Интервью

Ибрагим Джавади: “Саха сиригэр сылдьыбыт дьоллоох түгэммин умнуом суоҕа”

Оскуолаҕа үөрэнэ сырыттахпытына Роман Дмитриев туһунан кэпсэтии күөрэйдэ даҕаны, хайаан да иранец Джавади аата эмиэ ахтыллара. Роман Дмитриев сахалартан бастакынан улахан көбүөргэ тахсан аан дойду түһүлгэтигэр кыттарын саҕана, кини сүрүн утарсааччынан буолбута.
Иран бу аатырбыт бөҕөһүн туһунан аан бастаан суруналыыс Иван Кычкин “Эдэр коммунист” хаһыакка суруйбутун ааҕан турардаахпын. Онно кинини Ибрагим буолбакка, Эбраим диэн суруйбут этэ. Оччотооҕу хаһыаттарга уонна кэпсэтиилэргэ Джавади биһиги Ромаммытыттан сааһынан аҕатын, уҥуоҕунан быдан өндөһүн ыйаллара. Хайдах маннык бөдөҥ киһи 48 киилэҕэ батан сылдьарый диэбит курдук сырдаталлара.

Джавади – Дмитриев 3:2

Джавади туһунан өссө биир өйдөбүлү тустуу секциятыгар сылдьан тренербит Николай Рожин көрдөрбүт киинэнэн хроникатыттан ылан турабын. Бары билэргит курдук, ити билигин телевизорга көстөр документальнай киинэлэригэр Роман Дмитриев Ибрагим Джавадилыын Тбилиситээҕи турнирга тустууларын туһунан этэбин.

1969 сыллааҕы, итинник турнирга саха бөҕөһө суостаах утарсааччытын кыайан турар. Ити кинилэр бастакы тустуулара этэ. Оттон аҕыйах ый буолан баран, аан дойду чемпионатыгар Джавади ити хотторуутун боруостаабыта. Уопсайынан, бэйэтэ сэттэтэ тустубуппут диир да, мин билэрбинэн, Дмитриевтээх Джавади көбүөргэ биэстэ көрсүбүттэригэр, ахсаан 3:2 иранец туһатыгар. Ол ханна, хаһан диэтэххэ, Роман кинини иккитэ (1969, 1970) Тбилиситээҕи турнирдарга кыайбыта. Оттон Джавади биһиги бөҕөспүтүн 1969, 1970 сс. аан дойду чемпионаттарыгар уонна 1972 с. Мюнхеннааҕы Олимпиадаҕа хоппута.

Кини кэлиитэ биһиэхэ – бэлэх

Дьэ, өрдөөҕү хаһыаттартан, кинигэлэртэн эрэ ааҕан билэр аатырбыт иранецпыт – Роман Дмитриев аатын кэриэстээн бэйэтинэн тиийэн кэлбитэ биһиэхэ улахан бэлэх быһыытынан сыаналанар. Маныаха бастатан туран, маннык бэлиэ түгэҥҥэ Ибрагим Джавадины бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан ыҥыран аҕалбыт спорпут салайааччыларыгар тустууну сэҥээрээччилэр ааттарыттан улахан махтал!

Эдэр эрдэҕинээҕи хаартыскаларыгар чоҕулуччу көрбүт сытыы хара харахтаах, хонтоҕор муруннаах, хойуу хаастаах уола хаан бэйэтэ билигин түспэтийбит, баттаҕа кыырыктыйбыт, көрөрдүүн-истэрдиин сымнаабыт. Омос санааҕа, бу киһи этэ дуо, бэйэтин кэмигэр көбүөргэ баабыр курдук хабырдык киирсэр, утарсааччыларыгар сабыта түһүөлээн умсарыта көтүтэлээбит аатырбыт пехлеван диэххэ айылаах.

“Роман Дмитриев дойдутугар кэлбиппинэн киэн туттабын”

Өссө күрэхтэһии иннинэ “Арчы” дьиэтигэр тэриллибит көрсүһүүгэ Джавади доҕорун туһунан сүрдээх истиҥ ахтыыны оҥорбута.
Кини Роман Михайловиһы улуу тустуугун ааһан, истиҥ доҕор этэ диэн үрдүктүк сыаналаабыта.

— Романныын элбэх күрэхтэһиилэргэ күрэс былдьаспыппыт, — диир Ибрагим. — Көбүөргэ утарсааччылар, оттон олоххо доҕордуулар этибит. Бүгүн мин олимпийскай чемпион төрөөбүт дойдутугар кэлбиппинэн киэн туттабын.

Джавади ити этиитин, эмиэ бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан кэлэ сылдьар Таджикистан тустууга федерациятын президенэ Рустам Мурадов тылбаастаата. Таджиктар уонна иранецтар тыллара маарыннаһар эбит. Манна даҕатан эттэххэ, иранецтар Дьокуускайга тылбаасчыта суох кэлбиттэр. Былырыын уонна иллэрээ сыл хамаанда салайааччытын уонна тылбаасчытын быһыытынан нууччалыы билэр, Иран тустууга федерациятын специалиһа Абдуллах Лашгари кэлэрэ. Быйыл кини тоҕо эрэ кэлбэтэх.

