Иван Соловьев аатын умнумуоҕуҥ
2019 сыл кулун тутар бүтүүтүгэр учууталым Мария Михайловна сорудаҕынан “Триумф” спорт комплексыгар тиийэн – ССРС, Европа чемпиона, Аан дойду Кубогын икки төгүл кыайыылааҕа, Аан дойду үс төгүллээх чемпиона, 1976 с. Монреальга ыытыллыбыт Олимпийскай оонньуулар чемпионнара Павел Пинигинтэн Уйбаан Соловьев туһунан туох санаалааҕын кэпсииригэр көрдөһөн интервью ылбытым.
-Иван Егорович Соловьеву мин оҕо эрдэхпиттэн билэр этим, – диэн ахтыытын саҕалыыр Павел Павлович. – Тоҕо диэтэргин, кини чаҕылхай тустуута 1967, 1968, 1969 сылларга Бүтүн Россияҕа “Трудовые резервы”, “Урожай” да обществолар буоллуннар, атын да күрэхтэһиилэргэ ситиһиилээхтик кыттан сүрдээҕин аата ааттанар этэ. Оччолорго мин оскуола оҕото этим, тустуунан үлүһүйэн дьарыктанарым. 1967 сыллаахха Чурапчытааҕы спортивнай интернат-оскуолаҕа үөрэнэ киирбитим. Онно Дмитрий Петрович Коркиҥҥа утумнаахтык дьарыктанан барбытым. 1970 сыллаахха бу оскуоланы бүтэрэн олох киэҥ аартыгар үктэммитим. Оччолорго республика күүстээх тустууктара үксүлэрэ Дмитрий Петровичка кэлэн эрчиллэллэрэ.
Иван Соловьев тоҕо эрэ кинилэр истэригэр суоҕа. Биричиинэтин мин билбэппит, оччолорго оҕотук саастааҕым да быһыытынан. Ол гынан баран, атыттар курдук сүдү тренергэ сыстан эрчиллибитэ буоллар, кини олох таһыччы ситиһиилээх бөҕөс буолуохтааҕа. Тоҕо диэтэххэ, киниэхэ айылҕаттан бэриһиннэрбитэ, талаана, этин-сиинин, былчыҥнарын оҥоһуута, дьулуура атыттартан уратылаах этэ уонна чахчы тустуук буоларга анаан айыллан кэлбит курдуга. Кини саха тустууктарын иккис-үһүс көлүөнэтин бэрэстэбиитэлэ. Кинилэр иннилэригэр Баһылай Румянцевтаах, Максим Сибиряковтаах чаҕылхай, ааттаах-суоллаах көлүөнэлэрэ, кинилэри тилэх баттаһа Алкивиад Иванов, Альберт Захаров, Петр Попов курдук биллиилээх бөҕөстөр республикабыт аатын аар-саарга аатырдыбыттара. Уйбаан Соловьевтаах ити Алкивиадтааҕы кытта араа-бараа этилэр.
Уйбаан сэрии буола турдаҕына 1944 сыллаахха Дүпсүҥҥэ элбэх оҕолоох ыалга игирэ аҥаара буолан күн сирин көрбүтэ. Миигиттэн 9 сыл аҕа. Сэрии сылын оҕотун быһыытынан кыһалҕалаах, кыаһарыйтарыылаах, ас-таҥас тиийбэт кэмигэр оҕо сааһа ааспыта. Олох, үлэ ыараханын оҕотук сарыннарыгар сүгэн, окко-маска буһан-хатан, сиппит-хоппут эр киһи кыайар үлэтин толорон хатарыллан, уһаарыллан тахсыбыт дьон. Онон Уйбааны айылҕа бэйэтэ чочуйан таһааран спорка үрдүк ситиһиилэргэ тиэрдибит диэн сыаналыыбын. Тоҕо диэтэргин кини тустуунан любитель быһыытынан идэтийбит тренерэ, тустуунан дьарыктанарга туох да анал усулуобуйата суох, үлэ-үөрэх быыһыгар баҕа санаа күүһүнэн нэдиэлэҕэ бэккэ гыннар үстэ-түөртэ дьарыктаммыт буолуон сөп.
