Интервью

«Романныын сүрдээҕин тапсарым»

// Дьулурҕан архыыбыттан

2013 сыллаахха күһүн Эдьигээҥҥэ тиийэ сылдьан Роман Дмитриев бииргэ төрөөбүттэрин, аймахтарын, бииргэ үөрэммит доҕотторун көрсөн ахтыылары хомуйбутум. Онно, олохтоох хаһыат редактора А.Ф. Матвеевы кытта Роман Михайлович оҕо сааһын доҕоро, аймаҕа Екатерина Ивановна Мучиринова-Софроноваҕа ыалдьыттаабыппыт.

– Екатерина Ивановна, саха бастакы олимпийскай чемпиона Роман Дмитриеви кытта оҕо сааскыт бииргэ ааспыт эбит дии. Ити туһунан баһаалыста сырдата түспэккин ээ.

– Роман Михайлович ийэтэ Александра Николаевна уонна мин аҕам ийэтэ Бүлүүттэн төрүттээхтэр. Кыргыдайдар. Кинилэр бииргэ төрөөбүт оҕолор. Аҕалара тус туһунан, оттон ийэлэрэ – биир.

Аҕалара Михаил Романович булчутунан сылдьан баран, кэлин атыыһыттаабыта. Сүрдээх өйдөөх киһи этэ. Роман 1949 сыллаахха Быыбарка арыытыгар, Бэстээх сиригэр-уотугар үүтээҥҥэ төрөөбүт оҕо. Булчут аҕабын кытта тэҥҥэ сылдьара. Астаан-үөллээн биэрээччинэн. Биир сыл саас Ганя, Рома уонна Сеня биһиэхэ олорбуттара. Дьонноро бөһүөлэккэ бааллара.

Дмитриевтэр, хас сыллаахха эбитэ буолла, Баахынайга көһөн барбыттара. Роман онно оскуолаҕа киирбит буолуохтаах. Онтон уолаттар алын кылаастарга үөрэнэр кэмнэригэр Баахынайтан манна, Эдьигээҥҥэ көһөн киирбиттэрэ. Кэнники ити Тоня, Коля, Руслан төрөөбүттэрэ. Биһиги эдьиийбит саҥата-иҥэтэ суох да буоллар, үлэни-хамнаһы барытын бүтэрэ-оһоро сылдьар киһи этэ. Балта Александра Николаевна хата сүрдээх саҥалаах-иҥэлээх, үлэһит чүөчэ этэ. Онтун эмиэ элбэх оҕолоох. Гоша диэн Романныын саастыы дуу, аҕыйах сылынан аҕа дуу эмиэ биир күүстээх тустуук тахсан иһэн, эдэр сааһыгар хомолтолоохтук өлбүтэ. (Егор Павлов – көҥүл тустууга республика 1970 c. чемпиона – П.П.).

Оҕо сылдьан манна, Эдьигээҥҥэ бэһис кылааска үөрэнэ киирэбит. Оччолорго Бэстээх оскуолата түөрт эрэ кылаастааҕа. Уоллуун-кыыстыын бары тустууну наһаа интэриэһиргиибит. Ол саҕана тустар сир кулууп этэ. Гошалаах Рома ыйааһыннара тэҥ буолан, өрүү бииргэ тусталлара. Биһиги бирээмэ: «Гоша, Гоша! Рома, Рома!» диэн хайаларыгар ыалдьыахпытын билбэппит. Ийэлэрэ тустуу көрө олорон иккиэн долгуйаллар аҕай: “Тоҕо ити иккиэннэрин бииргэ туһуннаралларый? Атын-атын уолаттары кытта туһуннарыахтарын», – диэн айманаллар.

