Роман Дмитриев тэтэрээттэрэ көһүннүлэр
Үйэ аҥаара кэм буолан баран, биһиги бастакы олимпийскай чемпиоммут Роман Дмитриев бэйэтин олоҕун бэлиэтээбит тэтэрээттэрэ, атыннык эттэххэ, күннүктэрэ булуллан кини кэргэнигэр туттарылыннылар.
Маны Р.М. Дмитриев өссө 70-с сыллар саҥаларыгар оччолорго МГУ студена Александр Тылларга кинигэ суруллан тахсарыгар анаан биэрбитэ билиннэ. Ол эрээри, араас биричиинэнэн ол сорук сатаан туолбатах.
Билэргит курдук, эһиил Роман Дмитриев төрөөбүтэ 75 сыла туолар. Бу бэлиэ түгэни көрсө кини кэргэнэ Антонина Софроновна Дмитриева ити эрдэтээҥҥи – оҕо сааһын, оскуолатааҕы сылларын уонна бастакы күрэхтэһиилэрин бэлиэтээһиннэриттэн “Мои тетради” диэн кинигэни Москваҕа бэчээттэтэн таһаарда.
Кинигэ көҥүл тустууну таптааччыларга, спорду сэҥээрээччилэргэ уонна улуу спортсмен талааныгар сүгүрүйээччилэргэ ананар.
«Дьулурҕан».