Спорт инники сайдыытыгар суолталаах буолуоҕа
ССРС, РСФСР, Саха АССР үтүөлээх тренерэ Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүтэ 95 сылын бэлиэтээһин киэҥ хабааннаахтык ыытыллар. Кэрэ бэлиэ түгэҥҥэ анаан тэриллэр араас тэрээһиннэртэн биир дьоһуннара – норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай конференция ыытыллыыта буолар.
Конференция былаан быһыытынан балаҕан ыйын 6 күнүгэр Саха Республикатын Правительствотын 1-кы №-дээх дьиэтигэр Сүрүн саалаҕа ыытыллыаҕа.
Конференция сүрүн тэрийээччитэ – Чурапчытааҕы физическэй культура уонна спорт института. Бу тэрээһин сыалынан – саҥа кэмҥэ тустууктары бэлэмнээһин теориятыгар уонна практикатыгар аан дойдутааҕы таһымнаах үөрүйэҕи иҥэрии буолар.
«Олимпийский спорт: Наследие Д.П. Коркина и перспективы развития вольной борьбы на мировой арене» диэн норуоттар икки ардыларынааҕы научнай-практическай конференцияҕа биллэр-көстөр учуонайдар кыттыыны ылыахтара. Кинилэр биэс хайысханан арахсан улэлииллэрэ былааннанар:
-Д.П. Коркин педагогическай үлэтин ырытыы.
-Үрдүк кылаастаах спортсменнары бэлэмнээһин.
-Эрчиллиини былааннааһын.
-Спортсмены медицинскэй-биологическай өттүнэн бэлэмнээһин.
-Тустуу техникатын уонна тактикатын уратылара.
Ол курдук, медицицинскэй наука доктора, профессор, РАН академига, «Федеральный исследовательский центр питания и биотехнологии» тэрилтэ дириэктэрэ Дмитрий Борисович Никитюк (Москва, Россия), педагогическай наука доктора, ФГБУ ФНЦ ВНИИФК генеральнай дириэктэрэ Авак Геньевич Абалян (Москва, Россия), педагогическай наука доктора, РУС «ГЦОЛИФК» наукатын проректора Марина Владимировна Жийяр (Москва, Россия), педагогическай наука доктора, профессор Александр Семенович Кузнецов (Россия, Набережные Челны), педагогическай наука доктора, профессор Юрий Аванесович Шахмурадов (Россия, Москва), Белоруссиятааҕы педагогическай наука кандидата, Белоруссия университетын преподавателэ, үтүөлээх тренер Валентин Николаевич Мурзенков (Беларусь, Минскэй), медицинскэй наука доктора, профессор Светлана Юрьевна Калинченко (Россия, Москва) уо.д.а. ыҥырылыннылар.
Саха сириттэн олимпийскай чемпион Павел Павлович Пинигин, олимпийскай призер Александр Николаевич Иванов, педагогическай наука кандидаттара: Петр Иванович Кривошапкин, Матвей Иванович Лыткин, Владимир Гаврильевич Торговкин, үтүөлээх тренер Василий Петрович Уваров уо.д.а. бэйэлэрин дакылааттарынан кыттыахтара.
Конференция уопсайа 15 аатырбыт спикердары мунньар былааннаах, кинилэртэн наука алта доктора уонна 7 кандидата кыттыыны ылыаҕа.
Истээччи быhыытынан кыттыыны ылыахтара: Саха Республикатын физическэй культураҕа уонна спорка министиэристибэтэ, СР физическэй культураҕа уонна маассабай спорка управлениета, Манчаары аатынан спорт төрүт көрүҥнэригэр республикатааҕы киинэ, СР сүүмэрдэммит хамаандаларын бэлэмниир республикатааҕы киинэ, Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир училищета, СР спорка эрэллэри бэлэмниир республикатааҕы киинэ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ физическэй культураҕа, спорка уонна медицинаҕа институттара, С.Ф. Гоголева аатынан Дьокуускайдааҕы педколледж, АГАТУ ыччаты эт-хаан өттүнэн иитиигэ уонна спорка кафедрата, ДЮСШ тренердэрэ, спорт бэтэрээннэрэ, Д.П. Коркин иитиллээччилэрэ, тустуу федерациятын чилиэннэрэ, эдэр тренердэр, спортсменнар уонна биллэн туран, бу конференцияны тэрийэн ыытааччы – Чурапчытааҕы спорт институт тренердэрэ, лаборатория үлэһиттэрэ. Уопсайа 100 истээччи, ону таһынан ыҥырыылаах ыалдьыттар кэлэллэрэ былааннанар.
Бу барыта спорпут инники сайдыытыгар, специалистарбыт таһымнара үрдээһинигэр көмөлөөх буоларыгар эрэнэбит. Хаһан баҕарар буоларыныы, маннык улахан тэрээһин түмүгүнэн анал ыйынньык бэчээттэнэн таһаарыллыаҕа.
Петр Павлов.