История

Дьиҥнээх саха саарына

// “Дьулурҕан” архыыбыттан

Макар Макарович Яковлев үйэтин тухары быраабы араҥаччылыыр оргаҥҥа, үрдүк таһымҥа үлэлээн, эдэр-эмэн саастарын атаарда. Бу дьиҥнээх буруйу оҥоруу, ону булан «ыраас мууска» ууран биэрэр силиэстийэ уустук эндирдэрин кырдьыктаахтык быһааран, быһаарсан кэллэ. Арыый сааһыра барыыта, аны ону барытын теория өттүнэн сайыннаран, 22 сыл эдэр дьону үөрэтиигэ олоҕун анаан, быраап (право) бочуоттаах доктора, профессора буолан, быраап кафедратын сэбиэдиссэйинэн күн бүгүнүгэр диэри бэрт айымньылаахтык үлэлии-хамсыы, сүүрэ-көтө сылдьар.

Ити быыһыгар сотору-сотору республика хаһыаттарыгар бэрт кэрэхсэбиллээх ыстатыйалары таһааттарар, бэчээттэтэр. Ол быыһыгар урукку өттүгэр сабыылаах да дьыалалар күөрэс гыналлар. Холобурун, саха чулуу киһитэ М.М. Федоров туһунан ахтыыта бэрт кэрэхсэбиллээх. Тус бэйэм бу “М.Яковлев” диэн автордааҕын көрөн интэриэһиргээн ааҕан, оччотооҕу кэм биир ырааҕы көрөөччүтэ, саха норуотугар биир өлбөт-сүппэт уйэлээҕи оҥорон барбыт кэрэ киһи эбит дии санаатым. Аны туран, саха тустуутун историятыгар доктор, профессор диэн ааттаах дьон, мин билэрбинэн А.И. Иванов, П. Гаврильев, маҥнайгы плеяда дьоно. Ити үрдүк ааттары ылар чиэскэ тиксибит сахаларга Макар Макарович эмиэ киирсэр.

Кини научнай ыйынньыкка киллэриллибит дьиҥнээх сүүстэн тахса ахсаана ыйыллыбыт испииһэгин көрөн турабын. Дьэ, үлэ да үлэ буолбатах дуо? Бу барыта аналлаах сурунаалларга тахсыбыт ыстатыйалар, ону ааһан научно-методическай практическай конференцияларга кэккэ сылларга сылын аайы кыттан дакылааттары ааҕыы түмүгэ буолар. Ис хоһооннорун ситэн үөрэтэн сыана быһар кыаҕым суох. Быһа холоон сэрэйдэххэ, улахан практикаҕа олоҕуран суруллубут ыстатыйалар, кинигэлэр бэрт үрдүк таһымнаахтара сэрэйиллэр эрэ. Баҕар ол иһин да буолуо, биллиилээх драматург, режиссер, уруккута уһун кэмҥэ Саха Республикатын культураҕа миниистэрэ Андрей Борисов быйыл күһүн “Эл иитэ” диэн саҥа телевизионнай бырайыакка бастакынан киллэрэн сэһэргэспитэ элбэҕи этэр.

Биир тылынан эттэххэ, Макар Макарович курдук, уустук идэни баһылаан, генерал званиетыгар тиийэ үүммүт тустуук биһиги ортобутугар суох. 1989 с. бүтүн Советскай Союз тустууктарыттан соҕотоҕун ССРС народнай депутата буолбута. Ити сүрдээх уустук кэмнэргэ дойдубут хайа диэки хайыһара биллибэккэ турара. Дьэ манна Макар Макарович элбэх үлэни оҥорбута, этиини эппитэ сороҕо кинигэ буолан тахсыбыта, дойду чулуу дьонун кытта алтыһан буспута-хаппыта. А.С. Борисов “Эл иитэ” биэриитигэр түмүгэр бу курдук диэн турар: “Макар Макарович, студеннарын дьоллоох дьон, эн лекцияларгын истэр кыахтаахтар” – диэн.

