Аан дойдутааҕы кылаастаах ССРС спордун маастара
Миша кыра эрдэҕиттэн Мэҥэ Алдан күөллэригэр – Өксүүкэйгэ, Оһохтооххо хоккейдыыр, хаҥкылыыр эбит. Оҕолор бэйэлэрэ баҕа өттүнэн муустарын күрдьэн, хаарын сиппийэн каток оҥостоллор. Таһырдьа оонньоон-көрүлээн, сүүрэн-көтөн, сибиэһэй салгыны эҕирийэн этин-хаанын эрчийбит. Мэҥэ Алдаҥҥа кыһыҥҥы дьарык баара туһалаабыт.
Михаил Егорович Протопоповы оҕо эрдэҕинэ физкультура учуутала Мекюрдянов Егор Семёнович бастакынан спорт эйгэтигэр уһуйбут. Мэҥэ Алдан бастакы көлүөнэ спортсменнарын иитэн-такайан таһаарбыт: Петр Саввины, Прокопий Андросовы, Игорь Кривошапкины, Константин Борисовы, Михаил Протопоповы. Онтон Комиссаров Юрий Николаевич тустуу секциятын арыйар. Юрий Николаевич – сылгыһыт. Сылгыларын көрөн баран, киэһэтин оҕолору тустууга эрчийэр энтузиаст тренер. Ол сылдьан Михаил Егорович Николай Тарскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи тустуу күрэхтэһиитигэр чөмпүйүөн буолар. Михаил Егорович ити курдук бастакы хардыыларын Мэҥэ Алдантан саҕалаан, Чурапчы спорт оскуолатыгар салгыы үөрэнэ барар. Кини саха аатын киэҥ араҥаҕа таһаарбыт, биллиилээх тренер Дмитрий Петрович Коркиҥҥа дьарыктанар.
– Дмитрий Петрович атын тренердэртэн уратыта диэн – күҥҥэ үстэ дьарыктыыра. Ол саҕана ханнык да тренер оннук дьарыктаабат этэ. Кини бастакынан ити сүүрээни олоххо киллэрбитэ. Аан дойду араас муннугуттан журналистар, репортёрдар кини дьарыгын билэ-көрө кэлэллэрэ. Санатан аастахха, кини үс саха олимпийскай чөмпүйүөнүн таһаарбыт тренер буолар. Онтон Иванов Александр Николаевичка дьарыктаммытым. Кини Монреаль куоракка ыытыллыбыт Олимпиадаҕа иккис миэстэлээх. Кини миигин подсечка, мельница о.д.а приёмнарга үөрэппитэ. Онон киниэхэ дьарыктаммыт чиэстээхпин.
Оскуоланы бүтэрбиппэр Мэҥэ Алдаҥҥа Аммосов Михаил Дмитриевич миигин ДЮСШ-ҕа тренеринэн ылар. Онно үлэлээн баран аармыйаҕа СКА-ҕа Чита куоракка сулууспалыы барабын. Ол сулууспалыы сылдьан Дьокуускай куоракка перекомандировкаҕа кэлэр этим. Монголия уонна Саха АССР икки ардыларыгар буолбут матчка 62 киилэҕэ Монголия күүстээх тустууктарын кыайбытым. Онтон «Росспартак» тустуу күрэхтэһиитигэр бастакы, иккис миэстэ буолбутум. Онно Дагестан, Москва, Оренбург, Чита, Санкт-Петербург, Осетия о.д.а. сиртэн араас тустууктар кыттыбыттара. Россия Кубогар 1997 сыллаахха Красноярскай куоракка чемпионнаабытым. Тбилиси куоракка Аан дойдутааҕы турнирга бэһис миэстэ буолан турардаахпын. Бу манна Америка, Турция, Болгария, Сэбиэскэй Сойуус уо.д.а. дойду аатырбыт бөҕөстөрө мустан күөн көрсүбүппүт. ССРС–АХШ 1989 сыллаах матчка чемпионнаабытым. Монголияҕа Аан дойдутааҕы турнирга 62 киилэҕэ иккис миэстэ, Венгрияҕа Аан дойдутааҕы турнирга эмиэ 62 киилэҕэ чемпионнаабытым. Сойуус сборнай хамаандатыгар киирбитим уонна 1989 сыллаахха Толедо куоракка Аан дойдутааҕы кубокка Джон Смиттыын (Америка тустууга, Олимпиада 2 төгүллээх чемпиона, Аан дойду 4 төгүллээх кыһыл көмүс мэтээллээх чемпиона), кинилиин хабыр хапсыһыыга илиибин улаханнык өлөрбүтүм.
Ити курдук, 1989 сыллаахха Аан дойдутааҕы спорт маастарын аатын биэрбиттэрэ. Илиим ыарыытын мүлүрүтэ түһэн баран, Улан-Удэ куоракка Сэбиэскэй Сойуус чемпионатыгар кыттаммын бэһис миэстэ буолбутум. Сэбиэскэй Сойууска Аан дойдутааҕы спорт маастарын бүтэһик ылбыт киһинэн буолабын. Тоҕо диэтэххэ, Сойуус ыһыллар, атын ааттанар. Тустуу карьератын бүтэрэн баран УОР-га, ШВСМ-га, Мэҥэ Алдан ДЮСШ-гар тренердаабытым.
Бастаан Мэҥэ Алдан ДЮСШ-гар тренердиирбэр 20-чэ оҕо дьарыктанара. Олортон, холобур, үчүгэй результаты көрдөрөн эрэр оҕолортон Яковлев Ярослав, Колодезников Евгений, Адамчик Владислав, Кривошапкин Юрий бааллар. Оҕолору кыра эрдэхтэн дьарыктыыр буоллахха (оҕо үлэһит, күүстээх, имигэс, толкуйдуур, анализтыыр, интеллектуальнай) дьоҕурун сайыннардахха, эрчийдэххэ үлэ түмүгэ көстөр. Ити барыта уһун дьаныардаах үлэттэн, дьарыктанар баҕаттан, дисциплинаттэн тахсар. Спорт диэн «сила есть – ума не надо» диэн буолбатах. Итини кытта олох сөпсөспөппүн. Ханнык баҕар спорка өй үлэтэ улахан суолталаах. Толкуйдаан киирсэҕин.
Мин санаабар, тренер диэн үлэлиэн баҕалаах, үлэтин иһин-таһын билэр, сөбүлээн, талан ылбыт идэтин өрө тутар киһи буолуохтаах. Спорду таптааҥ, спордунан дьарыктаныҥ!
Екатерина ГРИГОРЬЕВА-Айгылаана.
Томпо.