Оччотооҕу тустууктар тренажердарын, мааттарыгар, көбүөрдэригэр тиийэ бэйэлэрэ айан, оҥорон, булан-талан дьарыктаналлара. Ол үрдүнэн үрдүк ситиһиилэрдээхтэрэ. Дьэ, дьиҥнээх энтузиастар, тустуу фанаттара кинилэр этилэр. Мин билигин ону олус сөҕө-махтайа, ытыгылыы, истиҥник саныыбын. Билигиҥҥи курдук идеальнай усулуобуйаҕа арай дьарыктаммыт буоллуннар… Оо, дьэ, ситиһиилэрэ балысхан буолуохтааҕа хааллаҕа. Онон мин ити көлүөнэ тустууктары дьиҥнээх тахсыахтаах таһымнарын ситиспэтилэр дии саныыбын. Ол да үрдүнэн Уйбаан Соловьев ситиһиитэ улахан. Оччолорго кинилэргэ күрэхтэһэр практикалара да аҕыйах, сбордарга да сылдьыылара улахан суох, аһылыктара да кэмчи. Бэйэлэрин баҕаларынан, хара күүстэринэн тахсыбыт дьон. Бу убайдарбыт холобурдарыгар биһиги көлүөнэ иитиллэн тахсыбыппыт. Кинилэр баар буоланнар, кинилэр тустууга тапталларыгар, бэриниилээхтэригэр, сөҕүмэр ситиһиилэригэр тирэнэн биһиги таҕыстахпыт дии. Мээнэ, кураанах сиртэн тахсан биһиги тугу ситиһиэхпитий, санаан да көрдөххө.
Ол иһин саха тустуута сайдан, сириэдийэн тахсыытыгар олук уурбут убайдарбар мин сүгүрүйэбин. Кинилэртэн биирдэстэринэн Иван Егорович Соловьев буолар.
Кэлин биһиги Бороҕоҥҥо көрсөн турардаахпыт. Онно мин улуус салалтатыгар Иван Егоровичка улуус бочуоттаах гражданина аатын иҥэриэххэ баара диэн этии киллэрбитим. Ону хайдах быһаарбыттарын билбэтим, кэлин чуолкайдаан ыйыталаспатах эбиппин. Кини онно ыарытыйарын туһунан эппитэ. Уола Ивамар аҕатын туйаҕын хатарда, көҥүл тустууга уонна хапсаҕайга спорт маастара буолла, билигин дойдутугар Дупсүҥҥэ баһылыктыыр.
Иван Егоровиһы тустуук эрэ быһыытынан көрөр сыыһа. Кини тустан бүтэн да баран саха тустуута сайдарыгар улахан кылааттаах. Кини тренер, наставник быһыытынан элбэх ситиһиилээх тустууктар, тренердэр иитиллэн тахсалларыгар үгүс үтүөлээх.
Иван Егорович курдук биллиилээх тустууктарбыт ааттара үйэтитиллэрэ хайаан да наада. Иван Соловьев бирииһигэр үрдүк таһымнаах, спортивнай календарга киирбит күрэхтэһии тэриллиэн наада. Ыччат кинилэр иннилэригэр нэһилиэктэрин, улуустарын, республикаларын аатын үрдүктүк тутан ааттаппыт аҕа көлүөнэ дьону билиэхтээх, киэн туттуохтаах, холобур оҥостуохтаах. Урут оннук күрэхтэһии ыытылла сылдьыбыт буоллаҕына, ол сөргүтүллэн, улуус администрациятын, спорт министиэристибэтин, тустуу федерациятын өйөбүллэрин ылан, календарга киллэриллэн ыытыллара буоллар. Ону таһынан Дүпсүн сиригэр Иван Егорович Соловьев аатын сүгэр спортивнай комплекс тутуллуон баҕарабын. Итини бары таһымҥа туруорсан ситиһиэххэ наада. Ким да утарбата буолуо дии саныыбын. Биһиги, тустууктар, спорт эйгэтин дьоно, “Дүпсүн” диэн дойду баарын Уйбаан Соловьев нөҥүө билэбит, кини аатыгар сыһыаран ылынабыт.
Итинник чаҕылхай ааттар дойдуларын ааттаталлар. Дүпсүн олохтоохторо Уйбаан Соловьев аатынан билигин да киэн тутталларын саарбахтаабаппын. Дүпсүн ыччатын тустуу тула түмэн, үчүгэйдик эрчийэн убайдарын аатын ааттатар бөҕөстөрү иитэн таһаарыахтара диэн эрэнэбин.
Иван ЛЫТКИН.
“Дьулурҕан” хаһыат 2022 сыл, тохсунньу.