Бэйэтин Сахатын сириттэн уһаарыллан тахсыбыт чулуу бөҕөс
Бары да билэрбит курдук, быйыл күһүн балаҕан ыйын 5 күнүгэр, Сахабыт сиригэр бастакынан көҥүл тустуу оскуолатын тэрийбит, Чурапчы интэринээт-оскуолатыгар элбэх аатырбыт бөҕөстөрү иитэн таһаарбыт, олор истэригэр – РСФСР, ССРС, Европа, Аан дойду чемпионнарын, Олимпиада кыайыылаахтарын уонна призёрдарын – Саха сирин, РСФСР уонна ССРС үтүөлээх тириэнэрэ Дмитрий Петрович Коркин 95 сааһын туоларынан сибээстээн, элбэх тэрээһин ыытыллаары турар.
Ол курдук, балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр “Өрөгөй” успуорт киинин саалатыгар Аан дойдутааҕы күрэхтэһии буолар. Манна араас дойдулартан ааттаах-суоллаах бөҕөстөр кэлэллэрэ былааннанар.
Бу үөрүүлээх түгэнинэн туһанан, мин быйыл сайын убайбар Василий Николаевич Гоголевка даачатыгар тиийэн, сынньана сылдьан, таарыччы, кини тус бэйэтин олоҕун уонна Дмитрий Петрович Коркин аттыгар сылдьан, хайдах курдук тустуук буолан үүнэн тахсыбытын туһунан сиһилии кэпсэтэн интервью ылан кэлбитим. Ол кэпсэтиибит түмүгүн тустууну сэҥээрээччилэргэ, бар дьоммор суругунан тиэрдиэхпин баҕаран, бу киниэхэ анаабыт статьябын бэчээккэ таһааран эрэбин.
Вася Гоголев – оҕо сааһыттан саҕалаан Дмитрий Петрович Коркин аттыгар бииргэ сылдьыбыт, биир дьиэҕэ дьукаах олорбут, биир остуолтан аһаан, биир хоско утуйа сылдьыбыт уолчаан. Итини таһынан, Вася төрдүс кылаастан саҕалаан Дмитрий Петрович бэйэтин ыҥырыытынан интэринээт-оскуолаҕа тиийэн тустуунан эрчиллэн, тириэнэрэ бу күн сириттэн барыар диэри бииргэ сылдьыбыт тустуук уолбут буолар.
Онон бу мин сурукка тиһэн киллэрэр дьоруойум биһиги Улуу тириэнэрбит Дмитрий Петрович Коркин саамай чугас, билиигэ үөрэппит, олоххо такайбыт, тустууга уһуйан таһаарбыт уола буолар.
Ону таһынан, Василий Гоголев тустууга ситиһиилэрэ барыта Сахатын сириттэн эрэ тиийэн тустан ылаттаабыт кыайыылара буоларын, биһиги, доҕотторо бэркэ диэн билэбит уонна ону мэктиэлиибит.
Убайбынаан атах тэпсэн олорон аһаҕас кэпсэтиибит маннык саҕаламмыта.
Василий Гоголев: “Мин эһэм Бүтээһэ Бүөтүр Гоголев диэн Уус-Алдан Тандатыттан төрүттээх, олох быстах дьадаҥы киһи. Кини Чурапчы Арыылааҕар кэлэн тирии имитээччинэн ыалларга үлэлии сылдьан, бэйэтигэр тэҥнээх кыыһы булан, бу сиргэ ыал буолан, түөрт оҕону төрөтөн, быр-бааччы олохсуйан олорбут. Оҕолоро: икки уол, икки кыыс эбит. Мин аҕам 1922 сыллаахха Нькуолун күн, ыам ыйын 22 күнүгэр төрөөбүт буолан, Ньукулай диэн ааттаммыт уонна оҕолортон саамай кыралара эбит. Убайа Гоголев Василий Петрович 1922 сыллаах төрүөх, Аҕа дойдуну көмүскүүр уоттаах сэриигэ ыҥырыллан тиийэн баран, сэрии хонуутугар сураҕа суох сүппүт.
Мин аҕам кэпсииринэн, бу Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриитин кэмнэригэр, 1942 сыллаахха Чурапчы сиригэр абытайдаах кураан сайын буолан, сир-уот хайыта хатан, күөллэр уоланнар, сир-дойду барыта куура хатан, аһыҥа үөн өрө туран, биир да күөҕү ордорбокко кэбийэн сиэн, олус кураан сайын буолбута үһү.
Дьоммут ити кэмҥэ “Мохсоҕол” диэн ыттаахтар эбит, ол ыттара сүүрэн кэлэ-кэлэ дьиэ истиэнэтигэр кэтиллэр, истиэнэҕэ ыттар буолан хаалбыт. Кэлин кырдьаҕастар билбиттэрэ, ити ыттара улахан кураан кэлэрин биттэммит диэн сэрэйбиттэр. Бу кэмҥэ Саха сирин Обкомнааҕы хомуньуус партия уурааҕынан, Чурапчы колхуостарын үксүлэрин көһөрүүгэ күһэйэн хоту оройуоннарга балыктата ыыталаабыттара. Мантан ыыталларыгар, антах тиийдэххитинэ олохтоох салалталар үчүгэйдик көрсүөхтэрэ, олорор-үлэлиир сиргит-уоккут барыта баар буолуо, барытын тэрийэн биэриэхтэрэ диэбиттэр.