Иккиэн эмиэ хайаларыгар ыалдьыахтарын билбэт буоллахтара дии. Ол кэннэ көбүөргэ Ганя тахсааччы. Кини аҕа киһи быһыытынан бырааттарыттан улахан ыйааһыҥҥа кыттара. Сороҕор эмиэ ыйааһын түһэрэн хайаан, үһүөн бииргэ тустааччылар. Интернакка сүрдээх эйэлээхтик олорбуппут. Уолаттар бары тусталлар, наһаа түмсүүлээх этилэр. Ромалыын бииргэ тапсан сылдьарым, оттон Ганя наһаа мэник буолааччы. Биһигиттэн биир сылынан аҕа этэ.

Аҕам миигин уолаттары кытта тэҥҥэ бултаабыт көтөрүн тастарар этэ. Ону сопхуоска туттараллар. Сибиэһэй көтөрүнэн, балыгынан аһылыктаналлар. Өлүөхүмэ арыыта диэн сиргэ үүтээннээх этибит. Онно аҕам аах балыктыыллар, кустууллар.

Ити курдук, оҕо сааспын Романы кытта алтыһан аһарбытым. Онон киэн туттабын. Бу олохтон эмискэ суох буолбутуттан сүрдээҕин хараастабын.

– Роман Михайлович Эдьигээҥҥэ кэллэҕинэ, бииргэ төрөөбүттэригэр буолбакка, эһиэхэ кэлэн хонор эбит дии. Ол аата, чугастык саныыр буоллаҕа.

– Оҕо эрдэхпититтэн бииргэ сылдьыбыппыт, үчүгэйдик өйдөһөрбүт — аҕабыт булка сыһыаннааҕыттан буолуо дии саныыбын. Санаатын мээнэ саҥаран биллэрбэт киһи этэ. Аҕыйах саҥалаах, ис дууһатыттан сыһыаннаһар киһи. Биһиэхэ кэллэҕинэ балта Тоня: «Эйиэхэ эрэ тиийэр, миэхэ кэлбэт», – диэн күнүүлүүрэ. Бииргэ төрөөбүттэригэр сылдьарын сылдьар, син биир ыалдьыттыыр этэ. Ол гынан баран, хонорун биһиэхэ хоноро.

Бүтэһик сырыытыгар, хайдах эрэ буолуохтааҕы таайбыт курдук, аймахтар (аҕатын төрдүнэн), бииргэ төрөөбүттэр бары мустан, үчүгэй баҕайытык сынньаммыппыт. Уруккуну-хойуккуну ырытыспыппыт. Ийэбит өттүттэн Павлов Гоша – Чоопуй эдьиийэ Анна Егоровна кэлбитэ. Саҥаһа, Гаврил кэргэнэ Мария Николаевна баара.

Өрүскэ киирэн сынньаммыппыт, аһаабыппыт, күрэхтэспиппит. Мин кэргэним Вячеслав киниэхэ таай буоллаҕа дии. Сүүрүүгэ кинини «арыый инники тур» диир уонна дьэ сырсаллара. Вячеслав тыбыгыратан түргэнник сүүрэр. Ону Роман: «Хайа, кырдьаҕас киһи диэн кэннигэр тураммын албыннаттым», – диэн күлэрэ.

Кэргэним Вячеслав эдэр сылдьан эмиэ тустар этэ. Секцияҕа бииргэ сылдьар буолан, онтон ыла билсэллэр, доҕордоһоллор. Иккиэн спорка интэриэстээх буолан, кэпсэтэр темалаахтара.

— Бээрэ, манна Романнаах дьикти тааһы булбуттарын туһунан кэпсээн баар. Ону билэр буолаайаҕын?

— Корнилов диэн киһи кэлэ сылдьыбыта. Роман табаарыһа, эмтиир, араҥаччылыыр киһитэ. Онно библиотека дьиэтигэр хоно сыппыттара. Биһиги дьиэбитигэр миэстэ суох буолан. Хас да хонон баран, Роман ол Корниловынаан биһиэхэ киирэн кэллилэр. Корнилов биир сарсыарда өрүскэ сөтүөлүү сылдьан дьикти тааһы булан таһаарда. Ол таас биһиэхэ үс хас сыл турбута.

