Спорка саҥа сүүрээннэри киллэрбитэ
Бүтүн Сахабыт сирэ ыар сүтүктэннэ. Биһиги норуоппут сүдү киһитэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Президенэ, ытыктабыллаах Михаил Ефимович Николаев сирдээҕи олохтон туораан, бу күннэргэ – республикаҕа Кутурҕан күннэрэ биллэрилиннилэр.
Михаил Ефимович элбэх өрүттээх киэҥ хабааннаах үлэтиттэн, спорка киллэрбит үтүөлэрэ элбэхтэр. «Кыайыы 50 сыла» Спорт дыбарыаһа, «Туймаада» стадион, «Эллэй Боотур» Муус дыбарыаһа чуолаан кини быһаччы өйөбүлүнэн тутуллубуттара. “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар кини тус көҕүлээһининэн, тэрийиитинэн аан бастаан 1996 сыллаахха ыытыллыбыттара. «Боотурдар оонньуулара» диэн оҕолор көҥүл тустууга күргүөмүнэн күрэхтэһиилэрэ эмиэ Михаил Ефимович этиитинэн тэриллибиттэрэ.
Ону тэҥэ, республика спорка оччотооҕу салалтатын көрдөһүүтүнэн, М.Е. Николаев Саха сирин көҥүл тустууга федерациятын президенинэ үлэлээбитэ. Оччолорго, спорт бастакы нүөмэрдээх көрүҥэ арыый мөлтүү быһыытыйбытын, бэйэтин айымньылаах уонна ирдэбиллээх үлэтинэн өрө көтөхпүтэ. Салалта өттүттэн өйөбүл да баара. Тустуу федерациятын президенин общественнай дуоһунаһыгар, «сыбаайба генерала» курдук буолбакка, тус бэйэтинэн салайан үлэлэппитэ. Ситиһиилэри, чемпионнары уруйдуур тэрээһиннэри тэҥэ, инники сыаллары-соруктары туруорар, ырытыһар-дьүүллэһэр, былаанныыр мунньахтары тиһигин быспакка тэрийэн ыытара. Чөл, чэгиэн-чэбдик олоҕу тутуһуу хамсааһынын Саха сиригэр маҥнайгынан киллэрбит эмиэ – кини!
Биир тылынан, дьоннор үлэлэригэр көһүүннүк сыһыаннаспакка, харыны ньыппарынан туран, дууһаларынан үлэлииллэрин ситиһэрэ. Ол да иһин, салайааччы быһыытынан улаханнык сыаналанар.
Михаил Ефимович туһунан сырдык өйдөбүл биһиги өйбүтүттэн-санаабытыттан хаһан даҕаны сүтүө суоҕа.
“Дьулурҕан”.