История

Күүстээх дьон тустарынан: Бөҕө киһи туох аһылыктаах этэй?

Кэрэ Киһи Уола – Соппуруон Ньурбаҕа күннээн-күөнэхтээн сылдьыбыт бөҕө киһи. Кини ХХ үйэ саҕаланыытынааҕы Бүлүү улуустарын күүстээхтэриттэн биир чаҕылхайдара эбит. Кэбиһиилээх оттоох сыарҕаны аҥаар илиитинэн балай эмэ өндөтөрүн, түөрт саастаах орто уойуу оҕуһу өрө көтөҕөн ылан күрүө нөҥүө быраҕарын дьон дьулайа, сөҕө-махтайа көрөр этилэр.

Мин эһэм Василий Федорович Павлов хойукка диэри Соппуруон туох аһылыктаах буолан күүһүмсүйэрин туһунан куруук сэһэргиирэ. Кэрэ Киһи Уола чахчы да сахаттан аһастаах киһи эбит.

Сарсыарда күн тэмтэйэ ойуута киниэхэ анаан сыалаах эти олгуйу толору буһараллар. Соппуруон уутун хана утуйан баран турарын сөбүлүүрэ. Сарсыардааҥҥы аһылыгын иннинэ булгуччу ымдаан, эбэтэр суорат иһэрэ. Дьэ, ол кэнниттэн очоҕоһун уһугуннаран баран, налыччы сыалаах эти уобалыыра. Кини хаһан да аһыырыгар тиэтэйбэт эбит. Бүтүн олгуй эттээх миини иһэн баран, өссө саҥа олгуйу оргута ууралларыгар көрдөһөрө.

Аһаан баран хайаан да тутатына үлэлии-хамныы тахсыбат эбит. Тоҥ күөс быстыҥа сыппахтыы түһэн баран, дьулурҕатык тахсан барара.

Күүстээх күүстээх курдук, Соппуруон туох да үлэни тулуппат идэлээҕэ, ордук мас үлэтигэр сөбүлээн үлэлиирэ. Түөрт киһи кыайбат бэрэбинэлэрин аа-дьуо хааман кэлээт, туох эрэ хаптаһын сыыһын курдук модьу түөһүгэр сөрөөн, төһө эмэ ыраахха илдьэрэ. Дьэ, бу сырыттар куруук аһыы сылдьар эбит. Тууйаһыгар арыылаах, бэрэмэдэйигэр эттээх, лэппиэскэлээх буолара.

Кэрэ Киһи Уола күнүскү омурҕаныгар уон киһи аһылыгын аһыырын сөҕөн кэпсииллэр. Ордук кымыстаах буоллаҕына куолайа өссө аһыллар, хуҥхарбыта өссө сэтэриир эбит. Биир олорууга биэс тымтай тапталлыбыт арыыны, биир куубук саҥыхахтаах алаадьыны, икки олгуй эттээх миини, үс иһит суораты аһаатаҕына санаата көтөҕүллэрэ. Кэрэ Киһи Уола чэйи олус сөбүлүүрэ.

Алтан дуйдаах Кэтэриинискэй сылыбаардааҕа. Онтун тэлгэһэҕэ таһааран оргутан, көйөөрөн баран, аа-дьуо бүлүүһэлэнэн, мойдонон чэйдиир буолара. Чэй иһэригэр тиритэн, курданарыгар диэри сыгынньахтанан, түөһэ топпойон, көхсө багдаллан олорорун дьон: “Соппуруон барахсан эмиэ биир омурҕан чэйдиир буолбут”, – диэн кэпсэтэллэрэ. Биир сылыбаар чэйи барытын иһэн баран, өссө астыммакка хос оргутара. Ити курдук куйаас күҥҥэ итии чэйи иһэн, тиритэн-хорутан, этин-сиинин ыраастанар эбит.

Кэрэ Киһи Уола арыгы, табах дьаллыгын билбэт буолан олус чэгиэн, төрөлкөй этэ. От үлэтигэр кинитэ суох сатамматтара. Кэбиһиллибит оту ньалбалары баҕастары соһон тирилэтэн, алаас ханнык баҕарар муннугар аҕалара. Муҥкуга-көнөтө бэрт буолан, ханна тугу эппиттэрин сөбүлэһэн иһэрэ. Онон от-мас үлэтигэр Соппуруона суох сатаммат этилэрэ.

Кини күн былаһын тухары хаста да аһыыр идэлээҕэ. Ол аһылыга сибиэһэй, иҥэмтиэлээх буолан, кини күүһүгэр күүс эбэрэ. Үөлүллүбүт собону ымдааны кытта төһө баҕарар сиэн сөбө. Маны тэҥэ иэдьэгэйи, көбүөрү, уопсайынан үрүҥ аһы барытын сөбүлээн сиирэ.

Кэрэ Киһи Уола айылҕаттан бэриллибит күүһүн туһанарыгар эриэ-дэхси режимнээх олоҕо, сөптөөх аһылыга көмөлөспүттэрэ саарбаҕа суох. Маны ханнык баҕарар эдэр киһи ааҕан туһаныан сөп. Кытаанахтык хамсана-хамсана белоктаах аһы аһаатаххына, былчыҥын маассата улаатар, күүһүн-уоҕун эбиллэр.

Уугун хана утуйар, арыгылаабат, табахтаабат буоллаххына аһымньаныҥ улаатар, эккин-сииҥҥин сөпкө аттаран хамсаттаххына, туох баар сайдыыҥ эриэ-дэхси барар. Маннык киһи олох туох баар эрэйдэриттэн толлубат, бөҕө психикалаах буолар. Үчүгэйдик аһыыр киһи – үчүгэйдик үлэлиир!

Станислав АЛЕКСЕЕВ.

“Түһүлгэ” спортивнай таһаарыы 1 №-тэн, 1992 сыл.       

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227582
Бүгүн : 384