Онон Джавадига, английскайдыы кэпсэтэргэ анаан ХИФУ омук тылыгар факультетын эдэркээн студенкатын сыһыарбыттар даҕаны, күттүөннээх кэпсэтии тахсыбата. Ыалдьыппыт английскайдыы үчүгэйдик билбэт эбит. Ол да иһин интервью ыларга ыарахаттар үөскээбиттэрэ.

Сүгүрүйүү бэлиэтэ

Ибрагим Джавади күрэхтэһии бастакы күнүгэр бочуоттаах ыалдьыттар остуолларыгар олорбута, онно суруналыыстары чугаһаппатахтара. Оттон иккис күн киһибит наар хамаандатын кытта сырытта. Олимпийскай эрэл училищетын директорын солбуйааччы Николай Константинов кэлэн остуолга олороругар ыҥырбытыгар аккаастаан кэбистэ. Биир тылынан, күрэхтэһии иккис күнүгэр наар норуоту кытта сырытта. Хата, ону биһиги дьоммут мүччү туппатылар, элбэх киһи былдьасыһа сылдьан кэриэтэ хаартыскаҕа бииргэ түһэн, улуу бөҕөс илии баттааһынын ылан, хаһан да умнуллубат өйдөбүнньүк оҥоһунна. Ол аайы Джавади биир да киһиттэн аккаастаммата, барытыгар сөбүлэһэн иһэр. Биһиэхэ, Саха сиригэр тустууну син эмиэ Ираҥҥа курдук, сүрдээҕин таптыылларыгар, улуу бөҕөстөрү ытыктыылларыгар итэҕэйдэҕэ.
Сотору-сотору тренердэри, тустууктары кытта кэлэн кэпсэтэр. Ардыгар, хотторбуттарыгар сэмэлиир да быһыылаах.

Биир түгэҥҥэ, көбүөр кытыытыгар турдахпына, арай көрөөччүлэр туохтан эрэ суугунаһа түстүлэр. Түһүлгэни көрдөххө, оннук айылаах буолбут сибикитэ көстүбэт. Арай, кэннибин хайыһан көрбүтүм, Джавади ааһан эрэр эбит. Ити курдук, кинини трибуна аннынан хас аастаҕын ахсын көрөөччүлэр суугунаһан эҕэрдэлии көрсүбүттэрэ санааҕа астык этэ. Кини да истиҥ сыһыаҥҥа истиҥник эппиэттэһэн истэ. Улуу бөҕөскө дьиҥнээх сүгүрүйүү бэлиэтэ.

“Роман аһара сэмэй этэ”

Күрэхтэһии иккис күнүгэр, финал иннинээҕи тустуулары умнан туран, били Мурадовпын була охсон, аны хаартыскаҕа түсүһэ сатыыр дьонтон Джавадины чуут мүччү тутан, аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүм.

— Ибрагим, Саха сиригэр кэлэ сылдьыыгын хайдах сыаналыыгын?
— Олимпийскай чемпион Роман Дмитриев төрөөбүт дойдутугар кэлэ сылдьарбыттан олуһун үөрэбин. Мин Саха сиригэр уруккуттан кэлэ сатыырым, ол баҕа санаам дьэ туолла. Бүгүн эһиги республикаҕытыгар сылдьарбынан киэн туттабын. Миигин итиитик-истиҥник көрсүбүттэригэр махтанабын.

Турнир таһыма улахан, састаап – күүстээх. Саха сиригэр инникитин өссө да кэлиэхпитин баҕарабыт. Бииргэ үлэлээһиҥҥэ кэпсэтии оҥорон, мантан инньэ Саха сирэ уонна Иран тустууга хамаандалара хардарыта көрсүһүүлэрин, бииргэ эрчиллиилэрин тэрийэргэ дьулуһабыт. Оччоҕо бэйэ-бэйэбититтэн элбэххэ үөрэниэхпитин сөп.

Роман Дмитриевтиин көбүөргэ хаста көрсүбүккүнүй? Сирэй көрсүүгүт ахсаана хайдаҕый?
— Барыта сэттэтэ тустубуппутуттан – мин биэстэ кыайбытым (диэн тылбаастыыр Мурадов). Саамай кэнники көрсүһүүбүт Мюнхеннааҕы оонньууларга буолбута. Онно мин Дмитриеви кыайан баран, болгарин Николовка хотторон кэбиспитим. Ол гынан баран, күрэхтэһии оччотооҕу балаһыанньатын быһыытынан Роман Дмитриев бастаабыта, мин үһүс буолбутум. Олимпиада диэн – Олимпиада буоллаҕа, ханнык да күрэхтэһиитээҕэр үрдүктүк сыаналанар.