Макар Макарович оскуолатааҕы сылларыттан спорка сыстан барбыт уонна күүскэ ылларан, улахан олоҕун аргыһа оҥостон, бу сааһыгар диэри илдьэ сылдьар. Ааспыт үйэ 60-с сылларыгар Горнай оройуонун Атамай 8 кылаастаах оскуолатын педагогическай коллектива үрдүк таһымнаахтык үлэлии олорбут эбит. Ол курдук, спорт өртүгэр  республикаҕа биллэр хайыһардьыт, чэпчэки атлетикаҕа “Черная молния” диэн сөҕөн-махтайан сөбүлээн ааттыыр эдэр киһилэрэ Иванов Василий Денисович, физкультура учуутала, республикаҕа биллэр гимнаст Васильев Петр Иннокентьевич, көҥүл тустууга бүтэй Бүлүүттэн төрүттээх Сивцев Василий Иванович буоланнар, оҕолору спорт араас көрүҥнэригэр эрчийэн үөрэтэн, күрэхтэһиннэрэн буһаран-хатаран күргүөмнээхтик үлэлиир кэмнэрэ этэ.

Ону таһынан Сивцев В.И. чэпчэки атлетикаҕа ыраах дистанцияҕа сүүрүк быһыытынан биллэр быһый атахтаах киһи. Ол иһин да буолуо, Макар Макарович эргиччи эт-хаан өттүнэн сайдыылаах оҕо, спорт бары көрүҥүнэн дьарыктаммыт. Бэрдьигэстээххэ үрдүкү кылаастарга салгыы үөрэнэ киирээт, анал физкультурнай үөрэхтээх, республика биир 57 кг күүстээх  тустуугар, Горнай бэйэтин олохтооҕор Илья Васильевич Павлов илиитигэр түбэспит. Уонна биир бастыҥ иитиллээччитэ буолар чиэскэ тиксибит.

Оннук да буолуохтаах этэ. Ити төрөөбүт оскуолатыгар спорду өрө туппут энтузиаст дьон иитиилэрэ-такайыылара бэйэтэ туһунан эйгэни үөскэтэр. Онуоха эбии Макар Макарович оччотооҕу оҕо сиэринэн үс сайыны быһа окко улахан дьону кытары тэҥҥэ үлэлэһэн, сороҕор бултаан-алтаан, олох айылҕа оҕото буола улааттаҕа.

Спорка сыстыыга саамай тутааҕа баҕа баар буолуохтаах. Бу хаачыстыба үксүгэр мин тус бэйэм кэтээн көрүүбүнэн, оҕоҕо төрүттэриттэн, удьуордарыттан бэриллэр. Оннук оҕоҕо усулуобуйа тэрилиннэҕинэ, дьэ дьоҕура, талаана арыллар. Дьэ, манна мындыр тренер аттыгар баар буолара наада. Ити айылҕата арылларыгар тренерэ И.В. Павлов бары өртүнэн биир төһүү күүс буолбута саарбаҕа суох. Кини маҥнайгы көлүөнэ тренердэртэн биир чулуулара, Саха сиригэр Д.П. Коркин, Н.Н. Волков кэнниттэн үһүс нүөмэрдээх тренеринэн ааҕаллара, Саха АССР үтүөлээх тренерин аатын биир бастакынан ылбыта.

1967 сыл Дьокуускайга РСФСР – Россия – Саха АССР маҥнайгы норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ И.Павлов тоҕо эрэ Макары талан ылан сааскы чалбахха, оччолорго суол суох эрдэҕинэ, Харыйалааҕынан быһа түһэн, 19 көһү сатыы, сүүрэ былаан айаннаан сир ортотугар хонон, Дьокуускайга тиийбиттэрэ күн бүгүнүгэр диэри номох буола сылдьар. Макар кэлин тустуутун таһынан сүүрүүгэ орто 5, 10 км дистанцияларга оройуоҥҥа бастыҥ көрдөрүүлэри ситиһэр. Бу арааһа, тустуунан утумнаахтык дьарыктаммыта көмөлөспүт буолуохтаах. 2-3 чаас эрчиллэр, 9 мүнүүтэ тустар киһиэхэ тыҥатын үлэтэ эппиэттиир буолбут буолуохтаах. 1965 с. Кыайыы юбилейыгар анаммыт 5 км сүүрүүгэ, оччолорго сүүрүк Дьячковскай Анатолий кэнниттэн иккис кэлэр, онтон сиэттэрэн оройуон ыһыахтарыгар сүүрэн миэстэлэһэр, бастыыр. Оройуон чиэһин көмүскээн Майаҕа Федор Попов бирииһигэр сүүрэн, ол саҕана спортивнай ориентированиеҕа спорт маастарыгар кандидат, кэлин народнай артыыс буолбут Владимир Татаринов, тустууга спорт маастара, сүүрүүгэ Ньурба курдук улахан оройуон чемпиона Алексей Мостахов курдуктар инники түспүттэрин да иһин, син ортотугар сылдьыбыта.