Аллараа Бэстээххэ кэлэн, өр кэмҥэ биэрэккэ илдьиэхтээх борохуоттарын кэтэһэн, Лена өрүс биэрэгэр аһаҕас халлааҥҥа сыталлар. Кэмниэ-кэнэҕэс кэтэһиннэриилээх борохуоттара биэрэккэ кэлэн, аһаҕас бааржаҕа тиэллэн, аналлаах сирдэригэр уунан хоту айанныыллар. Аара айаннаан иһэн сорох колхуос дьонун Кэбээйигэ, Эдьигээҥҥэ, Күһүүргэ хааллараллар. Биһиги дьоммутун “Кыһыл знамя” колхуостаахтарын хоту Булуҥ сиригэр илдьэн түһэрэллэр. Мин ийэлээх аҕабын кытта Кытаанах олохтооҕо уол Дмитрий Коркин эмиэ манна көһүүгэ тиийэр.
Манна тиийбиттэрэ, кинилэри биэрэккэ ким да көрсүбэт, эгэ олорор дьиэ-уот баар буолуо дуо, туох да суох сиригэр хаалан хаалаллар. Хайыахтарай, туох табылларынан, тугу булбуттарынан тыалтан-тымныыттан хаххалаах эрэ буоллун диэн, хаптаһын сыыһыттан олорор дьиэ туттаахтыыллар, тимир дуома буланнар, тимир оһоҕунан дьиэлэрин сылыталлар. Манна тиийээт да, аҕам икки эдьиийэ уһаабаккалар, ыар ыарыыга ылларан өлөн хаалаахтаабыттар.
Аҕам буоллаҕына акка сыһыаннаах буолан, бу дойдуга ыраах соҕуруу Ленинград куоратыттан кэлэн үлэлии сылдьар экспедиция дьонугар ат көрөөччүнэн үлэҕэ киирэн үлэлээбит. Ол үлэлии сылдьан, аҕам бу экспедиция дьонун кытта элбэх хоту сирдэринэн (Халымаҕа тиийэ) кэрийэн, нууччалары кытта тэҥҥэ үлэлээбит, кэлин нууччалыы кытары саҥаран наадатын быһаарсар буолбут. Бу экспедиция дьоно аҕабын соҕуруу үөрэххэ ыыта сатаабыттарын, бэйэтэ буолумматах эбит. Маннык үлэлии сылдьан, аҕам дойдутугар 1954 сыллаахха биирдэ эргиллэн кэлэр.
Дойдутугар эргиллэн кэлэн үлэлии сылдьан, Арыылаах кыыһын көрсөн, 1954 сыллаахха ыал буолаллар. Ийэм Скрябина Устинья Михайловна диэн, 1928 сыллаахха кулун тутар 8 күнүгэр төрөөбүт, кини көһүүгэ Булуҥ сиригэр эмиэ сылдьан этэҥҥэ эргиллэн кэлбит этэ. Ийэм кэпсииринэн, наар балыктыыр этибит, балыкпытын бэйэбитигэр олох сиэппэт этилэр, итинник үлэлии сылдьан ытыспын күн уотугар утары туттахпына, күн уота курдары көстөр этэ, оннук дэлби ыран хаалбыппыт – диэн биһиэхэ кэпсиирин өйдүүбүн.
Бу көһүүгэ мин дьоммун кытта Дмитрий Петрович Коркин бииргэ сылдьыбыт. Кини өссө антах Булуҥ сиригэр оскуолаҕа үөрэммит.
Дмитрий Петрович Кытаанахха мин аҕабын кытта бииргэ оонньоон улааппыт дьон.
Биһиги бииргэ төрөөбүттэр үһүөбүт: мин ыал улахан оҕото буолабын, 09.10.1956 сыллаахха, Чурапчы нэһилиэгин арҕаа баска Ярославскайа уулуссаҕа баар балаҕаҥҥа төрөөбүтүм, мин кэннибиттэн быраатым Коля (05.04.1958), онтон балтым Аня (16.12.1960) төрүүллэр.
Кыра сырыттахпына, Дмитрий Петрович Ленинградка үөрэҕин бүтэрэн кэлэн, Одьулуун оскуолатыгар завуһунан уонна нуучча тылын учууталынан ананан кэлэн үлэлиир кэмэ этэ. Бу оскуолаҕа бастакынан оҕолору көҥүл тустуу секциятын аһан тустууга уһуйан үлэтин саҕалыыр. Аны бу Одьулууҥҥа учууталынан үлэлии сылдьан, нэдиэлэҕэ үстэ кэлэн Чурапчыга оҕолору эрчийэрин истэр этим. Кэлин Чурапчыга бэйэтигэр тустуу филиала аһыллан, Дмитрий Петрович онно үлэлии ананан кэлбитэ.
Бу, Чурапчыга көһөн кэлэн үлэлиир сылларыгар, биһиэхэ кини дьукаах олорбута, мин оччолорго кыра оҕо этим. Иккиэн биир хоско сытар этибит, мин оронум кыра этэ. Бу манна олорон ардыгар эрчиллэ сылдьар уолаттарын Дмитрий Петрович дьиэбитигэр аҕалан, мин ийэбэр ас буһартаран аһатарын, сороҕор уолаттарга сакалаат кэмпиэт сиэтэрин өйдүүбүн.
