Экспериментальная площадка РАО» диэн I Бүтүн Россиятааҕы форумҥа инновация площадкатын үлэтигин кыттыылааҕа.  Өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин министиэристибэтин, улуус үөрэҕин управлениетын граннарын хаһаайыннарынан буолан турардаах. Үөрэх кыһатын ыытар үлэтин туһунан ыстатыйа «Школа года-2018» диэн Санкт-Петербург сурунаалыгар бэчээттэммит. Бу ситиһиилэргэ төһүү күүс буолбут дьонунан педагогическай коллективы таһынан дириэктэри солбуйааччылар Мария Андреевна Петрова, Семен Игнатьевич Охлопков уонна методист Надежда Николаевна Цой буолаллар.

Мындааба оскуолатыгар Россиятааҕы үөрэхтээһин академиятын үлэһиттэрэ үлэни-хамнаһы кытта билсэ үстэ кэлэ сылдьыбыттар. Академияҕа национальнай оскуолалары кытта үлэлиир педагогическай наука доктора, профессор Сергей Александрович Боргояков иккитэ кэлэн барбыт.

Кэпсээнтэн кэпсээн диэбит курдук, 2017 сыллаахха бу түгэххэ сытар кырачаан оскуола үлэһиттэрэ үлэлэрин-хамнастарын туруорсар сурук суруйан бараннар, дойду үөрэххэ миниистирин кабинетыгар тус бэйэлэрэ тиийэннэр туттаран турардаахтар. Бу Сэһэн Ардьакыап саҥаттан салҕанан кэлбит ньыма буоллаҕа. Өрөспүүбүлүкэбит бастакы Президенэ Михаил Николаев итинник быһаччы туруорсууну үгүстүк туһанара.

Дьэ маннык тахсыылаах үлэлээх оскуола хайдах усулуобуйаҕа үлэлии-хамсыы олорорун интэриэһиргээтэххит буолуо. Мындааба спортивнай хайысхалаах оскуолата күн бүгүн даҕаны таһаарыылаахтык үлэлии олорор. Оскуола аныгы ирдэбилгэ бары өттүнэн сөп түбэһэр бэртээхэй спортивнай саалалаах, үчүгэй учууталлардаах, үтүөкэн эрчийээччилэрдээх. Мындааба оскуолатын быйыл бүтэрбит оҕолор, бары үөрэххэ киирбиттэр. Арай оскуолата эрэ суох.

Мындааба спортивнай оскуола хара аһыллыаҕыттан Сэбиэскэй кэмнээҕи «Сельхозтехника» тэрилтэтин хонтуоратыгар дьиэлэнэн үлэлии олорор. Дьиэ акылаатыгар, муостатыгар мэлдьи тэллэй үүнэн эрэйдиир эбит. Оттон тэллэй доруобуйаҕа хайдах курдук буортутун бэйэҕит бэркэ диэн билэҕит. Муостата хамсыы турар буолан, түөкэл-таҥхал түспүт. Завучтар олорор кабинеттарыгар муостата сыыр курдук, иҥнэри түһэн, киһи бэрт эрэйинэн киирэр. Оҕолор урукку хонтуора кэбиниэттэригэр үөрэнэллэр. Олус кыараҕастар. Сорох кылаастар спортивнай саалаҕа үөрэнэллэр эбит. Үлэһиттэр кыһынын оскуола аҥаара олус тымныйарын туһунан этэллэр.

Интернат эмиэ «Сельхозтехника» объегар базаланан олорор. Эргэ дьиэ, эргэ дьиэ курдук, аныгы ирдэбиллэргэ толору эппиэттээбэтэ биллэр. Ол үрдүнэн интернат сэбиэдиссэйэ Анастасия Карамзина салалтатынан баһаам үчүгэйдик оҥостон, айымньылаахтык үлэлии олороллор.

– Биһиги оскуолабытыгар үөрэммит оҕолор өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыгар тахсыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан үөрэбит эрэ. Оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэригэр тиийэ үүннүлэр, – диэн оскуола дириэктэрэ Николай Николаевич Готовцев уонна өр сыллар усталара үөрэх кыһатын салайбыт Михаил Семенович Бурнашев үөрэ-көтө кэпсээбиттэрэ.

