Айаал Лазарев индус Сумиттыын тустуоҕа
Кытай Ханчжоу куоратыгар Азия дойдуларын XIX сайыҥҥы спортивнай оонньуулара үгэннээн ыытылла тураллар. Бүгүн, бары ыйааһыннарга сэрэбиэй оҥоһулунна. Санатан эттэххэ, Азия оонньууларыгар көҥүл тустууга күрэхтэһии алта олимпийскай ыйааһыҥҥа ыытыллар.
Биллэрин курдук, аан дойду саамай элбэх киһи тоҕуоруһан олорор континенын тустууга күрэхтэһиитигэр ыарахан ыйааһыҥҥа биир дойдулаахпыт Айаал Лазарев кыттар. Кини Кыргызстан Республикатын чиэһин көмүскүүр.
Сэрэбиэйтэн көрдөххө, 125 кг барыта 15 бухатыыр кыттар. Биһиги бөҕөспүт үөһэ бөлөххө түбэспит. Кини маҥнайгы эргииргэ индус Сумиты кытта тустар. Онно ким кыайбыт финал чиэппэригэр Азия чемпиона, аан дойду чемпионатын икки төгүллээх призера монгол Мунхтуру кытта киирсиэ. Сумит сааһа 30-та, Азия чемпионатын үрүҥ көмүс призера (2017), Содружество оонньуутун кыайыылааҕа (2018). Соторутааҕыта Белградка буолбут аан дойду чемпионатыгар японец Ямамотоны кыайан баран, поляк Бараҥҥа хотторбута.
Өссө, үөһэ бөлөххө японец Ямамото, кореец Юнг, узбек Рахимов бааллар.
Бу ыйааһын бастыҥынан соторутааҕыта аҕай аан дойду икки төгүллээх чемпионунан буолбут иранец Амир Зарены ааттыахха сөп. Кини аллараа бөлөххө баар.
Айаал ити индуһу кытта 2021 сыллаахха Софияҕа (Болгария) ыытыллыбыт аан дойдутааҕы Олимпиадаҕа сүүмэрдиир турнирга көрсөн турар. Онно 2:2 ахсааҥҥа, кыайыыны Сумит ситиспитэ. Ол эрээри, сотору кэминэн Сумит көҥүллэммэт препараты туттубута биллэн, икки сыл күрэхтэһэр көҥүлэ быһыллыбыта. Онон Токиотааҕы Олимпиадаҕа биһиги бөҕөспүт киллэриллибитэ.
Соторутааҕыта Белградка ыытыллыбыт аан дойду чемпионатыгар иранец Заре бастаабыта, Айаал Лазарев үс эргиир тустан 9-с миэстэни ылбыта. Сумит 17-с, Мунхтур 19-с, Ямамото 20-с, туркмен Сапаров 26-с, казах Батырмурзаев 29-с миэстэлэргэ хаалбыттара. Бу сырыыга хайдах буолар?
Айаал Азия оонньууларыгар үһүс кыттыыта. Бу иннинэ 2010 уонна 2014 сс. ыытыллыбыт оонньууларга туьааннаа5ыан 8-с, 9-с миэстэлэммитэ. Киниэхэ ситиһиини баҕарабыт. Туох ханнык үһүстээх!
Азия оонньууларын бырагырааматын быһыытынан алтынньы 6 күнүгэр – 57 уонна 65 кг ыйааһыннаахтар тусталлар уонна кыайыылаахтар быһаарыллаллар. Сарсыныгар, алтынньы 7 күнүгэр – 74, 86, 97 уонна 125 киилэлээхтэр тусталлар уонна тута финаллар буолаллар.
Петр ПАВЛОВ.