Аны Макар оҕо эрдэҕиттэн дуобакка бэркэ оонньуур эбит. Горнай оройуонун 8 кылаастаах оскуолатыгар мэлдьи бастыыра. 1965 сыллаахха республикаҕа Горнай оройуонун хамаандата иккис сылын субуруччу бастыыр. Маҥнайгы дуоскаҕа Сергеев Толя, иккис дуоскаҕа Макар бастыыллар. Ити иннинээҕи сыл Контоев Степан уонна Лукин Николай бастыыллар. Лукин Николай армияҕа баран, сахалартан аан бастаан буулдьанан ытыыга маастар буолар. ССРС рекордун олохтуур. Ити быстах кэмнэргэ оҕолору спорт маастара, Россия чемпиона Семен Исаков эрчийэ сылдьыбыта. 1968 с. Саха сиригэр дуобат биллиилээх гроссмейстера Виндерман Горнайга тахсан сеанс биэрбитигэр, Макар тэҥнэһии оҥорон, кинигэтин бэлэхтэтэн илдьэ сылдьар. Ити сылларга оройуонугар Николай Исаков кэнниттэн иккис сылдьара. “Урожай” обществоҕа 7-с буолар. Оччолорого кмс диэн суох буолан, 1 разряд нуорматын толорор. Сергеев Толя, Пахомов Василий, Лукин Николай, Константинов Семен бары да араа-бараа курдук онньууллара. 1969 сыл Макар оройуоҥҥа дуобакка бастыыр уонна сайыныгар Свердловскайдааҕы юридическай институтка биир миэстэҕэ 17 киһилээх конкурсу баран, студент буолар. Ол куоракка дуобат сайдыбатах буолан, дьарыгын хаалларар. Аан дойду ветераннарга үс төгүллээх призера Пахомов Василий Романович кэпсииринэн, Макар оскуолаҕа да үөрэнэ сылдьан, ол да кэнниттэн үлэтин быыһыгар утумнаахтык гиирэнэн уонна гантелинэн “культуризм” систематынан киһи саллыан курдук күүскэ дьарыктаммыт эбит. Билиҥҥинэн ити бодибилдинг дэнэр.

Тренерэ И.В. Павлов сир уларытан Төҥүлүгэ үлэлии барбытын кэннэ, үөрэххэ барыан иннинээҕи сыл көҥүл тустуу секциятын үлэлэтэр. Эрчийбит оҕолоруттан кэлин В.Г. Скурихин күүстээх маастар, Н.Н. Прохоров республикаҕа биллэр тренер буолбуттара.

Этиллибитин курдук, ол сыл сайыныгар Свердловскайга юридическай үрдүк үөрэххэ киирэр. Киирээт да хара маҥнайгыттан тустуутунан дьарыктанан барбыта. Үөрэҕэр ситиһиилээхтик үөрэнэр буолан ыарырҕаппатаҕа. Үөрэммитин былаһын тухары куоракка да, уобаласка да көҥүл тустууга субуруччу бастаабыта. Урал зонатыгар эмиэ бастаабыта. 1971 сыл «Буревестник” общество Россиятааҕы советын күрэхтэһиитигэр төрдүс буолан хаалан, кыл мүччү маастар буоларын куоттарар. Бу общество күрэхтэһиитэ хаһан баҕарар наһаа күүстээх буолара, Россия бары үрдүк үөрэҕин заведенияларын студеннара кыттар күрэхтэһиилэрэ, сорох ыйааһыннарга биллиилээх маастардар баар буолаллара. Холобурун, Саха сиригэр 10-ча сыл тэҥнээҕэ суох сылдьыбыт көбүөр күүстээх маастара Анатолий Константинов студенныы сылдьан, 2-тэ тустан, үс иһигэр олорботоҕо. Мин үстэ туста сылдьыбытым, биирдэ эмиэ үс иһигэр чугаһаан баран мэлийбитим.

