Интервью

Владимир Хинчегашвили: “Сахалар, олимпийскай баҕа санаалара туоларыгар баҕарабын”

// Дьулурҕан архыыбыттан

Европа, аан дойду уонна Олимпиада чемпиона Владимир Хинчегашвили ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Дмитрий Петрович Коркин кэриэһигэр көҥүл тустууга норуоттар икки ардыларынааҕы Х турнир биир бочуоттаах ыалдьытынан буолла. Кинини күрэхтэһии иккис күнүгэр көрсөн, аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүм. Олимпийскай чемпион ыйытыыларга чопчу, кылгас хоруйдары биэрдэ.

– Владимир, эн аҕаҥ туста сылдьыбытын билэбин, эдэрдэргэ Сэбиэскэй Сойуус биир күүстээх бөҕөһө этэ...

– Аҕам эдэрдэргэ Европа уонна аан дойду күрэхтэһиилэрин кыайыылааҕа этэ. Хомойуох иһин, кини мин сэттэ саастаахпар бу олохтон туораабыта. Тустууга туох баар кыайыыларбын барытын киниэхэ аныыбын. Аҕам, мин тустуунан дьарыктаныахпын наһаа баҕарар этэ.

– Дьиэ кэргэҥҥитигэр оҕолор хаһыаҕытый?

– Бииргэ төрөөбүт иккиэбит, миигиттэн үс сыл балыс балтылаахпын. Кини харбааһынынан дьарыктанар этэ, билигин үлэһит.

– Билэрин курдук, эн билигин тустар ыйааһыныҥ – 61 кг Олимпиада бырагырааматыгар киирбэт, онон инникитин хайдах дьаһанар былааннааххыный?

– Көннөрү күҥҥэ ыйааһыным 66-67 киилэ буолар. Онон ыйааһыммын кыратык эбиннэхпинэ, 65 киилэҕэ тустарбар оруобуна сөп дии саныыбын. Билигин өссө даҕаны 61-гэ кыттыахпын сөп, ол гынан баран, Токиотааҕы Олимпиадаҕа 65 киилэҕэ тустарга сананабын.

– Дмитрий Петрович Коркин аатынан турниртан туох санаалар үөскээтилэр?

– Саха сиригэр тустууну таптыылларын уонна тустууга ыалдьалларын туһунан уруккуттан истэр этим, ону бу кэлэн көрөн, өссө төгүл итэҕэйдим уонна үөрдүм. Атын сирдэргэ эмиэ  маннык эбитэ буоллар, тустуу сайдыытыгар хамсааһын тахсыа этэ.

– Владимир, саха бөҕөстөрүттэн кимнээҕи кытта тустубуккунуй?

– Виктор Лебедевтиин биирдэ тустан турабын, онно мин хотторбутум (2010 с. Европа чемпионатыгар Бакуга – П.П.). Биһиги көбүөргэ утарсааччылар этибит, оттон олоххо доҕордууларбыт. Доҕордуу сибээспит өссө кэҥииригэр, Саха сирин уонна Грузия сыһыаннарыгар туһалаах буоларыгар баҕарабын. Инникитин икки дойдулар сүбэлэһэн, тустуу сайдарын туһугар биир уопсай дьыаланы оҥороллоругар эрэнэбин.

Викторы тэҥэ мин Владислав Андреевы уонна Михаил Ивановы кытта тустубутум. Уопсайынан, саха бөҕөстөрө кыра ыйааһыннарга күүстээхтэринэн биллэллэр, көрдөрүүлэрэ даҕаны ону кэрэһилиир.

– Парижка ыытыллыбыт аан дойду чемпионатыгар бэйэҥ кыттыыгын хайдах сыаналыыгыный?

– Мин ыйааһыным – чемпионат биир саамай күүстээх састааптаах ыйааһына этэ. Үс-түөрт тэҥ баайыылаах, үрдүк көрдөрүүлээх бөҕөстөр бааллара. Кинилэртэн чуо бу киһи бастакы миэстэни ылыа диэн этэр күчүмэҕэй этэ. Маннык күүстээх хампаанньаҕа мин үһүс миэстэлэммитим.

