Сонуннар

Уһулуччулаах тренер, Хаҥалас маастардарыттан биир бастыҥнара

Мин Василий Иннокентьевиһы кытта 1993 сыл күһүнүгэр билсибитим. Ол сыл улахан уолбут Коля улахан тургутууну ааһан, Дьокуускай куоракка 1992 сыллаахха аһыллыбыт Саха национальнай гимназиятыгар чуут-чаат хабыллан, 1-кы “а” кылааска үөрэнэ киирбитэ.

Биһиги дьолбутугар кини, билигин РФ үтүөлээх учуутала, “Норуот билиниитин ылбыт 10 учуутал” кинигэ дьоруойа, «Айыы кыһата» национальнай оскуоланы тэрийэн, дириэктэрдиир Лидия Петровна Шамаева салайар кылааһыгар түбэспитэ. Учууталбыт оҕо кыра сааһыттан төрөөбүт тылынан үөрэнэн, сахалыы кута-сүрэ, өйө-санаата, айылгыта кэһиллибэккэ  билиитэ-көрүүтэ хаҥыырыгар, араас дьоҕура сайдарыгар бары күүһүн уурара.

Кини кылааһын оҕолоро В.И. Кононов салайыытынан нуучча дуобатынан дьарыктаналларын көҕүлээбитэ. Ити курдук, Саха сиригэр дуобат спорда сайдарыгар олоҕун анаабыт талааннаах тренери, үтүө киһини кытта өр сыллаах алтыһыым саҕаламмыта.

Кини Хаҥалас улууһун Бөртө нэһилиэгэр 1948 сыллаахха элбэх оҕолоох Куонаанаптар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Тыа сирин сэмэй уолчаана оскуолаҕа 8-с кылааска үөрэнэ сылдьан дуобат оонньуутун сөбүлээн, ол кэмҥэ бэрт сэдэх дуобат кинигэлэрин булан, хомуйан, эрчийэр тренерэ суох бэйэтин сүрэҕин баҕатынан, дьарыктанан киирэн барбыта  кытаанах санаалааҕын, дьаныардааҕын көрдөрөр.

Орто оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн баран аармыйаҕа сулууспалаан дойдуга ытык иэһин төлөөн кэлбитэ уонна СГУ историко-филологическай факультетыгар историяны үөрэтэр салааҕа үөрэнэ киирбитэ. Баардаах баардааҕа батарбакка, университекка үөрэнэ сылдьан аатырбыт дуобат маастара Николай Саввинов тэрийбит куруһуогар утумнаахтык дьарыктаммыта. Сыралаах дьарык түмүгэ сыыйа-баайа биллэн барбыта. Ол курдук, 1974 сыллаахха Доннааҕы Ростов куоракка “Спартак” обществотын күрэхтэһиитигэр спорт маастарыгар кандидат нуорматын толорбута.

Университеты бүтэрэн баран икки сыл Чокурдаахха идэтинэн учууталлаабыта. Оттон киин сиргэ эргиллэн кэлэн, дуобатынан дьэ олохтоохтук дьарыктанан барбыта. 1977-1988 сс. “Спартак” общество уобаластааҕы сэбиэтин тэрийэр салаатыгар общество оройуоннардааҕы салааларын үлэлэрин сүрүннүүр специалиһынан үлэлээбитэ.

Бу сылларга өрөспүүбүлүкэ күүстээх дуобаччыттарын ахсааныгар киирбитэ, бииртэн биир үрдүк ситиһиилэр кэлэн испиттэрэ: 1978 сыллаахха Саха АССР чемпионун аатын сүкпүтэ, 1980 сыллаахха ССРС спордун маастара буолбута, 1981 сыллаахха “Спартак” общество Бүтүн Союзтааҕы күрэхтэһиитигэр үһүс призердаабыта, өрөспүүбүлүкэ “Спартагар” үстэ бастаабыта, 1984, 1986, 1988 сс. Бүтүн Союзтааҕы “Харьков сааһа” дуобат фестивалын кыайыылааҕа буолуталаабыта.

1980-с сыллар ортолоруттан 1993 сылга диэри Саха сирин дуобатын Федерациятын председателинэн үлэлээбитэ. Дуобакка ыытыллар бары күрэхтэһиилэр: профсоюзтар спартакиадалара, оҕолор, улахан дьон, бэтэрээннэр, инбэлииттэр күрэхтэһиилэрэ кини быһаччы тэрийиитинэн, салайыытынан ыытыллаллара. Сүүһүнэн эдэр ыччат, тыһыынчанан оҕо бу сылларга дуобат эйгэтигэр тардыллыбыта, соҕурууттан дуобат улахан теоретиктара А.Кандауров, А.Шварцман, Л.Чубаров, Ю.Павлов ыҥырыллан кэлэн кинилэри дьарыктаабыттара. Анал идэлээх тренердэр таһынан элбэх энтузиаст тренердэр улуус аайы куруһуоктары тэрийэн үлэлэппиттэрэ.

