Сонуннар

«Коркин. Андаҕар» спектаклга…

Биһиги улуу тренербит Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан кини үтүө аатын үйэтитиигэ араас хабааннаах үлэлэр ыытыллаллар. Олортон биирдэстэринэн П.А. Ойуунускай аатынан саха академическай театра (дириэктэр П.Т. Макаров) туруорбут «Коркин. Андаҕар» спектакла буолар.

Тоҕоостоох түгэнигэр сөп түбэһиннэрэн, Дмитрий Петрович Коркин төрөөбүт күнүгэр театрга спектаклы күргүөмүнэн көрүү тэрилиннэ. Манна, сүдү киһибит талааныгар сүгүрүйэн театрга сүүһүнэн киһи тоҕуоруста.

Спектакльга саха норуотун уһулуччулаах тренерэ Дмитрий Петрович Коркин Ленинградтааҕы Герцен аатынан педагогическай институту бүтэрэн кэлиэҕиттэн көҥүл тустууга анаабыт олоҕо кэпсэнэр. Советскай Союзка аан бастакытын көҥүл тустуу оскуолатын арыйбыт энтузиаст учуутал Одьулуунтан саҕалаан сэттэ сыл хамнаһа суох общественнай тренеринэн сылдьыбыта. Ити кини таптыыр, инники кэскилигэр эрэнэр дьыалатыгар тиһэҕэр диэри бэриниитин сырдык холобура. Тренер киһиэхэ күүс-көмө буолар өрүтэ – иитиллээччилэрин ситиһиитэ эрэ буолар. Дмитрий Коркин иитэн таһаарбыт тустууктара Саха сирин аатын Аан дойдуга Олимпиада чыпчаалыгар тиийэ айхалынан аатырдыбыттара, суон сураҕырдыбыттара. Саха тустуута сүдү оскуола буолан сайдар тахсарыгар талааннаах тренер Дмитрий Петрович Коркин – спорка, норуокка, төрөөбүт дойдутугар таптала бигэ тирэх, үйэлээх түөрэх буолбута.

Спектакльга сүрүн оруолу Николай Протасов, Д.П. Коркин уобараһын кыайа-хото тутан оонньоон, көрөөччүгэ итэҕэттэ. Атын да оруолларга оонньообут дьон, ол иһигэр биллиилээх артыыстар көстүү ис хоһооно арылларыгар ис дууһаларыттан оонньоон, дьон-сэргэ биһирэбилин ыллылар. Ытыс тыаһа хабыллан олордо.

Тус санаабар, спектакль сценарийа даҕаны бэркэ толкуйдаммыт. Ол, эдэр корреспондент улуу тренер туһунан суруйаары кини кэргэниттэн – Александра Семеновна Коркинаттан (артыыс Зоя Багынанова) анаан бэлэмнээн аҕалбыт ыйытыыларыгар ылбыт хоруйданар – сыанаҕа оонньуунан кэпсэнэр.

«Коркин, Андаҕар» спектакль – бу спортивнай драма. Этэргэ дылы, саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри көрөөччү болҕомтотун тардар көстүү буолла. Роман Дмитриев Мюнхеннааҕы кыайыыта, Монреаллааҕы оонньууларга саха өрөгөйүн (Павел Пинигин кыһыл көмүһэ, Роман Дмитриев, Александр Иванов үрүҥ көмүстэрэ) үөрүүтэ-көтүүтэ, ол быыһыгар саха биир талааннаах тустууга Николай Захаров – Сахаачча олохтон соһуччу туорааһынын кутурҕана, Бөтүрүөбүс төһө да ыарахан ыарыыга ыллара сылдьан олоххо тардыһыыта, кытаанах характера… барыта көрөөччүнү хам кууһан ылан, эмиэ да үөртэ, эмиэ даҕаны долгутта, этэргэ дылы, сыанаҕа оонньооччулары кытта тэҥҥэ долгута, бүргэс үрдүгэр олорто.

Биир тылынан, П.А. Ойуунускай аатынан саха академическай театра – Саха сирин физкультурнай хамсааһынын 100 уонна саха норуотун көҥүл тустууга уһулуччулаах тренерэ Дмитрий Петрович Коркин 95 сылларыгар анаан Утум Захаров туруорбут «Коркин. Андаҕар» спектакла табыллыбыт.

Маннык, саха омугу аан дойдуга аатырдыбыт бэйэбит киэн туттар дьоммут ааттарын үйэтитии өссө кэҥээн, далааһыннанан иһэрэ кэрэхсэбиллээх. Дмитрий Петрович туһунан элбэх кинигэ таҕыста, кини аатынан оскуола, музей, уулусса баар, аны бу, анал спектакль туруорулунна, сотору кэминэн киинэ оҥоһуллан тахсарын күүтэбит.

«Коркин. Андаҕар» спектаклы туруорбут дьоҥҥо: режиссер Сергей Потаповка, режиссер ассистена Роман Дорофеевка, сценографист Михаил Егоровка, көстүүмнэргэ эппиэттээх Дора Айкуо Тихоноваҕа, музыканан киэргэтээччи Александр Решетниковка, уотунан киэргэтээччи Трофим Акимовка, режиссер көмөлөһөөччүтэ Анна Аммосоваҕа, оруолларга оонньообут уолаттары тустууга эрчийбит Николай Захаровка – барҕа махтал!

Петр ПАВЛОВ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

242843
Бүгүн : 233