Дьиҥэ, ханнык баҕарар наҕарааданы сыаналыыбын. Кыһыл көмүс мэтээли ылар да кыахтааҕым гынан баран, бэрт кыра тиийбэтэҕэ. Утарсааччым миигиннээҕэр бэлэмэ үчүгэй буолан биэрбитэ. Чэ, бээ, аныгыскы чемпионакка хайаан даҕаны чемпион аатын ыларга дьулуһуом.

– Владимир, соторутааҕыта эн Хотугу Осетияҕа ыалдьыттаабытын туһунан аахпытым. Эйигин Осетияттан төрүттээх дииллэр, өссө ааһа баран, араспаанньан Хинчагов буоларын ыйаллар. Итиннэ эн тугу этиэҥ этэй?

– Осетиннар миэхэ чугастар. Мин кинигэлэри үчүгэйдик билэбин уонна доҕордоһобун. Хотугу Осетияҕа сылдьарбыттан астынабын. Бэйэбин грузинынан ааҕынабын, Грузияҕа төрөөбүтүм, ол гынан баран, араспаанньам төрдө кырдьык, осетинныы Хинчагов диэнтэн тахсыбыт. Онон кинилэри кытта ханнык эрэ чугас сыһыаннаһыы үөскүүр.

– Саха тустууну таптааччыларыгар тугу баҕарыаҥ этэй?

– Саха норуота Олимпиадаҕа ситиһиилэнэр баҕа санаата туоларыгар баҕарабын! Мин көрөрбүнэн, эһиги олимпийскай чемпионнаныаххытын наһаа күүскэ баҕарар эбиккит. Сыал-сорук туруордугут даҕаны ону ситиһэргэ күүскэ дьулуһуохтааххыт, оччоҕо кыайыы кэлиэ.

– Ыҥырыыны ылынан кэлбиккэр улахан махтал! Дьиҥэ, эйигин бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан буолбакка, турнирга кыттааччы быһыытынан кэлэргэр баҕарбыппыт…

– Эһиил баҕар кыттааччы быһыытынан кэлиэм. Быйыл мин элбэх күрэхтэһиигэ кытынным. Билигин, аан дойду чемпионатын кэннинээҕи чөлгө киирии, сынньаныы кэмигэр сылдьабын. Ол иһин, турнирга бочуоттаах ыалдьыт быһыытынан кэллим. Аны икки нэдиэлэнэн эрчиллиибин саҕалыыбын, ахсынньы саҥатыгар Грузия чемпионатыгар кыттыахтаахпын. Онно кыайбыттар Европа чемпионатыгар кыттар быраабы ылаллар, онон эппиэтинэстээх күрэхтэһии.

Сэһэргэстэ Петр ПАВЛОВ.

“Дьулурҕан” хаһыат 2017 сыл алтынньы 5 күнүнээҕи №-тэн.

Владимир Хинчегашвили

1991 сыллаахха муус устар 18 күнүгэр Грузия Гори куоратыгар төрөөбүтэ.

Тустуунан 8 сааһыттан дьарыктанар.

Тренердэрэ – Аркадий Хинчегашвили, Нугзар Цхирели.

Бастыҥ көрдөрүүлэрэ:

2012 – Лондоннааҕы Олимпиада 55 кг ыйааһыҥҥа үрүҥ көмүс призера.

2014, 2016, 2017 – Европа чемпиона.

2015 – аан дойду чемпиона. 57 кг.

2016 – Риотааҕы Олимпиада 57 кг ыйааһыҥҥа чемпиона.

2017 – Аан дойду чемпионатын боруонса призера.

2015 сыл түмүгүнэн Грузия бастыҥ спортсменынан талыллыбыта.

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227561
Бүгүн : 363