Ардыгар Дмитрий Петрович миигин аргыс оҥостон тустуутун секциятыгар заалга илдьэ барар этэ. Ити кэмҥэ Чурапчыга улахан уу кэлэн, саас дьиэбитин уу ылара, онно Дмитрий Петрович тустууга эрчийэ сылдьар уолаттарын аҕалан, баһаарынай носуоһунан уолаттарын илиилэрин былчыҥын эрчийэ таарыйа, дьиэбит уутун илиилэринэн хачайдатан уулуссаҕа бырахтарара.
Мин ити кэмҥэ олус мэник, сымса хамсаныылаах уол оҕото этим, наар үөһэ ыттан тахсан сүүрэкэлиирбин сөбүлүүрүм, күрүө үрдүнэн, ампаар, дьиэ үрдүгэр кытары ыттан тахсарым. Итинник ыттан тахсан оонньуурбун олус сөбүлүүр этим.
Дмитрий Петрович итинник биһиэхэ дьукаах олорон уонна үлэлии сылдьан, 1964 сыллаахха сайыҥҥы Олимпиадаҕа аан бастаан тустууну көрө Токио куоракка барбыта. Онно тиийэн аан дойду бастыҥ күүстээх тустууктарын илэ хараҕынан, кинилэр тустууларын, хамсаныыларын, оҥорор албастарын көрөн, элбэҕи тэтэрээтигэр сурунан бэлиэтэнэн, ардыгар хаартыскаҕа түһэрэн, астынан аҕай кэлбит этэ. Бу Олимпиадаттан кэлэригэр Дмитрий Петрович миэхэ кеда аҕалан бэлэхтээбитин өйдүүбүн. Ону кэлин улаатан баран саныыбын, ити кеда дьоппуоннуу төгүрүк эмблемалаах уонна суруктаах этэ ээ диэммин.
Ити кэнниттэн Дмитрий Петрович үөһэ Чурапчы интэринээт-оскуолатыгар тириэнэринэн ананан үлэлии тахсар. Ити кэмҥэ аҕам тутуу учаастагар үлэлии сылдьар буолан, интэринээт-оскуолаҕа элбэх тутууга үлэлээбит этэ. Ол курдук, кинилэр биригээдэлэрэ, оскуоланы, оҕолор олорор уопсай дьиэлэрин, бастакы спортивнай сааланы туппуттара. Кэлин Дмитрий Петрович ыал буолбутун кэннэ, кини олорор дьиэтин эмиэ туппуттара. Онон ити кэмнэргэ бу биригээдэ дьоно Чурапчы сиригэр үлэ бөҕөнү үлэлээбит дьон буолаллар.
Бу кэмҥэ мин улаатаммын Чурапчы аҕыс кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирэбин. Итинник үөрэнэ сырыттахпына, төрдүс кылааска үөрэнэр сааспар, Дмитрий Петрович аҕабар эппит: “Ити улахан уолгун Васяны миэхэ интэринээккэ тустууга үөрэттэрэ аҕал” – диэбит. Ону аҕам: “Бу уол кырата-хачаайыта да бэрт, хата ити кыра уолбун Коляны ылыаҥ этэ” – диэбит. Онуоха Бөтүрүөбүс: “Ити кыра уолтан улахан тустуук тахсыа суоҕа, дьиэ эрэ иһинээҕи тустуук буолуон сөп” – диэбит.
Инньэ гынан аҕам сөбүлэһэн, мин интэринээккэ үөрэнэ тахсыбытым, интэринээт-оскуола иитиллээччитэ буоламмын, төрдүс кылаастан саҕалаан онус кылааска оскуоланы бүтэриэхпэр диэри үөрэммитим. Ардыгар өрөбүллэргэ Чурапчыга киирдэхпинэ даҕаны, дьиэбэр чэйдээн баран, интэринээппэр төттөрү тахсар этим. Оннук интэринээт-оскуола олоҕо киһини угуйар-ыҥырар эбит этэ. Оскуолаҕа сылдьан улахан күрэхтэһиилэргэ тустубат этим, оскуола уонна оройуон тустуутугар эрэ тустар этим, 24 киилэттэн саҕалаан тустубутум.
Арай биирдэ, ахсыс кылааска үөрэнэ сырыттахпына, Казахстан оҕолорун кытта утарыта күөн көрсөн тустуу кэмигэр, миигин 28 эрэ киилэ ыйааһыннаах уолу 32 киилэҕэ өрө таһааран туһуннарбыттара. Оччолорго таҥас-сап, спортивнай да форма кырыымчык кэмэ этэ. Бу туста тахсарбар баспытааталым Варвара Романовна Сидорова бэйэбэр сөптөөх шортик тигэн биэрбитин, ону кэтэн тахсан тустубутум. Хата утарсааччы уолбун кыайбытым. Бу мин бастакы улахан кыайыым этэ. Ону туоһулуур бастакы ылбыт улахан грамота суругум баар.
Оскуоланы бүтэрдэҕим сыл, Дмитрий Петрович миигин уонна Каженкин Мишаны, интэринээт-оскуолаҕа дуоһунас булан үлэлэтэ хаалларбыта, онон тустуубутун быспакка салгыы эрчиллэн барбыппыт. Бу маннык оскуола да уонна армия да кэнниттэн, Дмитрий Петрович элбэх тустууга талааннаах диэбит уолаттарын, манна араас үлэҕэ (спорт инструктор, хачыгаар) ылан, салгыы тустууларынан дьарыктаабыт уолаттара элбэхтэр этэ. Холобур, Игорь Кудрявцев, Захар Чукров, Иннокентий Аянитов, Прокопий Иванов, Николай Иванов уо.д.а.
