Интервью

Бүргэһи хааһахха кистээбэккин

// Дьулурҕан архыыбыттан

Көҥүл тустууга ССРС, хапсаҕайга Саха сирин спортарын маастара Андрей Яковлевы кытта 1999 сыллаахха “Республика бүттүүнэ” хаһыакка сэһэргэспиппин булан ылан ааҕааччыларга билиһиннэрэбин. 

– Ханнык баҕарар эйгэҕэ дьон-сэргэ ытыктабылын ылар киһини биир дойдулаахтара өрүү киэн тутта ааттыыллар. Ол сиэринэн эн спорка ситиһиигинэн ордук хаҥаластар астыналлар, биһиги уолбут дэһэллэр. Оттон мин билэрбинэн, эн өр сылларга Уус Алдан чиэһин ситиһиилээхтик көмүскээбитиҥ. Итини быһааран биэр эрэ.

– Аҕам Вячеслав Петрович Яковлев Хаҥалас улууһун Улахан Ааныттан төрүттээх. Кини отучча сылы быһа суоппарынан үлэлээбитэ. Бэйэтэ дэгиттэр сайдыылаах спортсменынан биллэр. Ол курдук, эдэр сылдьан тустуук, боксер, хайыһардьыт, гиирэ анньааччы, мас тардыһааччы быһыытынан элбэхтик күрэхтэспит. Бу көрүҥнэргэ оройуон хас да төгүллээх чемпиона уонна призера. Онтон ийэм Анастасия Васильевна төрөөбүт сирэ – Булгунньахтаах. Кини 1970 сыллаахха госуниверситеты бүтэрэн, зоотехник идэтин ылаат, Уус Алдаҥҥа үлэҕэ анаммыта. Онтон мин оҕо сааһым Дүпсүҥҥэ ааспыта. Орто оскуоланы 1985 сыллаахха Мүрүгэ бүтэрбитим. Онон тустуук быһыытынан Уус Алдантан буһан-хатан тахсыбытым.

– Андрей, эн тустууга уонна хапсаҕайга күрэхтэһиигин спорду таптааччылар сэҥээрэн кэтииллэр. Сахаларга “киһи кэмнээх, балык ыамнаах” диэн бэргэн этии баар. Бэйэҥ улахан көбүөргэ кыттыыгын хаһааҥҥа диэри былаанныыгын? Быйыл тоҕо эрэ күрэхтэһииҥ аҕырымнаата.

– Икки ыйынан ыытыллар Россия чемпионатыгар 69 кг ыйааһыҥҥа тустар баҕалаахпын. Бу ыйааһын бастыҥнарын барыларын кытта туста сылдьыбытым. Холобур, Велихан Алахвердиевы эрчиллиигэ кыайар этим. Онтон Россия быйылгы чемпионун Сергей Кирилловы кыһын Красноярскайга ыытыллыбыт Үрдүкү спортивнай маастарыстыба оскуолатын аһаҕас күрэхтэһиитигэр 3:0 ахсаанынан хоппутум. Спортсмен быһыытынан кыахпын ситэ туһаммакка сылдьабын дии саныыбын. Дьиҥэр, бэйэм күүспэр эрэлим улахан этэ да, эрдэ кырытыннаран кэбиһэн – кэлин күрэхтэһиилэргэ да, эрчиллэр түмсүүлэргэ даҕаны кытыннарбат, чугаһаппат буоллулар.

Ааптартан: Ханныгын да иһин тустуук Андрей Яковлев өр сыллаах, элбэх көлөһүн тохтуулаах, эт-хаан өттүнэн эчэйиилээх даҕаны, олоҕун анаабыт дьарыгар биир бэлиэ түгэнинэн былырыын Россия сүүмэрдэммит хамаандатын састаабыгар киирэн АХШ-ка ыытыллыбыт Аан дойду кубогын күрэхтэһиитигэр кыттыыта буолар. Итинэн кини спорка бэриниилээх холобуру, тустууга тапталы, туруоруммут соругу толорууну көрдөрбүтэ.

Киһи кэрэхсиирэ баар, Андрей сылтан-сыл ахсын спорка көрдөрүүтүн улам тупсаран иһэр. Кэнники сылларга Красноярскайдааҕы Иван Ярыгин аатынан турнирдарга саха бөҕөстөрүттэн бастыҥ көрдөрүүлээх.  Аҥардас быйылгы сылга киирэн баран тохсунньу саҥатыгар Д.Г. Миндиашвили бирииһигэр Красноярскайдааҕы ШВСМ аһаҕас күрэхтэһиитигэр бастакы миэстэни ылан, Иван Ярыгин кэриэһигэр ананан ыытыллар улахан түһүлгэҕэ кыттар быраабы ситиспитэ. Бэйэтин ыйааһыныгар Россия бөҕөстөрүттэн бастыҥ көрдөрүүлэммитэ. “Бүргэһи хааһахха кистээбэккин” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Андрей хаһан эрэ “ытан кэбиһиэхтээҕэ” биллэр этэ. Кэлин сылларга тренер Н.Н. Рожин салалтатынан эрчиллэн, тустар ньыматын тупсаран, психологическай өттүнэн туруктаах буолан, бэйэтин кыаҕар эрэниитэ күүһүрдэ. Онон көбүөр улахан кылаастаах маастарын быһыытынан иннин диэки хардыылаата диэххэ сөп.