Свердловскай уобалас көҥүл тустууга хас да төгүллээх чемпиона Медведев Макар тустар техникатын сөбүлүү көрөн, Советскай Союз икки төгүллээх Геройа Одинцов аатынан суворовскай училищеҕа икки сыл хамнастаах тренеринэн үлэлэппитэ.

Свердловскай куоракка да, уобаласка да самбо улаханнык сайдыбыт этэ, аан дойду чемпионнара кытта бааллара. Самбоҕа улахан традициялаах куорат. Сылын аайы буолар күрэхтэһиилэргэ Макар кыттан сороҕор ситиһиилэнэрэ. Свердловскай юридическай институт хамаандата бары спорт маастардартан турара, ол иһигэр кыбыллыбыта. 1972 с. ССРС юридическай үрдүк үөрэх заведенияларын спартакиадатыгар кыттан, Михаил Георгиев курдук самбоҕа Союз күүстээх маастарын кэннигэр хаалларан, бастаан маастар буолар. Ыарахан ыйааһыҥҥа хамаандаҕа бииргэ тустубут, самбоҕа спорт маастара, кэлин юридическай наука доктора буолбут, профессор Запольскай Сергей Васильевич Саха сиригэр ыалдьыттыы кэлэ сылдьыбыта. Кэлин Саха сирин президенин быыбарыгар М.Е. Николаевы көмүскээбитэ уонна бары сууту барытын, конституционнай суукка тиийэ хотторботохторо.

Макар 1973 с. үөрэҕин бүтэрэн кэлэн, Саха сирин прокуратуратыгар үлэҕэ киирэн, үлэ үөһүгэр түһэр. Оччолорго республика прокурора Николай Нифонтович Каратаев спортивнай тыыннаах, бэйэтин кэмигэр Бүлүү улууһугар спорт комитет председателинэн үлэлээбит, Свердловскай юридическай институт хайыһарга чемпиона Макары уоскутан олордубатаҕа. Сыллата аайы буолар куорат госучрежденияларын күрэхтэһиитигэр кыттарга модьуйара. Прокуратураҕа оччолорго хайыһарга икки спорт маастарыгар кандидат баарын үөһээ, хамаандаҕа кинини киллэрэр. Макар 5 уонна 10 км икки төгүл бастыыр. Өссө 5 км атаҕынан сүүрүүгэ эмиэ бастыыр. Ити барыта күүрээннээх үлэ быыһыгар этэ. Ол да буоллар, оччолорго Күөх хонуу кырыытыгар олорор буолан, сарсыарда 6 чааска туран эрчиллэн, киэһээ үлэ кэнниттэн халлаан хараҥарыар диэри эрчиллэн ситиһиилээхтик кыттыбыта. Спорт ханнык да көрүҥэр эрчиллиитэ суох ситиһии кэлбэт.

1989 с. сайыныгар ССРС көҥүл тустууга федерациятын быыбара саҕаланар. Аатырбыт тустууктардаах Хотугу Осетия икки төгүллээх олимпийскай чемпионун Сослан Андиевы, грузин икки төгүллээх олимпийскай чемпион Леван Тедиашвилини, онтон да аатырбыт тустууктары кэннигэр хаалларан, ССРС көҥүл тустууга федерациятын исполкомун чилиэнэ буолар. Ити сыл салгыы федерация исполкомун Президиумун чилиэнэ буолар. Сахалартан итинник дуоһунаска тахсыбыт киһи суох. Николай Николаевич Волков Россия көҥүл тустууга федерациятын исполкомун чилиэнэ буола сылдьыбыта. Президиум чилиэнин быһыытынан Махачкалаҕа уонна Запорожьеҕа ыытыллыбыт ССРС чемпионаттарын финалыгар бочуоттаах ыалдьыт буолан, чемпионнарга мэтээл уонна бириис туттарар чиэскэ тиксэр. Ити сылларга Саха сирин көҥүл тустууга федерациятын маҥнай председателинэн, онтон уларытан Президенинэн талыллар. Билигин бочуоттаах Президент аатын сүгэр. Бэйэтин солбуйааччыларынан олимпийскай чемпионнар Роман Дмитриеви, Павел Пинигины, үрүҥ көмүс призер Александр Иванову уонна опыттаах  партийнай үлэһит Винокуров Николай Михайловиһы оҥортуур. Старшай тренеринэн эдэр үүнэн иһэр Валерий Керемясовы талаллар. Олус күүстээх састаап буолан, таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Спорт миниистэрэ, аатырбыт тустуук Петр Попову, кини солбуйааччылара ученай Виктор Ноговицыны, Николай Санниковы кытта уопсай тыл булан үлэлээбиттэрэ.

