Мэҥэ Хаҥаласка бастакы “Күүлэйгэ”
Атырдьах ыйын 10 күнүгэр 1975 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас оройуонугар Физкультурниктар Бүтүн Союзтааҕы күннэрин көрсө райсовет тыа хаһаайыстыбатыгар управлениетын, тыа хаһаайыстыбатын уонна соҕотуопка үлэһиттэрин профсоюһун райкомун, райсовет физкультураҕа уонна спорка комитетын, “Ленинскэй знамя” хаһыат редакциятын тэрийиилэринэн, республикатааҕа күрэхтэһии балаһыанньатыгар олоҕуран, аан бастакы илиинэн от охсооччулар оройуоннааҕы күрэхтэһиилэрэ ыытыллыбыта.
Бастакы оройуон “Күүлэйигэр” оройуон 4 совхоһун, ону таһынан Майа сэлиэнньэтин бөдөҥ тэрилтэлэрин профсоюзтарын месткомнарын, культура, үөрэх, эмп о.д.а. тэрилтэлэр профсоюзтарын райкомнарын хамаандалара кыттыбыттара.
Хас хамаанда аайы зачет биэрэр үстүү киһи киллэриллибитэ. 16-19-гар диэри саастаах охсооччуларга, 20-40-гар диэри саастаахтарга, 40 сааһыттан үөһэ – биирдии зачет. Хамаанда хас сааһынан категория ахсын хастыы да киһини киллэрэрэ көҥүл этэ. Зачет биир бастыҥ көрдөрүүнэн ааҕыллыбыта. Итини таһынан күрэхтэһиэхтэрин баҕалаахтар личник быһыытынан кытталлара көҥүллэнэрэ. Кыайыылаахтары быһаарыы хас биирдии киһи охсубут сирэ киэҥинэн, суола ырааһынан этэ. Охсооччулар 10 чаас, сарсыарда 8 чаастан киэһэ 18:00 чааска диэри охсубуттара, күнүс биир чаас устата эбиэккэ тохтобуллаах.
Бастакы оройуон чемпионнарынан кимнээх буолбуттарай? Тит Окороков (Байкалов аатынан совхоз) 1 гектар 51 cуотайы охсон 16-тан 19-гар диэри саастаах эдэр охсооччуларга бастаабыта. Ити ситиһии абсолютнай бастыҥ көрдөрүү этэ. Оттон саамай аҕа саастаахтарга П.Егоров (Ленин аатынан совхоз) 1.32 гааны охсон бастаабыта уонна иккис көрдөрүүлээх Н.Санниковы (Герой Попов аатынан совхоз) 1,5 суотайынан кыайбыта. Сүүрбэтиттэн 40-гар диэри саастаах куоталаһааччыларга Ленин аатынан совхозтан киирбит В.Осипов 1.20 гектар сири охсон бастаатабыта. Иккис миэстэҕэ Герой Попов аатынан совхоз охсооччута И.Ходулов 1.10 гектары охсон, тиксибитэ. Бу ортоку саастаах охсооччуларга үһүс миэстэҕэ личнигинан кыттыбыт Р.Д.Атласов (Дьокуускай к. ДСО “Урожай” республикатааҕы Советын солбуйааччы председателэ) 0.92 гектар сирин охсон тиксибитэ. Саамай эдэр охсооччуларга Герой Попов аатынан совхоз хамаандатын представителэ, Сыымах аҕыс кылаастаах оскуолатын үөрэнээччитэ Петя Матвеев 0.93 гектар сирин охсон тахсыбыта.
Хамаанданан бастакы миэстэни уопсай сууматынан 3.72,6 гектар сирин охсубут Байкалов аатынан совхоз охсооччулара ылбыттара. Иккис миэстэҕэ 3.33,52 гектар көрдөрүүлээх Герой Попов аатынан совхоз командата тахсыбыта, оттон үһүскэ Ленин аатынан совхоз командата тиксибитэ.
Иккис “Күүлэй” 1976 с. Мэлдьэхси Суолатыгар, Чаарда диэн ааттаах сиргэ ыытыллыбыта. Онно Бэдьимэ биир кэскиллээх ыччата Александр Слепцов 1 гаа 64 суотайы охсон чемпионнаабыта. Кэпсииллэринэн, балай да хойутаан кэлбит. Олох кыра хотуурдааҕа үһү. Кини Дьабыыл аҕыс кылаастаах оскуолатыгар дириэктэринэн үлэлии олорон 1978 с. массыына саахалыгар олохтон туораабыта.
Хорообукка быйылгы “Күүлэйгэ”
48 сыл устата Мэҥэ Хаҥаласка илии хотуурунан от охсуутугар күрэхтэһии сыл аайы кэриэтэ ыытыллан кэллэ. Хамсык ыарыы туран, 2019 сылтан тохтоон баран, бу куоталаһыы быйыл эмиэ сөргүтүлүннэ.
