Сонуннар

Спецназ байыаһын хорсун быһыыта

Быйыл сайыммыт, итии күннэрбит уһаабыттара үчүгэй. Ол эрэн, хаһан баҕарар үчүгэй куһаҕаннаах диэччилэр. Сөтүөлүү сылдьан ууга былдьаныы элбэх. Бэҕэһээ, билэр киһим ыйыытынан, ууттан дьону быыһаабыт киһини кытта кэпсэтэ сырыттым.

Василий: “Ааспыт субуотаҕа этэ, дьиэ кэргэнинэн Петуховкаҕа сөтүөлүү барбыппыт. Күнүс үс чаас саҕана оҕолорбун кытта сөтүөлүү сырыттахпына, арай көрдөхпүнэ, үрэх анараа кытылыгар уолаттар харбаан туораабыт этилэр, үһүөлэр. Арааһа уон ус-уон түөрт саастаах көрүҥнээхтэр. Иккитэ нуучча уонна биир саха. Үрэх ити өттө сүүрүктээх баҕайы. Бэйэм куттаммытым, оҕолор хайдах төттөрү кэлэллэр диэн. Ону санаабар маныы сылдьыбытым.

Арай, көрбүтүм төттөрү иһэллэр этэ. Икки уол нэһиилэ туораабыттара, оттон үһүстэрэ сэниэтэ эстэн хаалла быһыылаах, сүүрүккэ таттаран илин диэки бара турбута. Ону сүүрэн тиийэн бастаан, хайдаххыный диэн ыйыта сатаабытым. Наһаа ырааҕа суох этэ гынан баран, киһи балыйтарар эбит. Уолум саҥарбат, арай умсан ылла, онтон төттөрү таҕыста. Илиилэрэ таах мээнэ, ыксаабыттыы дэйбэҥниир. Ону көрөн баран ыстанан кэбиспитим. Сүүрүк утары харбаан тиийэн тутан ылбытым. Уолум тардыстар, үрдүбэр тахса сатыыр. Ону ыксаама, паникалаама, уоскуй, билигин барыта үчүгэй буолуо диибин. Онтон киһим уоскуйда, санныбыттан тутуһан биэрэк диэки аргыый аҕай оҕустарыммыт этэҥҥэ тахсыбыппыт. Онтон биэрэккэ таһаараммыт “һуу-һаа” диэн долгуйбуппут, оҕо – оҕо курдук, сэниэтэ бүппүт этэ. Сотору өйө кэлэн, туран барбыта.  

Ону онно дьиҥэ моторкалаах дьон баар этилэр. Оҕо тимирэн эрэрин көрөн биэрэктэн кэргэним айманан хаһыытаа да хаһыытаа буолбутугар, моторкалааахтар приветтэһэллэр дии санаан, далбаатыы-далбаатыы ааһа турбуттара.

Онтон ити түгэн кэнниттэн примерно чаас буолан баран, биир чүөчэ эмиэ ол арыыга туораабыт этэ. Саастаах соҕус чүөчэ. Мин эмиэ сэрэйэммин, ыраахтан кэтии сылдьабын. Онтон чүөчэм харбаан кэлэн иһэн, эмиэ сэниэтэ эстэн хаалла. Сүүрүккэ оҕустаран ыраатан хаалла. Биэрэктэн чычаас сирэ син ыраахха диэри этэ, сүүрэн тиийэммин, ыйыта сатыыбын, хайдаххыный, көмө наада дуо диэн. Ону киһим саҥарбат, хараҕа кип-киэҥ буолбут, ыксаабыт аҕай, сүүрүк устун эмиэ баран эрэр этэ. Сэрэйдэххэ, сэниэтэ бүппүт. Ону көрөн эмиэ ыстанан кэбистим, сүүрүк хоту. Чүөчэни тутан ылбыппар, ыксалыттан илиибиттэн тардыалыыр. Маннык түгэҥҥэ дьон ыксааннар киһини бэйэтин баттыы сатааччылар. Ону уоскутан, эмиэ биэрэккэ таһаарбытым.

Ити кутталлаах баҕайы сир, Петуховкаҕа. Итиннэ табаарыһым Алексей Никифоров оҕону быыһаары бэйэтэ былдьаммыта дии”.

Дьэ, өскөтүн итиннэ Василий суох буоллун. Бу дьон хайдах буолар? Уонна быыһаабыт киһигэр махталлаах буолуохтааххын. Ити уол да, чүөчэ даҕаны кыһамматах курдуктар. Төһө да долгуйдаллар, өйдөрүн сүтэрэ сырыттыннар, быыһааччы ким буоларын да ыйытан билэ сатаабатахтар. Дьиҥэ, махтанан бэйэлэрэ суруйуохтаах этилэр буоллаҕа. Ууттан сэрэхтээх буолуҥ!

Ити хорсун санаалаах быыһааччы кимий? Василий Аполлонович Бурнашев диэн, Уус Алдан улууһун Курбуһаҕыттан төрүттээх отут алта саастаах киһи эбит. Чурапчытааҕы физическэй культура уонна спорт институтун үөрэнэн бүтэрбит. Тустуунан, хапсаҕайынан дьарыктаммыт. Дьиэ кэргэннээх, үс оҕолоох. УФСИН спецназ үлэлиир, старшай инструктор, спецназ байыаһа. Махтал, Василий!

Петр ПАВЛОВ.            

2 комментария для “Спецназ байыаһын хорсун быһыыта

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

227564
Бүгүн : 366