– Бу сайын Тааттаҕа Манчаары бирииһигэр Олоҥхо оонньууларын хапсаҕайга абсолютнай чемпионатыгар бэйэҕинээҕэр икки төгүл ыарахан ыйааһыннаах Валентин Иванову кыраһыабайдык даҕаны охторон түһэрбитиҥ…

– Урут Валентины кытта хапсаҕайга хаста да көрсөн турабын. Үксүгэр кини кыайара. Бу сырыыга быһаарыылаах хапсыһыыга тахсарбар утарылаһааччым күүстээх уонна мөлтөх өрүттэрин ырытан, ыраҥалаан көрбүтүм. Киирсии хайдах быһыылаахтык барыахтааҕын былааннаабытым. Наһаа холкутуйан хаалбытым, хайдах эрэ кыайыыга эрэллээх этим. Санаабытым курдук, киһим түргэнник илистибитэ. Ол да курдук кэбирэхтик охтон хаалбыта.

– Ити чаҕылхай кыайыы кэнниттэн тута Красноярскайга тиийэн тустубут эбиккин дии. Боротокуолу көрдөххө, 63 киилэлээхтэргэ 32 бөҕөстөн биэстэ тустан – ахсыс миэстэлэммиккин.

– Күрэхтэһиигэ бэйэм харчы булан, хамаанданы таһынан кыттыбытым. Онон өскөтүн бу күрэхтэһиигэ атын уолаттарбыт анаан эрчиллэн, бэлэмнэнэн баран тиийбит буоллахтарына, мин соһуччу кэриэтэ барбытым. Тааттаҕа кыайыыбынан санаам көтөҕүллэ сылдьар кэмэ этэ. Дьон-сэргэ эрэлэ күүһүрбүтүнэн харчы була охсон, Красноярскайдыыр буолбутум. Бастакы эргииргэ бу ыйааһын бастыҥа Мурад Умахановы кытта тустубутум. Бу хапсыһыыга тарбахпын таһааран кэбиһэн, кыл-мүччү 4:3 ахсаанынан хотторон кэбиспитим.

Дьиҥэ, күрэхтэһэр үөрүйэхпин тохтоппокко, эрчиллэр түмсүүлэри көтүппэккэ үчүгэйдик сыаллаан-соруктаан бэлэмнэммитим эбитэ буоллар, ити киирсиигэ кыайыам этэ дии саныыбын. Ону хамаанданы сүүмэрдиир, талар дьон – тренердэр эрэ быһааран эрдэхтэрэ…

Ааптартан: Аан дойду Кубогын күрэхтэһиитигэр Андрей биирдиилээн түмүккэ төрдүс миэстэлэммитэ. Онтон хамаанданан киирсиигэ биһиэннэрэ американецтары кытта очколара тэҥнэһэн хаалан, кыайыылааҕы быһаарыыга ыраас хотуу ахсаанын аахсыы буолбут. Манна Андрей Яковлев дьоппуону очукуонан лаппа баһыйан кыайыыта улахан оруолу ылбыт. Онон 1992 сыл кэнниттэн өр күүттэрэн баран, Россия хамаандата Аан дойду Кубогын ылар чиэскэ тиксибитэ. Бу кыайыы кэлин кэмҥэ тустууктарбыт сүрүн утарсааччыларын дьиэлэригэр-уоттарыгар тиийэн, хаһаайыттар элбэх ахсааннаах “ыалдьааччыларын” ортотугар ситиһиллибитинэн – икки бүк үөрүүлээх. Онно биһиги биир дойдулаахпыт Андрей Яковлев бэйэтин кылаатын киллэрсибитинэн киэн туттуох кэриҥнээхпит.

– Спортсмен киһиэхэ “мин дьиэм – мин кириэппэһим” диэн өйдөбүл улахан суолталаах буолуохтаах. Дьиэ кэргэнин туһунан билиһиннэриэҥ дуо?

– Кэргэним Татьяна Дмитриевна Ис дьыала органыгар үлэлиир. Мүрү орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан билсибиппит. Октябрина диэн кыыстаахпыт. Билигин куорат 2 №-дээх орто оскуолатыгар алтыс кылааска үөрэнэр. Элбэхтик кэлэр-барар, күрэхтэһэр киһиэхэ кырдьык, дьиэ кэргэним – саамай ахтар-саныыр дьонум буоллахтара дии.

Дьэ, ити курдук, ханнык баҕарар таһымнаах күрэхтэһиигэ аҥардас кыттааччы эрэ оруолун ылбакка, кыайыылаахтар кэккэлэригэр киирэр бигэ санаалаах Андрей Яковлевы кытта бэрт истиҥник кэпсэттибит.

Андрей Яковлев

1968 сыл от ыйын 3 күнүгэр төрөөбүтэ.

Көҥүл тустуунан 1979 сылтан дьарыктанар. Бастакы тренерэ – Н.Р. Крылов, онтон – Н.Н. Рожин.

Көҥүл тустууга ССРС спордун маастара (1989), хапсаҕайга СР спордун маастара (1995), СР спордун Бочуоттаах маастара (2009). Уус Алдан улууһун Бочуоттаах гражданина (2004).

1998 сыл түмүгүнэн Саха сирин спорка лауреата.

Аан дойду Кубогын хаһаайына, И.Ярыгин турнирын иккис призера (1998), Монголияҕа, Турцияҕа ыытыллыбыт турнирдар призердара. Көҥүл тустууга Саха сирин биэс төгүллээх чемпиона, хапсаҕайга республика түөрт төгүллээх муҥутуур кыайыылааҕа.

Ис дьыала министиэристибэтин инспекторынан үлэлиир.

Кэргэннээх, кыыс оҕолоох.

Петр ПАВЛОВ.

“Республика бүттүүнэ” хаһыат спорка аналлаах “Дьулурҕан” сыһыарыыта, 1999 с. 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252720
Бүгүн : 192