Макар Макарович юрист киһи буоларын быһыытынан туруорсан, политичекай мотивынан тохтотулла сылдьыбыт Николай Тарскай бирииһин сөргүппүтэ.

Улуу нуучча норуотун дуолан бухатыыра, ССРС сүүмэдэммит хамаандатын кылаабынай тренерэ И.С. Ярыгины кытары ыкса доҕордуу сыһыаннаах буолан, бэрт таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ. Ол курдук, Саха сиригэр Монголия, АХШ, Турция, Казахстан, Чехословакия хамаандаларын кытары матчевай көрсүһүүлэр тэриллибиттэрэ. 1990 с. бүтүн Россия финала Дьокуускайга ыытыллыбыта уонна номоххо киирбит 1964 с. Дьокуускайга ыытыллыбыт Россия күрэхтэһиитин мэтээлин ахсаанынан ситэн баран, биир кыһыл көмүс мэтээлинэн хатыламматаҕа. Ол олох улахан көрдөрүү этэ. Үс сыл субуруччу А категориялаах “Золотой пояс Якутии” норуоттар икки ардыларынааҕы турнир тэриллибитэ. Ити күрэхтэһиилэр улахан сыраттан тэриллибиттэрэ, онно Макар Макарович оруола быһаарыылаах буолара. АХШ хамаандата Саха сиригэр маҥнайгы үктэниитэ этэ. Эрчиллиилэрин батыһа сылдьан көрөллөрө. Тус бэйэм ити этиллибит күрэхтэһиилэргэ судьуйа быһыытынан кыттыбыт буолан, бары ымпыгын- чымпыгын чуолкайдык билэбин.

1990 с. АХШ Сиэтл куоратыгар “Игры Доброй воли” буолбутугар, Макар Макарович ССРС хамаандатын бэрэстэбиитэлэ буолан барбыта. Союз сборнайа сөҕүмэр ситиһиилэммитэ, ол туһунан Макар Макарович Сиэтл куораттан интервью биэрбитэ.

Мин Саха сирин тустууга федерациятыгар ветераннары кытта үлэҕэ эппиэттээх, общественнай дуоһунаска 2016 с. чилиэн быһыытынан быыбардаммытым. ”Биир төбө үчүгэй, онтон элбэх өссө ордук” диэн суолунан сирдэтэн, куоракка олорор спорт ветераннарыттан улахан опыттаах, ааттаах-суоллаах дьону мунньан, тылларын ылан, Саха Республикатын тустууга федерациятын иһинэн үлэлиир ветераннар сэбиэттэрин правлениятын тэрийбитим. Саамай ыйдарар, тутаах боппуруоһу сүбэлэтэр киһибит Макар Макарович буолар. Бары кини тылыттан тахсыбаппыт, улахан опыта, билиитэ- көрүүтэ олох хаама сылдьар энциклопедия курдук. Спорт дьиҥнээх энтузиаһа.

Федерация президенэ С.М. Березин биһиэхэ үстэ кэлэ сылдьан, спорт аксакалларыгар ветераннарга улахан махтанарын биллэрбитэ. Төһө күүһэ баарынан көмөлөһөр да, өйүүр да этэ. Билигин федерация Президенэ Айсен Сергеевич Николаев.

Макар Макарович кэнниттэн тустуу федерациятын президеннэринэн Саха сирин Президеннэрэ: М.Е. Николаев, В.А. Штыров, А.С. Николаев уонна депутат С.М. Березин буолбуттара.