Онтон 1976 сыллааха сайыҥҥы Олимпиадаҕа Монреаль куоракка көҥүл тустууга үс саха уолаттарын (Роман Дмитриев, Александр Иванов, Павел Пинигин) өрөгөйүн кэнниттэн, Дмитрий Петрович Коркины Саха сирин дьаһалтатын быһаарыытынан, 1977 сыллаахха куоракка ыҥыран аҕалан, саҥа тутуллубут “Зал борьбы” тириэнэринэн анаан үлэлэтэллэр. Бу заалга Дмитрий Петрович интэринээккэ араас сылларга үөрэммит уолаттарын хомуйан ылан бэйэтэ дьарыктаабытынан барар. Ол курдук, СГУ, ЯПУ, СПТУ үөрэнэ сылдьар интэринээт уолаттара үксүлэрэ манна кэлэн дьарыктанан бараллар.
Мин санаабар, бу маннык араас үөрэххэ киирбит уолаттар салгыы өссө да үчүгэйдик тустуохтарын, үөрэхтэрэ атахтыыр уонна мэһэйдиир этэ дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр үөрэхтэригэр баттатан, күҥҥэ толору иккитэ сатаан бириэмэ булан эрчиллибэт этилэр уонна олорор усулуобуйалара да атын этэ. Холобура, СГУ уолаттара, Захар Чукров, Коля Коркин, Семен Окладников, Миша Каженкин, Валерий Керемясов, Алексей Стручков…
Миигин Бөтүрүөбүс 1977 сыллаахха бэйэтин кытта куоракка илдьэ киирбитэ уонна кини этиитинэн “Спартак” спортивнай общество аатыттан күрэхтэһиилэргэ тустар буолбутум. Миигин “Спартак” обществоҕа киллэрбитэ эмиэ өйдөнөр дьыала. Соҕуруу куораттарга күрэхтэһиилэр ити кэмҥэ, үксэ “Спартак” общество аатыттан элбэх сиргэ ыытыллар этилэр. Миигин кытта бу обществоҕа Юрий Андреев, Петр Платонов (инструктор), Михаил Друзьянов (инструктор), Афанасий Захаров (Хош), Гоша Алексеев, уо.д.а. бааллара.
Бастаан олорор да сирбит суох этэ. Онтон 1979 сыллааха “Прогресс” маҕаһыын аттыгар, Хабарова, 3 уулуссаҕа, түөрт хостоох квартираны общежитие курдук ылан биэрбиттэрэ, онно ШВСМ уолаттарын кытта бары бииргэ олорбуппут. Онтон инстуктор улахан дьоммут – Юрий Степанович Андреев, Пётр Гаврильевич Платонов уонна Михаил Егорович Друзьянов Сайсары кварталарыгар Софронова уулуссаҕа мас дьиэҕэ олорбуттара. Соҕуруу күрэхтэһэн хойутаан түүн көтөн кэллэхпитинэ, үксүгэр ити дьиэҕэ тиийэн утуйар, хонор, сынньанар этибит. Кэлин бу дьиэҕэ Будимир Яковлев эмиэ кэлэн олоро сылдьыбыта.
Инструктор убайдарбыт биһигини ити кэмҥэ соҕуруу элбэх куораттарга араас таһымнаах күрэхтэһиилэргэ бэйэлэрин кытта бииргэ илдьэ сылдьыбыттара.
Мин 1976 сыллаахха икки Бүтүн Сойуустааҕы турнирга кыайаммын, чөмпүйүөн аатын ыламмын, маастар нуорматын толорбутум.
Бу кэмнэргэ Дмитрий Петрович миигин олох бэйэтин уолун курдук улахан таһымнаах күрэхтэһиилэргэ тустууну көрдөрө, тустуу улахан түһүлгэтин тыыннаах салгынын билиһиннэрэ таарыйа элбэхтэ бииргэ илдьэ сылдьыбыта. Кинини кытта сылдьаммын көбүөргэ араас аатырбыт тустууктары киинэҕэ устар, кумааҕыга бэлиэтиир этим. Ол курдук, 1976 сыллаахха Европа чемпионатыгар, 1975 сыллаахха Аан дойду чемпионатыгар (Павел Пинигин бастыыр кэмигэр), норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах күрэхтэһиилэргэ илдьэ сылдьыбыта. Бу маннык араас үрдүк таһымнаах тустуу күрэхтэһиилэригэр сылдьаммын, элбэҕи көрөн билбитим уонна сөпкө сыаналыы үөрэммитим. Онтукам кэлин бэйэм улахан тустуук буолан сайдан-үүнэн тахсарбар олус элбэҕи көмөлөспүтэ чахчы баар дьыала. Учууталым Дмитрий Петрович барахсан итинник саха киһитигэр ырааҕы көрөр уонна чахчы муударай киһи эбит этэ. Мин кини аттыгар сылдьыбыппыттан уонна элбэхтэ кини үөрэтэр үөрэҕин бэйэм эппэр-хааммар ылыммыппыттан, кини эрэнэр итэҕэлин толорбуппуттан олус астынабын уонна киэн туттабын.