Дуобат – өрөспүүбүлүкэҕэ көҥүл тустуу кэнниттэн спорт иккис көрүҥэ буолбута, оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо Россия, Европа, аан дойду таһымыгар үрдүк ситиһиилэр кэлиилэригэр дьоһун олук оҥоһуллубута.

1987 с. ыла В.И. Кононов Дьокуускай куорат 2-с нүөмэрдээх оскуолатыгар тренердиир үлэтин саҕалаабыта. Ол үлэтэ үрдүк түмүктэрдээх буолбута, Василий Иннокентьевич тренерскэй талаана чаҕылхайдык арыллыбыта. Бастакы көлүөнэ үөрэнээччилэриттэн Никитин Бэргэн, Борисов Петя, Попов Павел, Макаров Ваня, Семенова Алина, Попова Света курдук күүстээх дуобат спордун кандидаттарын бэлэмнээбитэ. Бу оҕолор Россия үөрэнээччилэрин хамаанданан күрэхтэһиилэригэр 1993 сыллаахха иккис миэстэни ылбыттара, эһиилигэр Россияҕа бастаабыттара, онон дойду чиэһин аан дойду чемпионатыгар көмүскээн иккис миэстэлэммиттэрэ. Василий Иннокентьевич 1995 сыллааҕы үлэтин түмүгүнэн “Сыл чулуу тренерэ” үрдүк ааты сүкпүтэ.

2006 с. Чемпионнар баалларыгар.

В.И. Кононов иккис көлүөнэ үөрэнээччилэрэ: Петров Рома, Хараев Коля, Стручков Коля, Стручков Герман, Петров Гоша, Шеломов Ганя, Налыяхов Ньургун, Куличкин Вася, Гермогенов Коля, Ермолаева Яна, Яковлева Айта, Аржакова Сардаана өссө үрдүк ситиһиилэммиттэрэ. Кинилэртэн нуучча дуобатыгар 4 төгүллээх аан дойду (2006, 2007, 2013, 2014 сс.),  Европа (2016), Россия (2013, 2022), Саха сирэ (2023) чемпионнара аан дойдутааҕы гроссмейстер Николай Стручков, аан дойдутааҕы Интеллиада (2012) үрүҥ көмүс призера, Россия 100 харахтаах дуобакка (2014) эр дьоҥҥо, Саха сирэ 4 төгүллээх (2017, 2018, 2019, 2021) чемпионнара, аан дойдутааҕы гроссмейстер Николай Гермогенов, аан дойду (2004), Европа (2003) 100 харахтаах дуобакка кадеттарга үрүҥ көмүс призера, Россия юниордарга чемпиона (2007), 2004 сыллаахха 16 сааһыгар 64 уонна 100 харахтаах дуобакка өрөспүүбүлүкэҕэ эр дьоҥҥо уонна уолаттарга чемпионнаабыт спорт маастара Герман Стручков иитиллэн тахсыбыттара.

Билигин үһүс көлүөнэ дуобаччыттар: Пермяков Андрей, Пермяков Ян, Карамзин Ваня, Гаврильев Илья, Тимофеев Айаар, Трофимов Витя, Яковлев Эргис, Гаврилов Андрей, Григорьева Катя, Скрябина Ангелина, Петрова Полина син балачча үрдүк ситиһиилэннилэр. Кинилэртэн өрөспүүбүлүкэ, Россия, Европа, Азия, аан дойду мини-кадеттарга, кадеттарга түһүлгэлэрин чемпионнара, призердара таҕыстылар. 2017 с. Россия үөрэнээччилэрин хамаанданан күрэхтэһиилэригэр бастаабыттара, 2018 с. боруонса мэтээлгэ тиксибиттэрэ.

Василий Иннокентьевич таптыыр дуобатыгар оонньуурун билигин да тохтоппот, ветераннар турнирдарыгар куруук кыттар, үксүгэр миэстэлэһэр. 70 сааһын туолан баран, 2018 с. Болгария Кранево куоратыгар 15 дойдуттан кэлбит ветераннар аан дойдутааҕы турнирдарыгар кыттан күүстээх аан дойдутааҕы гроссмейстердар Молдоваттан Ион Доска, Израилтан Юрий Кириллов кэннилэриттэн үһүс миэстэҕэ тахсан сөхтөрбүтэ да, үөрдүбүтэ да.