Быйылгы күрэхтэһии атырдьах ыйын 5 күнүгэр Хорообут сиригэр Атах Бүтэй алааска ыытылынна. Бу алаас саха талааннаах суруйааччыта, прозаик Дмитрий Федоров – Дмитрий Таас төрөөбүт сирэ. Быйылгы “Күүлэй” туһунан сиһилии журналист Аркадий Иннокентьев “Эркээйигэ” суруйбута, сайтарыгар баар. Онон мин миэстэлэспит дьон көрдөрүүлэрин эрэ билиһиннэрэбин.
Бастаан 100 м сиргэ түргэн охсууга Ил Түмэн депутата Александр Афанасьевич Романов кэриэһигэр күрэхтэстилэр. Манна Моорук нэһилиэгиттэн Иван Тихонов 7 мүн. 39 сөк. түмүктээн кыайыылаах аатын ылла. Иккискэ Кузьма Острелин (Хаҥалас улууһа) – 12 м 54 с, үһүскэ Ярослав Архипов (Беларусь) – 13 м 33 с, төрдүс – Иннокентий Тобонов (Хаҥалас) – 15 м 26 с.
Сүрүн охсууга эр дьоннор 0.30 гааны, дьахталлар, оҕолор (уолаттар) 0.20 гааны 4 чаас оҕустулар. Түмүк 4 чаас иһинэн бүтэрбиттэргэ бириэмэнэн, 4 чаас иһигэр бүтэрбэтэхтэр төһөнү охсубуттарынан таҕыста.
Эр дьоннорго. 55-тэн аҕа саастаах охсооччулар: Афанасий Петрович Сивцев Дойдуунускай нэһилиэгиттэн 30 суотай сири 3чаас 59 мүнүүтэнэн түмүктээтэ уонна чемпион үрдүк аатын сүгэр чиэстэннэ. Иккис Герман Николаевич Готовцев (Хаҥалас Мохсоҕоллооҕо) 26.7 суотай, үһүс Василий Николаевич Прохоров (Эмис, Амма) 20,7 суотайы охсон ыллылар.
40-54 саастаахтар: Иннокентий Тобонов (Ой, Хаҥалас) – 0.23,2 га, Леонид Зырянов (Үөдэй, Нам) – 0.22,9 га, Кузьма Острелин (Ой, Хаҥалас) – 0.16,3 га, Александр Сивцев (Дойдуунускай) – 0.10,4 га.
18-39 саастаахтар: Иван Тихонов (Моорук) – 30 суотайы 2:17.21, Авдей Тимофеев (Эмис, Амма) – 3:01.00, Ярослав Архипов (Беларусь) – 4 ч 0.17.31
18 сааһыгар диэри: Виталий Николаев (Хаҥалас) – 0.15,3 га, Александр Протопопов (Майа) – 0.15,4 га, Эрсан Сыроватский (Майа) – 0.19,5 га.
Дьахталларга. 18-35 саастаахтар: Августа Ноговицына (Дьокуускай) – 0.13,4 га, Александра Тимофеева (Эмис, Амма) – 0.12,1 га, Светлана Иванова (Мэлдьэхси) – 0.10.9 га.
35-49 саастаахтар: Окорокова Сардаана (Төхтүр) – 0.15.1 га, Надежда Авелева (Павловскай) – 0.14 га, Салиса Окоемова (Хорообут) – 0.13,2 га, Анна Скрябина (Дойдуунускай) – 0.13 га.
55-тэн аҕа саастаахтар: Октябрина Шарина (Майа) – 0.13,5 га, Анна Харитонова (Төҥүлү) – 0.12,4 га, Варвара Колесова (Майа) – 0.08,2 га.
Мэҥэ Хаҥаласка уонча сыллааҕыта ”Төрүт дьарык” федерацията тэриллибитэ. Федерация салайааччытынан Дмитрий Иванович Тихонов, толорооччу дириэктэринэн Дмитрий Николаевич Сидоров талыллыбыттара. Кинилэр күн бүгүҥҥэ диэри ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Манна илии хотуурунан от охсуута, муус анньыыта, куйуур, мууһу аннынан муҥха курдук саханы саха гыммыт төрүт дьарыктарбыт киирэллэр.
Быйылгы от охсуутун бу федерация көҕүлээн Хорообут дьаһалтата, улуус тыа хаһаайыстыбатыгар управлениета, улуустааҕы физкультура уонна спорт управлениета тэрийэн ыыттылар.
1975 сыллаахха маҥнай ыытыллыбыт илиинэн охсууну уонна быйылгы күрэхтэһиини төһөнү охсубуттарын тэҥнээн көрдөххө хайдаҕый?