Ити кэмнэргэ Дмитрий Петрович науканан күүскэ дьарыктана сылдьыбыта. Икки сылы быһа миигин ити үлэтигэр соҕуруунан-хотунан аттыгар бииргэ илдьэ сылдьыбыта. Москваҕа тиийдэхпитинэ гостиницаҕа биир хоско түһэр этибит. Мин киниэхэ паапка уонна кумааҕы тутааччынан сылдьар этим. Үксүн Институт физкультуры сылдьар этибит. Сарсыарда эрдэ барар этибит уонна киэһэ хойут төннөрбүт. Итинник бииргэ сылдьыбыт түгэннэрбитин кэлин сааһыран баран олус кэрэтик уонна күндүтүк саныыбын.
Аны туран, элбэх саха тустуук уолаттара оскуола, производства кэнниттэн үксүлэрэ армияҕа сулууспалыы Чита куоракка ЗабВО тиийэллэр этэ. Онтон мин 1979 сыллаахха Россия Кубогар тустубутум кэннэ, Дмитрий Петрович миигин соҕотохтуу Чеченскай республикаҕа, Грознай куоракка Северо-Кавказскай байыаннай уокурукка армияҕа сулууспалата, ол дойдуттан сылдьар ССРС үтүөлээх тириэнэригэр Багаев Деги Имранович диэн киһиэхэ туттаран баран ыытан кэбиспитэ.
Туох да байыаннай билиэтэ да, туга да суох тиийбитим. Манна тиийбитим, бу куоракка военкомакка Пшенников диэн майор званиялаах Өлүөхүмэттэн төрүттээх саха киһитэ үлэлии сылдьар эбит этэ, кини миэхэ байыаннай билиэт оҥорон биэрбитэ. Бу биир дойдулаах киһим миигин сорох өрөбүллэргэ байыаннай чааспыттан кэлэн ылан, дьиэтигэр илдьэн сынньатар, аһатар этэ. Байыаннай чааспар соҕотох саха этим. Манна присяга ылан баран, үс эрэ ый сылдьыбытым. Ол кэнниттэн спорт ротаҕа сулууспалыы Ростов-на-Дону тиийбитим. Манна байыаннай учуокка эрэ турар этим. Дьарыкпыт буоллаҕына син-биир Грознай куоракка буолара. Күҥҥэ иккитэ күүскэ эрчиллэр этибит, аһылыкпыт үчүгэй этэ. Манна соҕотох буоламмын ханна да аралдьыйбат этим, наар күүскэ эрчиллэн тахсарым. Ити курдук эрчиллэ сылдьаммын, Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх күүстэрин күрэхтэһиитигэр 48 киилэҕэ тустаммын, маҥнай 1979 сыллаахха – үһүс миэстэ, онтон 1980 сыллаахха – чөмпүйүөн буолабын. Бу күрэхтэһиигэ ЦСКА-тан 48 киилэҕэ биир дойдулаахтарым – Григорий Христофоров, Алексей Диодоров, Иннокентий Зырянов кэлэн тустубуттара.
Кэлин санаатахпына, Бөтүрүөбүс миигин туспа ыыппыт биричиинэтэ диэн, элбэх саха уолаттара сулууспалыыр сиригэр тиийдэҕинэ, олус атыҥҥа аралдьыйыа диэбит быһыылаах этэ. Бу эмиэ мин улахан көбүөр тустуук буола үүнэн тахсарбар, учууталым биир эмиэ дьикти толкуйун уонна быһаарыытын түгэнэ эбит дии саныыбын. Мин ону барытын кэлин барытын сааһылаан олороммун таайбытым.
Икки сылынан сулууспалыыр бириэмэм бүтэн, байыаннай чааспар Ростов-на-Дону тиийбиппэр, чааһым дьоно миигин сверхсрочнай сулууспаҕа өссө хааллараары этии киллэрбиттэрин, армия сулууспатын сөбүлээбэт буоламмын уонна дойдубун Сахам сирин олус ахтаммын аккаастанан, докумуоммун ЦСКА ыытаарын диэн баран, Сахам сиригэр төннөн кэлбитим.
Манна, куоракка кэлэн баран, Мархаҕа баар Спорт рота (филиал ЗабВО) байыаннай чааһын начальнигын Борис Васильевич Молчанов диэн киһини кытта көрсөн, төннөн кэлбит биричиинэбин уонна докумуона суох кэлбит түгэммин барытын быһааран биэрбитим. Бу киһи хата кэпсэтэн докумуоммун Чита ЗабВО спорт ротатыгар ыыттарбыт этэ. Инньэ гынан, миигин ЗабВО учуокка ылаллар уонна Мархаҕа салгыы сулууспалыыр гына докумуоммун оҥороллор. Онтон дьарыктанар сирбит “Зал борьбы” этэ. Манна кэлэн итинник сулууспалыы сылдьан, Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх күүстэрин күрэхтэһиитигэр 48 киилэҕэ тустаммын эмиэ бастаабытым. Онон ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин күрэхтэһиилэригэр – иккитэ чөмпүйүөн, биирдэ үһүс миэстэ буолан турабын. Бу иннинэ 1978 сыллаахтан саҕалаан РСФСР чемпионатыгар тустаммын – үстэ призёр буолабын. Аны бу кэмҥэ Россия Кубогар тустаммын – чөмпүйүөн буолабын. Кэлин РСФСР – биэстэ бастыыбын. Аны туран ССРС чемпионатыгар – үс төгүл призёр, үс төгүл – чөмпүйүөн буолабын. ССРС норуоттар икки ардыларынааҕы чемпионатыгар тустаммын – иккис миэстэ буолабын. Маны ааһан Европаҕа барыта түөртэ тустаммын, биирдэ иккис миэстэ, икки төгүл – чөмпүйүөннүүбүн. Маны ааһан, элбэх аан дойду таһымнаах турнирдарга үксүгэр бастакы миэстэни ылаттаабытым. Бу түгэннэри элбэх дьон бу баччааҥҥа диэри сиһилии билбэттэр.
