Спорт – кини олоҕо
// Эдэр корреспонденнар суруйаллар
Билиҥҥи XXI үйэҕэ спордунан дьарыктанар, чөл олоҕу тутуһар муода буолар. Спордунан күүстээхтик дьарыктаныы диэн улахан үлэ, күүстээх санаалаах эрэ киһи күнүн барытын спорка аныыр.
Бүгүҥҥү ыстатыйаҕа Слепцова Таня диэн Кустуур орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ хайдах спорду олоҕун аргыһа оҥостубутун туһунан кэпсиэхпит, бэйэтин санаатын билиэхпит.
– Үтүө күнүнэн Таня, ааҕааччыларбытыгар бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэриэҥ дуо?
– Мин Слепцова Татьяна Владимировна диэн буолабын, Кустуур орто оскуолатын 11-с кылааһын уөрэнээччитинэбин, Эбээн-Бытантай Кустууругар олоробун.
– Спорт ханнык көрүҥүнэн дьарыктанаҕыный?
– Биир эрэ көрүҥү талан сатаан дьарыктамаппын, спорт бары көрүҥүн боруобалаан, барытыгар дьарыктаныахпын баҕарабын гынан баран, саамай ордорон дьарыктанар көрүҥүм – хотугу многоборье буолар.
– Спордунан хас сааскыттан ыла дьарыктанаҕыный?
– Оҕо эрдэхпиттэн спорт өттүгэр күүскэ талаһар этим, онтон 5-с кылаастан хотугу многоборьенан дьарыктанан саҕалаабытым.
– Спорт эйгэтигэр эйигин ким аҕалбытай?
– Мин спорт эйгэтигэр урут уруккуттан чугас этим, оҕо эрдэхпиттэн спорт араас көрүҥүнэн дьарыктанан саҕалаабытым. Бастатан туран, төрөппүттэрим спорт эйгэтигэр чугас буол дииллэрэ.
– Кыыс уолу кытта тэбис-тэҥ таһымҥа спордунан дьарыктаныахтаах дуо?
– Мин санаабар, кыыс оҕо уол оҕону кытта тэбис-тэҥ таһымҥа дьарыктаныахтаах, кыыс уолу кытта тэҥҥэ дьарыктаннаҕына сайдар, күүһүрэр.
Санатан этэр эбит буоллахха, Таня кыра эрдэҕиттэн ыстаадаҕа сайыҥҥы сынньалаҥын атааран, ыстаада олоҕо сайдарыгар эмиэ күүс-көмө буолар.
– Улахан кыайыыларын тустарынан сырдатыаҥ дуо?
– Мин бэйэм санаабар, улахан кыайыыларым диэн, V өрөспүүбулүкэтээҕи «Арктика оҕолоро» күрэххэ сылдьаммын арканы быраҕыыга 3-с миэстэ, кэтит хайыһарынан сырсыыга 2-с миэстэ, остуол оонньуутугар (хабылык, хаамыск) 3-с миэстэ буолбутум.
Ити курдук хотугу норуоттар IV оонньууларыгар, табаһыттар сүлүөттэригэр – табанан сырсыыга уонна наартаны нөҥүө ыстаныыга («Аин Туркил») 1-кы миэстэ, арканы быраҕыыга 3-с миэстэ буолбутум. Мин санаабар, бу мин билиҥҥитэ улахан ситиһиилэрим.
– Спордунан дьарыктаныыныгар эйиэхэ ким күүс-көмө буоларый? Кимиэхэ махтал иһирэх тылларын этиэҥ этэй?
– Улахан махталбын тиэрдиэм этэ, баар-суох төрөппүттэрбэр, чугас дьүөгэлэрбэр, миигин кытта тэҥҥэ дьарыктаммыт оҕолорбор уонна тренердэрбэр, оҕо эрдэхпиттэн дьарыктаан улаатыннарбыт учууталбар Иннокентий Егоровичка.
– Таня, эйиэхэ улахан махтал буолуохтун, куруутун маннык улуускун, нэһилиэккин ааттата тур.
Турук таастаах хайалардаах, күөх хонуулаах, сүүрүгүрэр таас үрэхтээх, сыспай сиэллээх, хороҕор муостаах хоту дойдубут, Эбээн-Бытантайбыт улууһа эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэбит Слепцова Таня курдук эдэр ыччаттардаах буолан, күннэтэ үүнэ-сайда турар, кэнчээри ыччаттарбытыгар холобур буолар.
Наум НАУМОВ, «Бытантай кэскилэ» пресс-киин эдэр корреспондена.
Эбээн-Бытантай.