Үлэҕэ интэриэс үрдээтэ

– Мин Чурапчытааҕы интернат-оскуолаҕа үөрэммитим. Онно үөрэнэ сылдьан, оскуола телевидениетыгар диктордыырым. Күрэхтэһиилэргэ кыайбыт оҕолортон интервью ыларым. Мындааба осуолатын оҕолоро мэлдьи кэриэтэ инники буолаллара.  Оскуолаларын туһунан наһаа истиҥник ахталлара. Оччолорго оҕолор наһаа үчүгэй таас оскуола буолуо дии санаарым. Бастаан манна үлэлии кэлэн баран, эргэ хонтуораҕа үлэлии олороллоруттан наһаа соһуйбутум.

Ол эрээри төһө да үлэлииргэ усулуобуйа мөлтөҕүн иһин педагогическай коллектив наһаа иллээхтик, түмсүүлээхтик, айымньылаахтык үлэлии олорорун бэлиэтии көрбүтүм. Методист Надежда Николаевна Цой наставнигым. Кинилиин сүбэбитин холбоон, үлэбитин ырытыһан бииргэ үлэлии-хамсыы сылдьабыт.

Үрдүкү кылаастар үөрэнээччилэригэр ыытыллар «Профессоналы» диэн күрэхтэһиигэ улууска уонна өрөспүүбүлүкэҕэ бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьабыт. Итиннэ оҕолор графическай дизайн, туой оҥоһуктар, кондитер, о.д.а. хайысхаларынан күрэхтэһэллэр. Технология предметин учуутала Матрена Николаевна Васильева оҕолору наһаа үчүгэйдик астыырга үөрэтэр. Алын сүһүөх кылаастарга аналлаах күрэхтэһиилэргэ эмиэ ситиһиилээхтик кыттабыт. Робототехникаҕа күүскэ ылыстыбыт. Ити барыта оҕолор идэлэрин талалларыгар туһалыыр.

Полицейскай, ГИБДД кылаастара бааллар. Анал дастабырыанньалаахтар, параднай формалаахтар. Улуустааҕы ис дьыала отделын кытта дуогабардаһан үлэлиибит. Оҕолор ГИБДД уонна полиция үлэһиттэрин кытта бииргэ рейдэҕэ сылдьаллар. Бу хайысха иитии үлэтигэр улахан суолталаах, – диэн завуч Мария Андреевна Петрова кэпсээбитэ.

Мария Андреевна кэпсээнин методист Надежда Николаевна Цой салгыыр:

– Россиятааҕы үөрэхтээһин академиятыгар экспериментальнай площадка буоламмыт үлэлии сылдьабыт. Ити үлэбитин 2014 сылтан саҕалаабыппыт. 2018 сылтан экспериментальнай площадка буолбуппут. Биэс сылбыт түмүгүнэн кинигэ бэчээттэтэн таһаардыбыт.

Площадка буолуохпутуттан ылата үлэлииргэ-хамсыырга наһаа көхтөөх буолла. Үлэҕэ интэриэс наһаа үрдээтэ. Хас сыл ахсын туох үлэни ыыппыппытын академияҕа отчуоттуубут. Элбэх ыстатыйаларбыт федеральнай, норуоттар икки ардыларынааҕы сурунаалларга бэчээттэннилэр. Дьэ ити курдук үлэлии-хамсыы олоробут.

* * *

Мындаабатааҕы орто оскуола төһө да спортивнай хайысхалаах буоллар, өр сыллар усталара спортивнай саалата суох олорбута. Билигин саҥа таас саалалананнар, спордунан дьарыктаналларыгар толору усулуобуйа баар.

Үөһэ этэн аһарбытым курдук, маннык таһаарыылаахтык үлэлии олорор, өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан, ордук хоту улуустартан оҕолор сөбүлээн кэлэн үөрэнэллэригэр, аны саҥа, тупсаҕай оскуола дьиэтэ тутуллара буоллар диэн баҕа санаабын Уус-Алдан улууһун, өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин министиэристибэтин саҥа салалтатыгар туһаайабын. Ити мин эрэ баҕа санаам, мин эрэ туруорсуум буолбатах.

Людмила НОГОВИЦЫНА.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

242835
Бүгүн : 225