Бастакы көбүөргэ улахан ситиһиим 1979 сыллаахха РСФСР норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ (Кириши куорат) – иккис миэстэ. Бу сыл Сэбиэскэй Сойуус Сэбилэниилээх күүстэрин күрэхтэһиитигэр (Кишинёв) – чөмпүйүөн буолабын.
Онтон 1981 сыллаахха РСФСР чемпионатыгар (Улан-Удэ) – чөмпүйүөн, ССРС чемпионатыгар (Улан-Удэ) – иккис миэстэ. Манна Сергей Корнилаев бастаабыта, мин киниэхэ олох тэҥ тустууга 3:4 ахсаанынан хотторбутум. Бу иннинэ Григорий Христофоров бэркэ Корнилаевы кыайан иһэн хотторон хаалбыта. Кини кыайбыта буоллар, бу ССРС финалыгар икки саха уола тустуохтаах этибит.
1982 сыл – Европа чемпионата (Болгария, Варна), иккис миэстэ. ССРС чемпионата (Орджоникидзе) – үһүс миэстэ. Аан дойдутааҕы норуоттарын икки ардыларынааҕы турнир (Иран, Тегеран) – бастакы миэстэ. Аан дойдутааҕы норуоттарын икки ардыларынааҕы турнир (Канада, Торонто) – бастакы миэстэ.
1983 сыл – Аан дойду Кубога (АХШ, Толидо), үһүс миэстэ. ССРС норуоттарын спартакиадата (Москва) – иккис миэстэ. ССРС чемпионата (Москва) – үһүс миэстэ.
1984 сыллаахха саамай чугас аҕам кэриэтэ киһим, бэйэм тириэнэрим, олохтон барбытыгар кыра оҕо эрдэхпиттэн уһуйбут уонна такайбыт чугас киһим Дмитрий Петрович суох буолбутун кэннэ, миэхэ ыарахан сүтүктээх кэммэр, мин аттыбар убайым кэриэтэ саныыр киһим Роман Михайлович Дмитриев баар этэ уонна кини мин тустуубун салгыы эрчийэн барбыта.
Кини мин тустуубун билэр буолан уонна бэйэтэ олус уопуттаах тустуук буоларын быһыытынан, мин оҥорор албастарбын атыннык чочуйан, үөрэтэн киирэн барбыта. Ол курдук, илиибэр ылар захваттарбын атыннык туруорбута, атахха киирэн баран хайдах туруохтаахпын, илииттэн-төбөттөн хайдах тутан тустуохтаахпын, бука барытын уларытан, чочуйан биэрбитэ. Бу кини туруорбут сүбэтэ уонна ньымата мин тустар ньымабар элбэҕи эбии биэрбитэ. Ону таһынан, кини мин утарсааччыларбын барыларын билэр уонна бэйэтигэр суруна сылдьар буолан, хас биирдии тустуубар олус наадалаах сүбэлэри биэрэр, тустар ньымабын сөпкө туруоран, барытын чопчу быһааран биэрэр этэ. Ол түмүгэр, мин үс сыл субуруччу ССРС чемпионатыгар бастаабытым. Бу чахчы улахан ситиһии этэ.
Василий Гоголевка бу кэмнэргэ чахчы Сойуус көбүөрүгэр тэҥнээҕэ суох этэ.
1984 сыл – ССРС чемпионата, бастакы миэстэ. Аан дойдутааҕы норуоттарын икки ардыларынааҕы турнир (ГФР, Фрейбург) – бастакы миэстэ.
1985 сыл – Европа чемпионата (ГДР, Лейпциг), бастакы миэстэ. ССРС чемпионата (Якутскай) – бастакы миэстэ. Аан дойду чемпионата (Венгрия, Будапешт) – үһүс миэстэ.
1986 сыл – “Үтүө Дьулуур оонньуулара” (Москва), бастакы миэстэ. ССРС чемпионата (Орджоникидзе) – бастакы миэстэ. Суперкубок (Япония, Токио) – иккис миэстэ.
1987 сыл – РСФСР чемпионата, бастакы миэстэ. Аан дойдутааҕы норуоттарын икки ардыларынааҕы турнир (ГДР, Зуль) – бастакы миэстэ.
1988 сыл – Европа чемпионата (Англия, Манчестер), бастакы миэстэ. Аан дойдутааҕы норуоттарын икки ардыларынааҕы турнир (Венгрия, Кечкемет) – бастакы миэстэ. ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин күрэхтэһиитэ (Орджоникидзе) – бастакы миэстэ. Турнир “Гран-при ФИЛА” (Венгрия, Будапешт) – бастакы миэстэ.
