История

Сахаттан гимнастикаҕа эр дьоҥҥо бастакы маастар

1970-1980 сылларга саха студеннара Душанбе куоракка Таджикскай физкультурнай институкка үөрэнэр кэмнэригэр, кинилэри Петров Виктор Дионисович диэн эдэр преподаватель гимнастикаҕа уонна атын диссиплиинэлэргэ үөрэппитэ.

Кэлин билсэн, кэпсэтэн билбиттэрэ, преподавателлэрэ саха төрүттээх эбит. Ол курдук, төрөөбүт аҕата Петров Дионисий диэн Уус Алдан Курбуһаҕын киһитэ буолан соһуппут.  Ийэтэ Иркутскай уобаластан силистээҕэ. Онон, Виктор Дионисович бииргэ төрөөбүт убайын кытта интернациональнай кэргэҥҥэ улааппыт.

Виктор Дионисович 1939 сыллаахха Иркутскай уобалас Щеглаева сэлиэнньэтигэр төрөөбүт. Уол оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, спорт элбэх көрүҥэриттэн гимнастиканы ордук сөбүлээбит. Онон, спорт бу көрүҥүнэн утумнаахтык эрчиллэн барбыт. Сотору араас  таһымнаах күрэхтэһиилэргэ кыттан, олорго бастакы ситиһиилэр кэлэллэр. Бэйэтэ ахтарынан, кини гимнастиканан үлүһүйэн туран дьарыктанар кэмигэр аатырбыт гимнаст Михаил Воронины кытта билсэн бодоруспут. Биллэн туран, кинилэр иккиэн гимнаст буолан, бииргэ эрчиллибит, күрэхтэспит буолуохтаахтар.

Гимнаст Виктор Петров элбэх талааннаах уонна күүстээх спортсменнар ортолоругар сүтэн хаалбатаҕа. 22 саастааҕар эр дьон гимнастикатыгар ССРС спордун маастарын нуорматын толорбута. Киниэхэ 1961 сыллаахха кулун тутар 3 күнүгэр спорт маастара буолбутун туһунан 21386 нүөмэрдээх дастабырыанньа тутарыллыбыта. Маннык бочуоттаах ааты гимнастикаҕа саха эр дьонуттан маҥнайгынан ылбыт киһинэн  В.Д. Петров буолар. Атын маннык киһи баара биллибэт. Онон, кини гимнастика соҕотох спорт  маастара буолар.

1961-1964 сылларга Виктор Петров Душанбетааҕы педагогическай институту ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбитэ. Үөрэнэ сылдьан оҕо спортивнай оскуолаларыгар оҕолору гимнастикаҕа эрчийэрэ. Үрдүк үөрэхтээх специалист быһыытынан саҥа аһыллыбыт Таджикскай физкультурнай институкка преподавателинэн үлэлээбитэ.

Манна үлэлиир сылларыгар аан дойдуга уонна Советскай Союзка биллибит элбэх аатырбыт спортсменнары үөрэппитэ. Институкка үөрэммиттэр уонна бүтэрбиттэр ортолоругар бааллара: Зебунисо Рустамова (охчут) – ССРС үтүөлээх маастара, аан дойду Европа уонна Советскай Союз хас да төгүллээх чемпионката, Монреаллааҕы Олимпиада призера; Анатолий Старостин (пятиборье) – Москватааҕы Олимийскай оонньуулар икки төгүллээх чемпиона; бырааттыы Анатолий уонна Михаил Старостиннар (уу спорда- каноэнан, байдаарканан эрдээһиҥҥэ) – аан дойду хас да төгүллээх чемпионнара уонна да атыттар.

Душанбеҕа оҕо спортивнай  оскуолаларыгар гимнастикаҕа үөрэппит оҕолоруттан кэлин биллиилээх спортсменнар үүнэн тахсбыттара. Холобура, С.Пфайфер, Д.Белоусов, Д.Карпов уонна да атыттар.

Саха сириттэн Таджикистаҥҥа Петров Виктор Дионисовичка үөрэммиттэр ортолоругар Друзьянов М.Е., Крылов Н. Р., Данилов В. И. уонна да атыттар бааллара. Кинилэр бары  үрдүк үөрэхтээх специалист буоланнар, төрөөбүт дойдуларыгар эргиллибиттэрэ.  Итиэннэ  республикаҕа спорт уонна физическэй культура сайдарыгар бэйэлэрин кылааттарын киллэрбиттэрэ.

1986 сыллаахха Саха АССР үөрэҕин министерствота үрдүк таһымнаах спортсменнары иитиигэ үчүгэй бэлэмнээх специалиһы В.Д. Петровы үлэҕэ ыҥырбыта. Тымныы кыһыннаах аҕатын дойдутугар Виктор Дионисович үлэлииргэ баҕалаах буолан сөбүлэспитэ. Дьокуускайга кэлэн баран, араас эппиэтинэстээх дуоһунастарга үлэлээбитэ. Ол курдук, Спорткомитекка инструкторынан, оҕо бастакы нүөмэрдээх спортивнай оскуолаҕа гимнастика отделениетыгар тренеринэн, Чурапчытааҕы спортивнай оскуолаҕа старшай преподавателинэн үлэлээбитэ. Үлэлээбит сылларын тухары бэйэтин В.Д. Петров   бэйэтин идэтин үчүгэйдик билэр, үлэтигэр бэриниилээх, бэйэтин чиэһинэй уонна сэмэй киһи быһыытынан көрдөрбүтэ.

Эрчийбит оҕолорутан элбэх көлүөнэ биллэр спортсменнары бэлэмнээбитэ. Кинилэртэн    Дальнай Восток зонатын призердара үүнэн тахсан, Саха сирин чиэһин ситиһиилээхтик көмүскээбиттэрэ. Маны таһынан, биир үөрэнээччитэ Виталий Пугаченко, спордунан салгыы дьарыктанан, Белоруссия сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ буолбута. Биир үөрэнээччитэ Винокуров В.П. гимнастика тренериннэн уһуннук үлэлээбитэ.

Петров В.Д. олоҕун 50-тан тахса сыл устата спорт уонна физическэй культура сайдарын туһугар биэрбитэ. Киниэхэ үлэҕэ ситиһиилэрин иһин “Российскай Федерация физическэй культураҕа уонна спорка туйгуна” диэн бочуоттаах аат иҥэриллибитэ.

2012 сыллаахха республикаттан атын сиргэ көһөн барбыта…

Виталий СЛЕПЦОВ, “Дьулурҕан” хаһыат общ. корреспондена.         

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

242605
Бүгүн : 796