“Туймаада – Эркээни” сүүрүүгэ Степан Лыткин аатын иҥэриэххэ
Ытыктыыр күндү доҕорбут, геология идэтигэр бииргэ үөрэммит тумус туттар атаспыт, кэллиэгэбит Степан Федорович Лыткин ыарахан ыарыыттан соһуччу күн сириттэн күрэммитэ 40 хонуга сэтинньи 1 күнүгэр туолар.
Ыстапаан 1948 сыллаахха алтынньы 9 күнүгэр Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Сыымах сэлиэнньэтигэр Федор Федорович уонна Евдокия Николаевна Лыткиннар 10 оҕолоох дьиэ кэргэннэригэр иккис оҕонон төрөөбүтэ. Оҕолор Мархаттан 3 км сиргэ баар Нуораҕана оскуолатыгар сатыы сылдьан үөрэммиттэрэ. Степан онтон 1963-67 сылларга Төҥүлү орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. 1967 сыллаахха СГУ ИТФ-гар эрэллээхтик туттарсан геология салаатын уcтудьуона буолбута.
Ол сыл ИТФ устудьуоннарын Сэргэлээххэ икки этээстээх 6-с “а” куорпуска дьиэлээбиттэрэ. Биһиги утарыта турар 5-с уонна 6-с №-дээх хосторго 12 геолог, 2 тутааччы, 1 горняк – бары 1-кы куурус уолаттара олорбуппут. Бастакы доҕордоһуубут мантан саҕаламмыта. Степан сайаҕас санаалаах, дьону бэйэтин тула түмэр дьоҕурдаах, бэртээхэй баянист буолан тута биллэр-көстөр киһибит буолбута. Түгэн көһүннэр эрэ мустан кини доҕуһуолунан Аркадий Алексеев эдэр сааска анаммыт бастакы ырыаларын: “Хайа, хаһан кэлэҕин?”, “Сааскы вальс”, “Студент доҕорбор”, “Таммахтар”, мэҥэлэр гииминнэрин “Майа сайынын” уонна биллэн турар, романтика тыынынан илгийэр геологтар туһунан сөбүлээн ыллыырбыт. Ити курдук бэркэ тапсан, бэйэ-бэйэбитин өйөһөн бастакы кууруһу этэҥҥэ түмүктээбиппит. Билигин сөҕөрүм диэн, бу уолаттар, Халыма уола Сивцев Леняттан атыттар бары 5-с кууруска тутуспутунан тиийбиппит.
Көрдөөх-нардаах, дьоллоох устудьуон сылларбыт биллибэккэ элэс гынан ааспыттара. 1972 с. үөрэхпитин бүтэрэн биһиги куурустан 13 уол 1968 сыллаахха арыллыбыт байыаннай хааппыдыра бастакы выпускниктара буоларбыт быһыытынан, аармыйаҕа икки сылга офицерынан сулууспалыы барбыппыт. Ыстапаан биһигини сайыһан баҕа өттүнэн сулууспалыы бараары байаҥкамаакка тиийбит соҕотох этэ, көрөрө мөлтөх буолан ылбатахтарыттан олус хомойбута.
Ол сыл кини Дьааҥытааҕы геология-разведка эспэдииссийэтигэр ананан Баатаҕайга үлэлии тиийбитэ. Мин сулууспалыы сылдьан Ыстапаантан сүрдээх истиҥ, элбэх сонуннаах суруктары тутарым: эспэдииссийэҕэ хайдах көрсүбүттэрин, онно туох ыарахаттары көрсүбүттэрин, бастакы хонуу үлэтин эридьиэстэрин хайдах туораабытын туустаан-тумалаан умсугутуулаахтык суруйбутун умнубаппын. Суруйууга дьоҕурдааҕын онно билбитим, геология романтикатыгар бэриниилээхтик ылларбытын, дьиҥнээх геолог буоларга бигэтик санаммытын өйдөөбүтүм. Бу эспэдииссийэҕэ Ыстапаан 14 сыл устата (1972-86) техник-геологтан саҕалаан партия начаалынньыгар, 1600 киһилээх улахан кэллэктиип профкуомун бэрэссэдээтэлигэр тиийэ үүммүтэ, буспута-хаппыта.
Онтон Хаҥалас оройуонун Үөһээ Бэстээҕэр саҥа тэриллибит Өлүөнэтээҕи эспэдииссийэҕэ геология каартатын устар, оҥорор партия началынньыгынан 3 сыл (1986-89) наһаа табыллан үлэлээбитэ, мындыра, дириҥник толкуйдуура, саҥаны тобулара, көрдүүр-чинчийэр үлэлэри сатабыллаахтык салайара арылхайдык көстүбүтэ.
1989 сыллаахха Ыстапаан үлэтин хайысхатын тосту уларытан экология эйгэтигэр көспүтэ. Бастаан Хаҥалас оройуонун Айылҕа харыстабылыгар кэмитиэтин иниспиэктэринэн, онтон бэрэссэдээтэлинэн 1997 с. диэри үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. 1997 сыллаахха Степан Федоровиһы өрө таһааран, Дьокуускай куоракка Айылҕа арыстабылын салаатын начаалынньыгынан аныыллар, онтон СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтин холбоһуктаах территориальнай кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн талаллар.