1988 сыл ССРС сүүмэрдэммит хамаандата (тириэнэр Иван Ярыгин) Европа чемпионатыгар чаҕылхай ситиһиилээхтэрин иһин, барыта уон ыйааһынтан аҕыһыгар чөмпүйүөн аатын ылаллар, Москваҕа төннөн кэлбиттэригэр, Спорт кэмитиэккэ улахан аһылыктаах көрсүһүү тэрийэллэр уонна үс уолга улахан наҕараада “Тустууга үтүөлээх маастар” аатын иҥэрэллэр. Ол иһигэр биһиги уолбутугар Василий Гоголевка эмиэ туттараллар. Бу дьэ успуорка олус улахан уонна саамай бочуоттаах звание буолар.
Бу 1988 сыл Василий Гоголев ССРС чемпионатыгар тустуутун түгэнигэр туспа тохтоон ылан, көбүөргэ буолбут түгэннэри кыратык дьоммутугар-сэргэбитигэр быһааран биэрэргэ сананным.
Ол курдук, күрэхтэһии билэргит курдук ити сыл Красноярскай куоракка ыытыллыбыта. Бу куорат Олимпиада буолар сылыгар мээнэ талыллыбатаҕа. Бу сыл 48 киилэ ыйааһыҥҥа биһиги уолбут Вася Гоголев үрдүк ситиһиилэрдээх уонна үчүгэй көрдөрүүлээх сылдьар этэ. Сүрүн утарсааччыта бу дойду уола Сергей Карамчаков (Красноярскай) баар этэ. Тириэнэрдэр иннилэригэр ким Олимпиадаҕа барыахтааҕа быһаарыллар түгэнэ тиийэн кэлбитэ. Ким бу ыйааһыҥҥа бастаабыт, ол сайыҥҥы Сеул Олимпиадатыгар барыахтааҕа биллэр этэ. Ол да иһин буолуо, биһиги уолбутугар сэрэбиэйэ олус кытаанах буолан биэрбитэ, кини тустар группатыгар бары күүстээхтэр бары баар этилэр.
Сэрэбиэй биһиги уолбутун эрдэ туоратар сыалтан оһуллубута этэ. Карамчаков группата чэпчэки этэ. Бу барыта эрдэттэн оҥоһуу буолбута саарбаҕа суох этэ. Вася бастакы эргииргэ армян Гнел Меджлумяны (Ереван) кытта тустуутугар, судьуйалар эмиэ утары үлэлээбиттэрэ. Ол курдук, тустуу кэмигэр, Гоголев стойкаҕа күүстээҕин билэр буоланнар, наар партерга тустуу тэрийэн ыыта сатаабыттара, ол быыһыгар бэриллэр очукуолары эмиэ биэрбэтэхтэрэ. Түмүгэр биһиги уолбут армян уолугар Меджлумяҥҥа хотторон хаалбыта. Инньэ гынан, Вася группатыгар үһүс эрэ буолбута. Манна даҕатан эттэххэ, инники көбүөргэ көрсүүтүгэр биһиги уолбут бу армян уолун куруук кыайар этэ. Онон бу эппиэттээх сырыыга Вася уопсай түмүккэ бэһис миэстэлэммитэ. Дьэ, бу олус кыһыылаах уонна абалаах түмүк этэ.
Ол да буоллар, финалга Сергей Карамчаков бу армян уолугар хотторон, иккис миэстэ буолар. Бочуоттаах үһүс миэстэни Рагиф Мамедов (Ленинград) ылбыта. Вася Гоголев бэһис эрэ миэстэ буолар.
Ким Олимпиадаҕа барарый диэн боппуруоска, тириэнэрдэр бастаабыт армян уола Меджлумян Аан дойду көбүөрүгэр уопута суох диэннэр, Сергей Карамчаковы куоластыыллар. Инньэ гынан, Олимпиадаҕа Сергей Карамчаков тиийэн тустар уонна боруонса мэтээлгэ тиксэр”.
Манна биир чахчы буолбут кэпсэтии түгэн баарын ааҕааччыларбытыгар анаан тиэрдэбин.
Роман Михайлович Дмитриев бу кэмҥэ, ССРС сүүмэрдэммит хамаандатыгар, 48-52 киилэлэргэ эппиэттээх тириэнэр этэ. Кини Олимпиада кэнниттэн кэлэн баран, уолбутун Васяны көрсөн маннык эппит: “Мин Карамчаковы ньээҥкэлээн-ньээҥкэлээн ыйааһынын 48 киилэҕэ сөп оҥороммун, боруонса эрэ мэтээлгэ тигистэ. Вася эн барбытыҥ буоллар, хайаан да бастыаҥ этэ” – диэбитэ чахчы баар дьыала. Онуоха Вася утары эппит: “Барбатах буолан баран, тугу мээнэ таайыахпытый” – диэбит. Дьэ, бу эрэллээх кытаанах уонна сөптөөх эппиэт дии саныыбын.
Вася бэйэтэ итинник боппуруостарга миэхэ бу курдук туох баарынан эппиэттиир: “Кырдьык, ханнык саллаат генерал буолуон баҕарбат буолуой? Ол курдук, биһиги эмиэ успуорт үөһүгэр сылдьар дьон, успуорт саамай кытаанах уонна эппиэттээх кыайыыларын санныбытыгар уйан илдьэ сылдьар дьон, успуорка Олимпиада саамай үрдүк чыпчаал буоларын эппитинэн-хааммытынан уонна өйбүтүнэн барытын билэр уонна өйдүүр этибит. Кыттыбытым буоллар хайыам этэй диэн боппуруостар инчэҕэй эппэр, санаабар куруук киирэн кэлэллэр. Хайыамый, кыттыбатах буолан баран? Бэйэбин бэйэм уоскутунабын. Ол аата, үөһэттэн аналым итинник эбит буоллаҕа. Чахчы да оннук эбит!”.