В.И. Кононов өссө биир талааннаах үөрэнээччитэ, доҕоро, инбэлииттэргэ дуобакка аан дойду чемпиона, Россияҕа элбэхтэ бастаабыт П.П. Ушницкай Саха сириттэн онус киһинэн гроссмейстер үрдүк аатын ылары ситиспитэ. Кини эрчийэр оҕолоро бэрт кылгас кэм иһигэр инбэлиит оҕолорго Россия, аан дойду чемпионнара уонна призердара буолан, Петр Петрович тренер үлэтигэр чахчы дьоҕурдааҕын көрдөрдүлэр. Аҕыйах хонуктааҕыта, ыам ыйын 19-31 күннэригэр Турцияҕа доруобуйаларыгар хааччахтаах спортсменнар 100 харахтаах дуобакка 5-с Аан дойдутааҕы чемпионаттарыгар кини үөрэнээччитэ Александр Ефимов сүрүн оонньууга эр дьоҥҥо чемпионнаан, Россия гроссмейстера нуорматын толордо.

Василий Иннокентьевич, үөрэнээччилэрин  эрэ буолбакка, кинини кытта бэрт кылгас да кэмҥэ алтыспыт дьону көнө сүрүннээҕинэн, куруук кырдьыгы өрө тутарынан, дьиҥ сахалыы үтүө майгытынан, эдэрдэргэ мэлдьи сүбэ-ама, көмө оҥорорго бэлэминэн дьону-сэргэни бэйэтигэр тардар, дириҥ ытыктабылы үөскэтэр дьикти айылгылаах. Кини сүбэтинэн, көмөтүнэн үгүс эдэр ыччат Дьокуускай куорат араас үөрэҕин кыһаларыгар үөрэнэн, туһалаах идэлэри баһылаан, олохторун суолун оҥостубуттара элбэх. Кини дьарыктаабыт оҕолорун, кинилэр төрөппүттэрин кытта сибээһин хаһан да быспат, куруук билсэ-көрсө сылдьар.

В.И. Кононовка дьарыктана сылдьыбыт оҕолор билигин үксүлэрэ киэҥ билиилээх-көрүүлээх, кыайыгас-хотугас үлэһит дьон, дьоһун-мааны ыаллар аҕалара-ийэлэрэ буоллулар, кинилэр тренердэригэр махталлара муҥура суох. Былырыын бэс ыйын 22 күнүгэр Саха сирин телевидениетыгар “Тэтим чааһа” биэриигэ үөрэнээччилэрэ өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр тэрилтэлэр дьоһун үлэһиттэрэ Борисов Петр, Попов Павел, гроссмейстердар Ушницкай Петр, Стручков Николай – Василий Иннокентьевич пенсияҕа тахсарынан итии-истиҥ махтал тылларын эппиттэрэ. Макаров Иван, Ермолаева Яна видеосибээһинэн эҕэрдэлээбиттэрэ.

В.И. Кононов эйэлээх дьиэ-кэргэн амарах аҕата, тапталлаах эһээтэ. Кэргэнэ Полина Петровна СГУ физико-математическай факультетын бүтэрэн баран идэтинэн учууталлаабыта. Онтон сааһыран баран кэргэнин өйүүр сыаллаах Дьокуускай куорат оҕолору сайыннарар киинигэр дуобат куруһуогун салайан ыыппыта. Билигин сиэннэрин бүөбэйдээн пенсияҕа олорор. Кыыстара Надя ХИФУ психологическай факультетын бүтэрбитэ, идэтинэн үөрэх эйгэтигэр үлэлиир. Кэргэннээх, икки кыыс оҕолоох.

Саха Республикатын үтүөлээх тренерэ, “Саҥа көлүөнэ” спорт программатын благотворительнай Фондатын 2009 сыллааҕы лауреата, олоҕун Саха сиригэр дуобат спорда сайдарыгар анаабыт спорт маастара В.И. Кононов от ыйын 15 күнүгэр өрөгөйдөөх 75 сааһын томточчу туолар.

Ытыктабыллаах Василий Иннокентьевиһы үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибит, саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны, дьиэ кэргэнигэр дьолу-соргуну баҕарабыт.

Дуобат спордун сүгүрүйээччилэрэ талааннаах тренер В.И. Кононов Саха сиригэр дуобат чэчирии сайдарыгар, аан дойду таһымыгар эрэллээхтик тахсыытыгар уһулуччулаах кылаата сиэрдээхтик сыаналанар кэмэ кэллэ дии саныыбыт. СӨ спорка министерствота, дуобат Федерацията В.И. Кононовка “Российскай Федерация үтүөлээх тренерин” аатын иҥэрэргэ РФ туһааннаах тэрилтэлэригэр сытыытык, дьулуурдаахтык туруорсуохтара диэн эрэнэбит.

Константин СТРУЧКОВ.

Дьокуускай.

 

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253193
Бүгүн : 51