2000-2011 сс. “Аллараа-Өлүөнэтээҕи” ААУО сүрүннүүр инженеринэн, онтон кылаабынай экологынан үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.
2012 с. геологияҕа төннөн Уус-Маайа улууһугар «Заря+М» ААУО кылаабынай геологынан 2016 с. биэнсийэҕэ тахсыар диэри үлэлээбитэ.
Степан Федорович үлэлээбит үрдүк дуоһунастарыгар туох баар күүһүн-күдэҕин, кыһамньытын, билиитин ууран, ис сүрэҕиттэн эппиэттээхтик үлэлээбитин кини үгүс ахсааннаах наҕараадалара туоһулууллар. Улаханнарын ааттаатахха:
- Арассыыйа (2008) уонна СӨ (1998) Айылҕаҕа харыстабылын туйгуна;
- “Килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээл (1977) хаһаайына;
- “Тыыннаах айылҕаҕа ураты кылаатын иһин” бэлиэ (2002) лауреата;
- Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Дьабыыл нэһилиэгин Ытык киһитэ
- Арассыыйа үлэҕэ бэтэрээнэ (2001);
- “СӨ успуордун бэтэрээнэ” уо.д.а.;
Маны таһынан, доҕорбут успуорт көхтөөх көҕүлээччитэ уонна уопуттаах тэрийээччитэ этэ. Кини успуорка ситиһиилэрин киһи ааҕан сиппэт. Саамай боччумнаахтара – Аан дойду, Европа таһымыгар:
- 5 уонна 10 км сүүрүүгэ (бэтэрээннэргэ) Европа чөмпүйүөнэ (Измир к., Турция, 2014 с.;
- Кантри-кросска уонна марафоҥҥа (бэтэрээннэргэ) Аан дойду чөмпүйүөнэ (Лахти к., Финляндия, 2009 с.);
- Кантри-кросска (бэтэрээннэргэ) Европа чөмпүйүөнэ (Измир к., Турция, 2014 с.);
- Кантри-кросска (бэтэрээннэргэ) Аан дойду чөмпүйүөнэ (Лион к., Франция, 2015 с.);
- Марафоҥҥа (бэтэрээннэргэ) Европа үрүҥ көмүс призера (Измир к., Турция, 2014 с.) уо.д.а.;
Доҕорбут “Дьулуур” сүүрүүнү таптааччылар кулууптарын 3,5 сыл (1999 с. муус устарыттан 2003с. алтынньытыгар дылы) салайбыта. Бу сылларга кини уоттаах-төлөннөөх үлэтин түмүгэр “Дьулуур” кулууп 13 чилиэнэ Арассыыйа успуордун маастара буолбута, 20 киһи СӨ успуордун маастарын нуорматын толорбута, сүүрүүнэн үлүһүйээччи, чөл олоххо тардыһааччы дьон ахсаана лаппа үрдээбитэ.
Чэпчэки атлетика Федерацията, СӨ Айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ, Бэтэрээннэр Сэбиэттэрэ сүбэлэһэн С.Ф. Лыткин успуорт сайдыытыгар өр сыллаах күүрээннээх үлэтин уонна успуорка баһырхай ситиһиилэрин учуоттаан кини тэрийсибит сыл аайы ыытыллар “Туймаада – Эркээни” (12,3 км уһуннаах) экологияны харыстааһыҥҥа анаммыт сүүрүүгэ кини аатын иҥэрэллэрэ буоллар хайҕаллаах быһаарыы буолуо этэ.
Атас-доҕор быһыытынан Ыстапаан, чахчы да киһи эрэнэр киһитэ этэ. Бииргэ үөрэммит доҕотторун күндүтүк саныыра, түгэн көһүннэр эрэ мунньара, кыһалҕаҕа киирбиттэргэ көмө хомуйааччы, тэрийээччи, үксүгэр кини буолара. Холкута-киэҥэ, кыраҕа ымыттыбата, биир тыллааҕа, кэпсээччини сатаан истэрэ, ханнык да боппуруоһу бэрт дэбигистик быһааран кэбиһэр дьоҕура – барыта тулалыыр дьону бэйэтигэр тардарыгар, түмэригэр көмөлөһөрө, бары өттүнэн холобур буолар биир лиидэрбит этэ.
Үөлээннээхпит Ыстапаан барахсан сиргэ кэлбит аналын толорон, Сунтаар улууһун кэрэ аҥаарын, Герасимова Лидия Петровнаны таптаан, холбоһон иллээх-эйэлээх ыал буолан, кыыстаах-уол оҕолоругар күн сирин көрдөрөн, улаатыннаран, үрдүк үөрэхтээх үлэһит дьон оҥортоон, сиэннэрин көрөн-бүөбэйдээн биир уол оҕо олорорун олорон, оҥорорун оҥорон, толорорун толорон бу орто дойдуттан сиэрдээхтик араҕыста. Көмүс уҥуоҕа күндү дьоно сытар Нуораҕана кылабыыһатыгар харалынна.
Кини туһунан үтүө өйдөбүл биһиги тыыннаахпыт тухары сүрэхпитигэр сөҥөн сылдьыаҕа. Быдан дьылларга бырастыы!
РМ-67 группаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторун аатыттан Константин СТРУЧКОВ, кэллиэгэлэрэ.