— Роман эн санааҕар хайдах киһи этэй?
— Кини – улуу тустуук, ону таһынан үтүө киһи этэ. Ураты үчүгэй киһи. Улахан үтүө санаалааҕа уонна аһара сэмэй этэ.

Ити, Мюнхеннааҕы тустуугутун кэрэһилиир улахан хаартысканы эйигин аҕалбыт диэбиттэрэ, – диэн, саалаҕа туруоруллубут Роман Дмитриев уонна Ибрагим Джавади тустан тахсан эрэллэрин көрдөрөр улахан өҥнөөх хаартыскатын диэки ыйабын.
— Ити баннеры бу күрэхтэһиигэ анаан оҥотторон аҕалбытым уонна көстүүлээх миэстэҕэ туруоралларыгар көрдөспүтүм. Ону таһынан ити хаартыскатын копиятын аҕалан, Роман Дмитриев уолугар туттарбытым.

Ибрагим, дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэр эрэ.
— Мин үс оҕолоохпун, икки уол, биир кыыс. Уолаттарым көҥүл тустуунан дьарыктана сылдьыбыттара да, улахан ситиһиилэрэ суох. Билигин 36, 38 саастаах бэйэлэрэ улахан дьон. Мин билигин Иран Исламскай республикатын киин куоратыгар – Тегераҥҥа олоробун. Иран тустууга федерациятыгар үлэлиибин. Тренердэр таһымнарын үрдэтиигэ семинардары ыытабын. Бэйэм дойдум спорка ыытар үлэтигэр кыттыһабын.
Тустуубун тохтотоот, тренеринэн үлэлээбитим.

Иран чемпионатыгар хаста бастаабыккыный?
— Оо, элбэхтэ чемпионнаабытым. Ону таһынан улахан таһымнаах турнирдарга элбэхтэ бастаабытым.

Саха сирин тустуутун туһунан туох өйдөбүлү ыллыҥ?
— Миигин манна дьон билэриттэн уонна ытыктыырыттан сүрдээҕин соһуйдум. Итинник эрэ буолуо диэн санаабатаҕым. Турниры үөрүүлээхтик аһыыга көрөөччүлэри эҕэрдэлээн илиибин көтөхпүппэр, дохсун ытыс тыаһынан истиҥ харданы ыламмын, сүрдээҕин долгуйбутум уонна астыммытым. Эһиги республикаҕыт спорду таптааччыларын кытта көрсүспүт дьоллоох түгэммин хаһан да умнуом суоҕа. Биир тылынан, Саха сиригэр кэлиибиттэн санаам өрө көтөҕүлүннэ, олохтоохтор сыһыаннарыттан астынным. Өссө да манна кэлэргэ кыһаллыам.

Турнирга Иран хамаандатын кыттыытын хайдах сыаналыыгыный?
— Айаммыт наһаа уһун, ыарахан этэ. Ол иһин сылайан, аклиматизацияны кыайан барбакка, бастакы күн тустууктарбыт кыахтарын ситэри туһамматылар. Оттон иккис күн түөрт ыйааһыҥҥа барытыгар финалга тахсан, үһүгэр кыайыыны ситистилэр.
Мин манна айаным эмиэ сүрдээх ыгым этэ. Дьокуускайга кэлиэм иннинэ бэйэм дьыалаларбын ситиһэ Дубайга бара сылдьыбытым. Онтон Тегераҥҥа төннөн кэлэн аҕыйах хоноот, Москванан эргийэн Саха сиригэр кэллим. Айан уһун уонна сылаалаах буолла.

Дойдугар ханнык наҕараадалааххыный?
— Олоҕум тухары анал пенсиянан туһанабын. Дойдуга баар улахан наҕаарадаларынан барытынан наҕараадаламмытым.

Ибрагим Джавади – Иран

1943 сыллаахха от ыйын 28 күнүгэр төрөөбүтэ.
Аан дойду 4 төгүллээх чемпиона (1969, 1970, 1971 – 48 кг, 1973 – 52 кг).
Мюнхеннааҕы ХХ Олимпиада боруонса призера (1972 – 48 кг).
Азия оонньууларын икки төгүллээх кыайыылааҕа (1970 — 48 кг, 1974 – 52 кг).
Бэтэрээн-маастардарга аан дойду чемпиона (1999 – 60 кг).
2011 сыллаахха кини аата ФИЛА-ҕа Тустуу албан аатын саалатыгар киллэриллибитэ.
Саха бөҕөстөрүттэн Роман Дмитриеви тэҥэ Илларион Федосеевы, Иннокентий Кочкины кытта туста сылдьыбыта.

Сэһэргэстэ Петр ПАВЛОВ. Дьокуускай, “Триумф”, 2014 сыл.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252738
Бүгүн : 210