Онон убаастыыр убайбыт журналист Баһылай Посельскай эппитигэр дылы, биһиги уолбут Василий Гоголев “Баата биэрбэтэх чулуу бөҕөс” диэбитэ, чахчы да оннук курдук буолан тахсар.
1989 сыл – РСФСР чемпионата (Махачкала), бастакы миэстэ.
1990 сыл – РСФСР чемпионата (Владикавказ), бастакы миэстэ.
1991 сыл – РСФСР чемпионата (Дьокуускай), бастакы миэстэ.
1992 сыл – СНГ бастакы чемпионта (Москва), иккис миэстэ.
1996 сыл – Европа чемпионата (Венгрия, Будапешт), ахсыс миэстэ.
Василий Николаевич Гоголев – РСФСР биэс төгүллээх чөмпүйүөнэ, ССРС Сэбилэниилээх күүстэрин күрэхтэһиилэрин икки төгүллээх кыайыылааҕа уонна биир төгүллээх боруонса призёра, ССРС үс төгүллээх чөмпүйүөнэ уонна үс төгүллээх призёра, Европа чемпионатын икки төгүллээх чөмпүйүөнэ уонна үрүҥ көмүс призёра, Аан дойду түһүлгэтин боруонса призёра, ССРС, Европа, Аан дойду кубоктарын кыайыылааҕа, “Үтүө Дьулуур оонньууларын” чөмпүйүөнэ, “Гран-при ФИЛА” чөмпүйүөнэ, Аан дойдутааҕы норуоттарын икки ардыларынааҕы турнирдар элбэх төгүл кыайыылааҕа, СНГ бастакы күрэхтэһиитин иккис миэстэлээх призёра, ССРС успуордун үтүөлээх маастара.
Бу маннык улахан таһымнаах ситиһиилэр көбүөргэ мээнэ кэлбэттэрэ чахчы, элбэх хара көлөһүн, хорсун-хоодуот санаа, уһулуччулаах талаан уонна күүстээх эрчилии түмүгэр кэлэллэрэ биллэр дьыала.
Кини курдук төрөөбүт, улааппыт, тустуук буолбут Сахатын сириттэн итинник улахан түһүлгэлэргэ үрдүк ситиһиилээх тустуук өссө баара буолуо дуо? Мин саарбахтыыбын.
Василий Гоголев Сахатын сириттэн тахсыбыт чулуу бөҕөс буоларын элбэх аатырбыт тустууктарбыт бары билинэллэр уонна ол иһин кинини улаханнык сыаналыыллар, ытыктыыллар. Кини буолар, олоҕун тухары Дмитрий Петрович Коркиҥҥа саамай чугас сылдьан иитиллэн, уһаарыллан уонна Саха сирин алмааһыныы кырыыланан чочуллан тахсыбыт, Саха сирин биир бастыҥ хатыламмат буочардаах чулуу бөҕөһө.
Ону таһынан, Василий Николаевич күн бүгүнүгэр диэри тустууга туох баар билиитин, сыратын барытын кэлэр кэнэҕиски көлүөнэҕэ толору аныыр эрэллээх наставник аналлаах буолан, үлэлии-тиргиллэ сылдьара көрүөххэ да олус астык.
Василий Николаевич Гоголев Сахабыт сиригэр тустуу сайдыытыгар сүҥкэн оруоллаах уонна улахан өҥөлөөх киһинэн биллэрэ саарбаҕа суох. Онон кини көбүөргэ араас улахан түһүлгэлэргэ чаҕылхай кыайыылара уонна олоҕор улахан ситиһиилэрэ сөпкө сыаналанан Сахабыт сирин салалтатын аатыттан куруук бэлиэтэнэ туруо диэн биһиги эрэллээхпит.
Мин убайбын билиэхпиттэн ыла араас элбэх түгэннэргэ бииргэ сылдьан, элбэхтэ көрсөммүн, кини булка сыһыанын, “Байанайа” барахсан куруук мүчүк гынан баайыттан күндүлүүрүн, дьиэтигэр-уотугар кыһамньылааҕын, олус ыраас чэбир туттунуулааҕын, тутууга, окко-маска олус сыстыгаһын, аймахтарыгар кыһамньылааҕын, хотуттан-соҕурууттан кэлбит доҕотторун-табаарыстарын куруук үөрэ-көтө, толору астаах остуоллаах көрсөрүн бэлиэтии көрөммүн, олус диэн астынабын уонна бу маннык убайдаахпынан дьон ортотугар куруук киэн тутта сылдьыам диэн бар дьоммор эрэннэрэбин.
Василий Николаевич Гоголев билигин да былаана элбэх, инники өттүн бэркэ диэн ыраҥалаан көрөр уонна санаатын түһэрбэккэ иннин диэки күүскэ хардыылаан иһэр.
Дмитрий ЕГОРОВ, Чурапчытааҕы интэринээт-оскуола выпускнига, Д.П. Коркин үөрэнээччитэ, тустуу туһунан кинигэлэр ааптардара.
Дьокуускай, атырдьах ыйа, 2023 сыл.