Макар Макарович спортивнай ис дууһалаах, спорт уонна физкультура киһи олоҕор, сайдыытыгар эргиччи туһаны эрэ аҕаларын бэйэтэ этинэн-хаанынан билбит буолан, билигин сиэннэрин спорка угуйар, холобур буолар. Кыра кыыһа Айталина 3-с кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, куорат дьиэ кэргэнинэн күрэхтэһиитигэр кандидаттар уонна маастардар ортолоругар кыыһын кытта кыттаннар, 3-с миэстэҕэ тиксэн, үөрүү-көтүү бөҕө буолаллар. Дьарык гыммыта буоллар, маастар нуорматыгар оонньуо хаалбыт быһыылаах диэхпин баҕарабын. Айталина 6-с кылааска үөрэнэ сылдьан Горнай оройуонун дьахталларга чемпионатыгар тастыҥ эдьиийэ, республика хас да төгүллээх чемпионкатын Анастасия Яковлеваны кэннигэр хаалларан, Россия чемпионката Решетникова кэнниттэн иккис буолан соһуппута да, үөрдүбүтэ даҕаны. Ити сыл Хатаска эр дьон маастардары кытта оонньоон үһүс миэстэ буолан, маастарга кандидат буолар. Үрдүкү кылаастарга үөрэнэ сылдьан, кэлин гроссмейстер буолбут Аан дойду чемпиона Николай Стручкову кытта биир хамаандаҕа оонньоон, аатырбыт чурапчылары хотор этилэр. Россияҕа тиийэ ситиһиилээхтик оонньоон сылдьыбыта.

Айталина кэлин кыыһын Аринаны спорка угуйар. Арина 5 саастааҕар художественнай гимнастикаҕа Москва куорат аһаҕас күрэхтэһиитигэр иккитэ үһүс буолар, ону ааһан анал бирииһинэн наҕараадаланар. Дуобатка республика дедсадтарын ортолоругар чемпионкалыыр. Детсадка сылдьан Чурапчыга республиканскай күрэхтэһиигэ алын кылаас оскуола оҕолорун ортотугар үһүс, Саввинов Н.Н. бирииһигэр республиканскай күрэхтэһиигэ үһүс буолар. Билигин 7 саастаах, республика старшай тренеригэр Иван Олегович Павловка утумнаахтык дьарыктанар. Ону таһынан иккис сылын фигурнай катаниеҕа сылдьар.

Макар өссө биир сиэнэ, улахан уолун Ньургун кыыһа, алтыс кылааска уүөрэнэр Настя Москваҕа үһүс сылын олимпийскай чемпионнары үүннэрбит тренер Шаталинаҕа художественнай гимнастикаҕа Россия сборнайыгар эрчиллэр. Иккитэ республикаҕа, Израильга международнай күрэхтэһиигэ бастаата. Спорт маастарыгар кандидат буолла. Аҕата Ньургуну 3-с спортивнай оскуолаҕа тустууга эрчийбитим. Дьокуускай куоракка бастаталаан сылдьыбыта. Иккис уол Альберт алын кылаастарга хас да сыл боксанан дьарыктаммыта. Покровскайга буолбут республиканскай турнирга чемпионнаан сылдьыбыта.

Макар Макарович билигин да үлэ үөһүгэр күн солото суох сылдьар. Элбэх общественнай ноҕуруускалаах. Холобура, Ытык аксакаллар Үрдүкү сэбиэттэрин Президиумун, Ил Түмэн консультативнай сэбиэтин, киһи быраабын харыстыыр комитет экспертнэй сэбиэтин, Конституционнай суут экспертнэй сэбиэтин, куорат милициятын общественнэй сэбиэтин, силиэстибэннэй комитет общественнэй сэбиэтин чилиэнэ. Ол иһигэр биһиги правлениебыт чилиэнэ. Биир киһиэхэ элбэх общественнэй үлэ.

Республика биир улахан общественнай государственнай деятелэ, ХИФУ профессора, кафедра сэбиэдиссэйэ, Россия үрдүнэн биллэр юрист, Россия ХХ үйэ улуу следователлэрин көмүс фондатын энциклопедиятыгар, Саха сирин энциклопедиятыгар киирбитэ. Бочуот Знага, Александр Невскэй, Феликс Дзержинскэй уордьаннар кавалердара. Дьиҥнээх саха Саарына эрэ итинник сыанабылга тиксиэн сөп.

Федот СОЛОВЬЕВ, РФ уонна СР Физическэй култуураҕа уонна спорка үтүөлээх үлэһитэ, көҥүл тустууга бэтэрээннэргэ аан дойду чемпиона.

Хаартыскаҕа: Макар Макарович Яковлев (ортоку) спорт үтүөлээх маастардара А.Н. Иванову, В.Н. Гоголевы кытта, тустуу 60 сыллаах үбүлүөйүгэр.

Петр ПАВЛОВ түһэриитэ.

“Дьулурҕан” хаһыат, 2020 сыл. 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

242604
Бүгүн : 795