ММА көргө-нарга кубулуйда
Спорт өттүгэр майгы-сигили туһунан эрдэ эмиэ суруйбутум. Холобура, Федор Емельяненко киһиргэһэ суох спортсмен. Кими даҕаны кытта иирсибэт, үөхсүбэт. Киирсэ киирэригэр таҥаратын кириэһин иилинэ сылдьар. Онтон Үрдүк Айыыларыттан көрдөһөн баран, дьэ устар. Атыттар курдук киһиргээн «уруһуйдаммат» буолан, уонча сыл чемпионнаатаҕа. Тэгил дойдуттан тэҥнээҕин булбакка, Аар саарга аатыран номоххо киирбитэ. Дьоппуоннар сөҕөн-саллан Федоры ытыктаан “Тиһэх Ыраахтааҕы” диэн ааттаабыттара.
Биллэр боксёрдартан, Александр Поветкин, Денис Лебедев, Эдуард Трояновскай уонна билигин саҥа өрө тахсан эрэр чемпион Дмитрий Бивол эмиэ омуктар курдук киһиргээбэттэр, утарылаһааччыларын сэнээн, публикаҕа «уруһуйданан» түһэрбэттэр. Ол да иһин, чемпион аатын түһэрбэккэ, өр кэмҥэ норуокка номох буолан сылдьаллар.
Александр Поветкины кытта киирсэригэр ниэмэс боксёра Мануэль Чарр сэнээн араастаан сирэйин туттан үҥүлүтэр этэ. “Мэ, табаҕын дуо?!!” диэн бэйэтин тылынан туоҕу эрэ үөхсэрэ. Итинник гынан кэрээннэриттэн таһааран, кыйахаан киһини күүрдэн кэбиһэр албастара. Киһи күүрдэҕинэ, ыгылыйан илиитэ холкутук барбат буолан хаалар.
Поветкин, Чарр итинник албастаах угаайытыгар киирбэтэҕэ. Үгэһинэн холку туруктаах этэ. Ханнык эрэ түгэҥҥэ Чарр, соруйан сирэйин үҥүлүтэр кэмигэр охсубута. Туймаарар кэмигэр иккиһин, үсүһүн сырбаппыта. Чарр сирэйэ мыччыстан, мэктиэтигэр кулгааҕа сэбирдэх курдук салыбыраабыта. Төрдө эмэҕирбит баҕананы туура аспыттыы, тиэрэ таһылла түспүтэ. Аҥара рингэ таһыгар, хараҕа иччитэ суоҕунан көрөн сыппыта. Ниэмэс көрдөөбүт тоһун ылбыта. Поветкин киһини дөйүттүм диэн, атыттар курдук өрө эккирии түспэтэҕэ. Хата аһыммыттыы көрбүтэ.
Поветкины кытта киирсибит Диллиан Уайт, пресс-конференцияҕа Александрга илиитин биэрбэтэҕэ. Сиэх-аһыах баҕайытык көрүтэлээбитэ. Киирсэ да сылдьан Поветкин раунд саҕаланыытын кэмигэр, илиитин ууммутун, Диллиан Уайт садьыйан кэбиспитэ. Поветкин сааһырбыт буолан мөдөөн этэ. Табыллара элбээн барбыта. Онтон бүтэһик тыынын ылан, “саппыйатыгар ордубут буораҕын” тэбэнэн, аллараттан өрө баһан охсубута. Оҕуһу туруору туппут курдук хара бэкир апперкотка сыҥаахха табыллан, төбөтө тулла сыспыта. Утары кэлбит массыынаҕа сааллыбыттыы, тыла суох баран түспүтэ.
Олег Маскаев бэйэтин кэмигэр эмиэ, Хасим Рахманы рингэ таһыгар көтөн, судьуйалар остуолларыгар монитордарын солоон түһүөр диэри охсубута.
Оттон Майк Тайсон даҕаны дьиҥэр өр чемпионнаан сылдьыахтааҕа. Бэйэтин билинэн аанньа дьарыктаммат буолбута. Арыгы иһэрэ, наркотик тардара. Уонна утарылаһааччыларын быдьардык үөхсэрэ.
“Хааҥҥытын иһиэм, сүрэххитин хостуом!! Оҕолоргутун тиийэ сиэтэлиэм!!” диэн үөхсэрэ. Таҥара барытын көрөн олорор буоллаҕа. Ити тылларын кэнниттэн үрдүк чыпчаалга дабайбыт кирилиэһиттэн төттөрү курулаабыта. Ыарыылаахтык хоолдьугунан тэлгэммитэ. Ол эбэтэр, мөлтөөбүт Тайсоны кырбаан аат-суол ылар дьон баар буолбута.
19 эрэ сааһыгар ыарахан ыйааһыҥҥа боксаҕа чемпион буолан, рекорд олохтообут, бары сөбүлээн көрөр Майк Тайсоммыт итинник дьылҕаламмыта. Кэнники син түспэтийэн, кэмсинэр буолбут бадахтаах.
Америка ММА-та шоуга кубулуйда. Дьону киксиһиннэрэн пресс-конференция оҥорон, утарыта туруортаан, оҕустуу күрдьүөттэһиннэрэн тиийэ харчы оҥостоллор. Дана Уайт диэн UFC тэрийээччи киһи, көрөн оҥостон саатыыр.
Биирдэ Тито Ортиз диэн охсуһууга киирсээччи киһини кытта иирсибиттэр. Дана Уайт бэйэтэ тиийэ кинилиин, киирсэ сыһан баран тохтообут. Тито Ортиз биирдэ, кимниин эрэ киирсэригэр футболкатыгар “Дана Уайт моя сучка” диэн суруттарбыт. Ону көрөн Дана абаран, эбии өстүйбүт. Тито Ортиһы сабырыйар киһи булан киирсиһиннэрбит.
“Тито Ортиһы кырбаатаххына, эбии бэйэм харчыбыттан төлүөм” диэбит. Онуоха уксубут байыаһа канваска Титоны баттаан сытан сирэйин биликтээбит. Хоппутун таһынан, Дана эбии харчы төлөөбүт. Дана диэн биһиэхэ дьиҥэр аата.
Ородьумаан.