1975 c. Тит Окороков 1,51 гааны уонна 1976 с. Александр Слепцов 1.64 гааны охсубуттарын тэҥнээн көрүөххэйин. Иван Тихонов 0,3 гааны 2 ч. 17 мүн. охсубутун суруйдубут. 9 чаас устата итинник тиэмпэнэн бардаҕына, Михаил 1,2 гааны арыый кыайбаты охсуоҕун сөп курдук эбит.
Илиинэн от охсуутун тэнитиигэ санаалар
Мэҥэ Хаҥаласка өр сылларга от охсуутугар күрэхтэһиини тэрийии уопутугар олоҕуран санааларбытын үллэстэбит.
Соторутааҕына телевизорга Спорт министерствотыгар ГТО управлениетыгар начальниктыыр Ариан Алексеевич Александров этиитин истибиппит. Манчаары оонньуутугар төрүт дьарыгы прикладной спорт көрүҥүн быһыытынан киллэриэххэ диэн эппитин. Урут да итинник санаалар эмиэ этиллэллэрэ. Маны үөрэтэн көрүөххэ наада. “Урожай” ДСО баарына республикаҕа от охсуутугар күрэхтэһиилэри тэрийэ сылдьыбыттара. Көхтөөх, тэрээһиннээх күрэхтэһиилэр буолуталаабыттара. Оччолорго кыттыбыт дьон ону сөргүтэр туһунан санааларын этэллэр. “Урожай” тэрилтэни тэрийэр туһунан кэпсэтии барар да тоҕо эрэ кыаллыбат. Тыа сиригэр маассабай спорду, чөл, доруобай олоҕу көҕүлүүргэ “Урожай” тэрилтэни сөргүтэр наадалааҕын дьон барыта этэр.
Мэҥэ-Хаҥаласка Дорҕоон Дохсун Борогушин оҕолору кытта сайын аайы саха төрүт дьарыктарыгар лааҕыр аһан үлэлэтэр. Онно хотуурунан от охсорго үөрэтии спортивнай дьарык курдук эмиэ киирэр. Быйылгы күүлэйгэ оҕолорун аҕалан кытыннарда.
Улууспут баһылыга Д.И. Тихонов быйылгыттан тустуу лааҕырыгар дьарыктанар оҕолорго от охсуутун дьарыкка киллэттэрдэ. Ити сөптөөх дии саныыбын, эт-сиин сайдыытыгар бары өртүнэн туһалаах буолара саарбаҕа суох. Хайыһарынан дьарыктанар оҕолорго эмиэ киллэрэр бэрт буолуо этэ.
Улахан охсооччулар сахаларга киэҥ кэпсээҥҥэ, уос номоҕор сылдьаллара. 3,4,5 гааны охсубут дьоннор баалларын истэбит-билэбит.
От охсуутугар рекорд диэн ааҕыллымыан, көннөрү бастыҥ көрдөрүү диэххэ сөп. Итиннэ туох отуттан, үүнүүтүттэн, сирэ хайтаҕыттан, күнүттэн-дьылыттан тутулуга элбэх. Быйыл көрдөххө, Иван Иванович Тихоновка чугуһыыр охсооччу суох курдук көрдүм. Охсор техниката, биир тэҥ түргэнник охсуута, сылайбата атыттартан ордуга харахха көстөр. Тэҥнээх киһи баара буоллар, өссө элбэҕи тэлэкэлиэх эбит.
От охсуута мин санаабар, үс көрүҥҥэ ыытыллыан сөп курдук: маассабай уонна хамаанданан күрэхтэһиилэргэ кылгас сиргэ охсуу (200-250 м); биир омурҕаҥҥа охсуу (4 чаас). Биир күннээх охсуу (8-9 чаас) – бу куоталаһыыга биирдиилээн анал бэлэмнээх улахан дьон охсуохтарын сөп.
Хамаанданан күрэхтэһиини саастарын бөлөхтөргө арааран ыытыахха сөп: кыра саастаахтар 15 диэри, улахан саастаахтар 16-17 (кыргыттар, уолаттар); дьахталлар, эр дьоннор 18-39, 40-54, 55-64, 65 -74, 75 саастаахтар уонна онтон аҕалар.
Кэлин илиинэн от охсуута аҕыйаата. Дьон элитиэпкэ хотууру туттуута суох буолар туруктаах. Төрүт дьарыкпыт умнуллубата буоллар – утуму салҕааччылары иитиэххэ. Ону билигиҥҥи аҕа көлүөнэ өйдөөн өбүгэлэрбит дьарыктарын умуннарымыаххайыҥ! Онно “Күүлэйдэри” тэрийии улахан төһүү күүһүнэн буолуохтаах!
Афанасий ИЛЛАРИОНОВ, СӨ физическэй культуратын үтүөлээх үлэһитэ.
Мэҥэ Хаҥалас. Хара нэһилиэгэ.