Сонуннар

Павел Пинигин түһүлгэтин сорох түмүктэрэ

Дьэ, маннык уһуннук, алта күн устата ыытыллыбыт тустуу күрэхтэһиитигэр өссө сылдьа илик курдукпун. Самаан сайыммыт куйаас күннэрэ сатыылаан турдахтарына, «Өрөгөй» Спорка бэлэмнэнии киинигэр тэлгэммит көбүөрдэр итии хобордооҕу санаттылар.  

Хоһуйан эттэххэ, көбүөргэ үктэммиттэр, түһүлгэ сыралҕаныттан, санааҕа өссө сыыдамсыйбыт курдуктар, эбэтэр, ыраастык барымаары (итии көбүөргэ көхсүлэрин сиэтимээри) күөгүгэ иҥнибит балык курдук араастаан хамсанан төлө куоталларын элбэхтэ көрүөххэ сөп.

Ити курдук, үс бастакы күн 16-гар диэри саастаахтарга Бүтүн Россиятааҕы аһаҕас, онтон салгыы үс кэнники күн 18-гар диэри саастыылаахтарга норуоттар икки ардыларынааҕы турнирдар буоллулар. Тас дойдуттан – Монголия, Казахстан, Кыргызстан, Беларусь, Таджикистан биирдиилээн бөҕөстөрө кытыннылар. Итини тэҥэ Россия 9 регионуттан кыттааччылар күүстэрин холостулар. Тэрийээччилэр этэллэринэн, ити икки күрэхтэһиигэ барыта 900-чэкэ эдэр спортсмен кытынна.

Күрэхтэһии үрдүк таһымнаахтык тэриллэн ыытыллыытын, түһүлгэ сүрүн спонсора – «Саха сирин тимир суоллара» тэрилтэ, СР физическэй культураҕа уонна спорка министиэристибэтэ, «Өрөгөй» Спорка бэлэмнэнии киинэ, СР спортивнай тустууга федерацията кыайа-хото тутан ыыппыттарын бэлиэтиир тоҕоостоох.

Бүтүн Россиятааҕы аһаҕас турнир – 17 ыйааһыҥҥа ыытылынна. Онуоха Саха сирин оҕолоро 6 ыйааһыҥҥа бастаатылар. Бу саастаахтарга тувиннар үчүгэй көрдөрүүлэннилэр – биэс ыйааһыҥҥа кыайдылар. Ингушетия, Таджикистан, Амурскай уобалас хамаандалара – биирдии чемпионнаахтар.

Оттон норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга – 12 ыйааһыҥҥа күүстээхтэр быһаарылыннылар. Манна биһиги уолаттарбыт 3 кыһыл көмүс мэтээллээхтэр. Эрдэттэн сэрэйиллибитин курдук, 18-гар диэри саастаахтарга Россия сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэннэрэ чаҕылхай тустууну көрдөрөн, 5 ыйааһыҥҥа тэҥнээхтэрин булбакка, этэргэ дылы, хаардыы хаамтылар. Бу да сырыыга тувиннар 2 чемпионнанан, эриэ-дэхси көрдөрүүлэннилэр. Итини тэҥэ Забайкальскай кыраай уонна Крым – 1-дии кыттааччылара бастаатылар.

Онон икки күрэхтэһии түмүгүнэн Саха сирэ – 9 кыһыл көмүс, 21 үрүҥ көмүс уонна 40 боруонса мэтээли ылары ситистэ. Ордук үчүгэй көрдөрүүнү Сунтаар, Чурапчы, Дьокуускай (ДЮСШ-3), Ньурба, Бүлүү тустууга кыһалара ситистилэр. Биирдиилээн оҕолортон Антон Голиков, Уйусхан Халгаев, Алексей Фокинов, Артур Макаров, Максим Григорьев, Сергей Некрасов уо.д.а. инникитин өссө дьаныһан туран дьарыктаннахтарына, бэйэлэригэр сыал-сорук туруордахтарына кэскиллээхтэр эбит диэн көрдүм. Ол барыта тренердэртэн, кинилэр хайдах көрөн-истэн таһааралларыттан эмиэ тутулуктаах.

Үгэс быһыытынан түһүлгэ түмүгүнэн бастыҥнарга анал бириистэр туттарылыннылар. Ол курдук, 35 киилэҕэ иккистээбит Руслан Шарапов (Бурятия) – Чурапчы улууһун Дириҥ орто оскуолата (дириэктэр Игнатьев Михаил Спиридонович) олохтообут «Кыайыыга дьулуурун иһин»; 24 кг ыйааһыҥҥа финалга тустубут Айаар Неустроев (Дьокуускай) уонна Руслан Афанасьев (Хаҥалас) – «Прогресс» тэрилтэ (дириэктэр Алексей Семенович Пинигин) анаабыт «Бастыҥ хапсыһыы иһин»; 66 кыттааччы күөн көрсүбүт 35 кг ыйааһыныгар бастаабыт Эсентур Суранов (Кыргызстан) – Чурапчы улууһун «Түһүлгэ бастыҥ бөҕөһө» бириистэрин хаһаайыннарынан буоллулар. Турнир бастыҥ судьуйатынан Петр Николаевич Сидоров (Сунтаар) ааттанна…

PS: Түһүлгэ түмүк көрдөрүүлэрин, чемпионнар уонна призердар хаартыскаларын, интервьюлары, билиҥҥитэ 10 матырыйаалы dzulurgan.ru сайтка уонна “Дьулурҕан” хаһыат ютуб каналыгар https://www.youtube.com/@Dzulurgan/featured таһаарыллыбыт 32 видеоны (барыллааһын уонна финальнай хапсыһыылары, турнир үөрүүлээх аһыллыытын түгэннэрин) ааҕыаххытын, көрүөххүтүн сөп.

Петр ПАВЛОВ.

Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.    

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252718
Бүгүн : 190