«Хайа, бу мантыкаҥ балык курдук эбит дии, айаҕын аппыт, тыла бу сылдьар, харахтаах эҥин» диэтим. Дьэ, онно өйдөөн көрөн баран: «Ээ, кырдьык даҕаны, оннук эбит дии», — диэн саҥа аллайбыта.

Мин оҕо сылдьан айылҕаны, оту-маһы хайдах эрэ уратытык ойуулуу көрөөччүбүн.

Оттон биирдэ уолаттар көтүөккэлэһэн кэлэннэр: «Роман Михайлович аптаах тааһын ыытар үһүгүт», — диэтилэр. Онуоха мин: «Ханнык аптаах тааһын этэҕит?», — диэн соһуйдум. Ол икки ардыгар оннук таас баарын таһыччы умнан кэбиспиппин. Оттон, ээ диэммин дьэ өйдөөммүн, маны этэр буоллахтара диэммин, тааһы суруктуун баҕастыын биэрэн ыыппытым.

Арай биирдэ уолум: «Хайа, ийээ көрүүй, ити автобуска оҕолор били тааспытын имэрийэ тураллар дии», – диэтэ. Дьэ, «дьону үөрэхтээ, кэпсээ, өйдөө, дьону доруобуйалаа», эҥин диэн кэпсэл бөҕөтө буолла. Ол таас мин дьиэбэр үс сыл сыппыта да, ханнык да ырыаны-тойугу да истибэтэҕим, тугу да аптаабытын билбэтэҕим.

Кэлэр сайыныгар кэпсэтии быһыытынан Роман Михайлович дойдутугар Эдьигээҥҥэ  кэлиэхтээх этэ. Анаан сынньана диэн ааттаан. Онно кэллэҕинэ: «Тааспын тоҕо көһөрдүгүт, оннооҕор түүлбэр киирдэ, оннубар сытыам этэ», – диэн этиэхтээх этим. Итинник дьээбэлээри сылдьан, Роман Михайлович суох буолбутун туһунан кутурҕан сонуну истэн соһуйбутум. Ол баҕар дьайбыта буолуо диэн таайа саныыбын… Ол гынан баран, ыарыы буоллаҕа дии, төһөлөөх эчэйиилээх сылдьыбыта буолуой?!

Москватааҕы Олимпиада хамаандатыгар киллэрбэтэх сайыннарыгар бастакы кэргэнин кытта манна, Эдьигээҥҥэ кэлэ сылдьыбыта. Онно кыра гостиница баарыгар түспүттэрэ. Биһиэхэ кэлэн ыалдьыттаабыттара. Онно кэргэним Вячеслав кинини онно-манна сырытыннаран, санаатын-оноотун аралдьыппыта.

Аны биир интэриэһинэйэ диэн, Тонятыгар кыыһа хаппыт балыгы (дьуукаланы) сөбүлүүрүн билбиппит. Ону күлэбин ээ, ханан да буолтун иһин, син-биир эбэҥкэтин тардыыта баар эбит диэн. Эбэҥки буоллахтара дии, бу Куонара эбэҥкилэрэ, эһэлэринэн – Кыһыл оҕонньорунан, Кыһыл Ньукулайынан…

Роман Михайлович аатын үйэтитээри Бэстээххэ бюһун туруораллара буоллар. Киһи төрөөбүт сириттэн-буоруттан тутулуктаах буоллаҕа.

Роман ыалдьан балыыһаҕа киирбитин туһунан миэхэ Тааттаттан Александр Семенович Аргунов телефонунан эппитэ. Оттон аҕыйах хонон баран өлбүтүн туһунан биллэрбиттэригэр, халлааным хараҥарарга дылы гыммыта…

Петр ПАВЛОВ.

“Дьулурҕан” хаһыат 2017 сыл атырдьах ыйын 10 күнүнээҕи №-тэн.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253186
Бүгүн : 44