Итэҕэл туһунан санааларым
“Дьулурҕан” хаһыат ыам ыйын 11 күнүнээҕи нүөмэригэр, тустууга үтүөлээх тренер Николай Романович Крылов итэҕэл туһунан ыстатыйатын ааҕан баран санаабын этэргэ сананным.
Аан дойду норуоттара үгүстэрэ итэҕэллээхтэр, ол быыһыгар итэҕэлэ суох атеистар кытта бааллар. Сэбиэскэй саҕана итэҕэл бобуллар этэ, ойуун, удаҕан сойуоланара. Итэҕэлинэн хайдыһыы ханна барыай – баар, ону религиозный сепаратизм дииллэр.
Билигин сахаҕа төһө киһи итэҕэллээҕин үчүгэй ырытыы суох, суруйалларынан саха православнай итэҕэллээх дииллэр, бэчээккэ. Сэбиэскэй саҕана үгүс киһи атеист этэ. Ыраахтааҕы саҕана саха православияны ылыммыта. Хас дьиэ, балаҕан аайы иконаларга үҥэллэрэ, дьиэҕэ киирбит киһи кириэс охсунара.
Тенгрианство – киһи аймах биир бастакы итэҕэлэ, Аан дойдуга научнай конференция сыл өрүү-өрүү буолар.
Саха итэҕэлин салаалара: “Аар Айыы итэҕэлэ”, “Айыы итэҕэлэ”, Айыы Таҥара итэҕэлэ”, о.д.а. юстицияҕа регистрацияламмыт итэҕэл тэрилтэлэрэ бааллар. Маны сэргэ эмчиттэр. Холобур “Өбүгэ ситимэ”, онтон да атын түмсүүлэр. Саха сиригэр барыта 120-тэн тахса араас суол итэҕэл түмсүүлэрэ бааллар, ити аҥардас регистрацияламмыта эрэ. Манна биири өйдүөххэ наада, бу тэрилтэлэр бары тус-туһунан чилиэннээхтэр. Онно эн барытыгар орооһор быраабыҥ суох.
Билигин итэҕэлинэн түмсүөҕүҥ диир дьон үгүс, ол эрээри, хайдах түмсэри үгүстэрэ билбэттэр. Ол аата, бастаан итэҕэл ханнык эмэ көрүҥэ баар буолуохтаах, суох буоллаҕына – суох буола туруо.
Мин санааларым манныктар:
– итэҕэли оҕоҕо төрөппүт, чугас киһи төрөөбүт тылы кытта тэҥҥэ иҥэрэр.
– итэҕэли оскуолаҕа үөрэтиини сокуон бобор, культура, фольклор көрүнүнэн билиһиннэрэллэр.
– өбүгэ үөрэҕэ бастаан өбүгэни, төрүччүнү билии, ытыктааһынтан саҕаланар, саха историята, сирэ-уота…
– ханнык баҕарар итэҕэли чинчийэр, үөрэтэр үөрэх тэрилтэлээх буолуохтаахпыт.
– итэҕэл үлэһиттэрин үөрэтэн таһаарар анал үөрэх тэрилтэлээх буолуохтаах. Холобур, Дьокуускайга православнай духуобунай семинария баар, ол курдук дьиэлээх- уоттаах, үлэһиттээх…
– урут таҥара сокуонун үөрэх тэрилтэлэригэр үөрэтэллэрэ “закон Божий” диэн.
Таҥара үлэтин салайар кииннээх буолуохтаах, араас эпископтан саҕалаан аҕабыыкка тиийэ. Оннук дуоһунас, салалта, суут, уураах, ыйаах таһаарар. Биһиэхэ биллэн туран, ол суох. Ол иһин ким талбытын соҥнуур.
– аны сүнньэ Библия, Коран курдук суруллубут источниктаах буолуохтаахпыт. Ону тутуһар, тарҕатар, үҥэр-сүктэр.
– сир-сир аайы аныгылыы таҥара дьиэлэрэ баар буолуохтаахтар. Таҥараҕа аналлаах.
– аны бу дьиэлэрбит иһигэр бигэргэммит дьон-сэргэ ылынар, Айыыларбыт, иччилэрбит, Өбүгэлэрбит мөссүөннэрэ, араас символлара баар буолуон сөп.
Ити сүнньэ, онон элбэх үлэ, сүбэ-соргу күүтэр.
Оттон ааптар суруйарын курдук, итэҕэли спорка сыһыаран эттэххэ, урукку олимпиецтар итэҕэллэрэ – ССРС доҕордоһуу, коммунистическай идеология, коммунизмы тутуу этэ, сэрии ветераннара үгүстэрэ бааллара. Билигин идеология суох, рынок эрэ, ол аата – барыс.
Итэҕэл биллэн туран, төрөөбүт сиртэн, дойдуттан, өбүгэлэртэн, Үрдүк Айыылартан турар. Кылаан чыпчаалыгар (форматыгар) киирбит спортсмен туруга олох туспа, үс кут дьайыыта, эт-сиин, өй-санаа, сиэр-майгы бары түмсэллэр. Маны киһи судургутук кыайан быһаарбат.
Петр ТИХОНОВ – Тэрчи.
Икки сыллааҕыта Садулаев Шамиль ойуулаах футболканы анаан интервью биэриэн иннинэ кэппитигэр, кыайан хотон тахсаат, кинини ФСБР штрафтаан 4 ыйга туораппыта турнирдарга кыттарыгар.Онон спорт эйгэтигэр ханнык да идеология пропагандата суох буолуохтаах.
Спортсмен бэйэтин ис туругун бэрээдэгэ, санаатын ырааһа, чөл олоҕо тиэрдэн эрдэҕэ кыайыыларга…