Хабылык, хаамыска оонньуута XVI Олонхо ыһыаҕар
Быйыл Ытык Өймөкөөн улууһугар Томторго ХVI төгүлүн ыытыллар Олонхо ыһыаҕар былыргылыы хабылыкка, хаамыскаҕа күрэхтэһии буолан ааста.
Биһиги сахалыы оонньууларбыт хабылык, хаамыска түҥ былыргы оонньуу буоларын дакаастабыла олоҥхоҕо ахтыллыыта буолар. П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта кыыс бухатыыр» олоҥхотугар бухатыыр кыыс аҥардас күүһэ-уоҕа буолбакка, кини кыра эрдэҕиттэн сытыыта-хотуута «хабылыктыы оонньоотоҕуна хапсаҕайа биллэрэ» диэн этиллибитэ баар. Үйэттэн үйэҕэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн, оонньууларбыт сүппэккэ, симэлийбэккэ, улуус-улуус аайы ураты албастар туттуллан, норуот биир саамай таптыыр оонньуута буолан тарҕаммыта оруннаах.
А.С. Федоров «Төрүт оонньуулар» кинигэтигэр суруйбут быраабылатыгар тирэҕирэн былырыын XV Олонхо ооонньуутугар Үөһээ Бүлүүгэ аан бастаан маннык оонньуу ыытыллыбыта. Оонньуулар сыаллара – хабылык, хаамыска төрүт хайдах оонньоммуттарын сүтэрбэккэ норуокка, кэлэр көлүөнэҕэ киэҥник тарҕатыы уонна сайыннарыы.
Быйыл Олонхо ыһыаҕар бараары сылдьан, “Арчы” дьиэтигэр бу оонньуулар быраабылаларын суруйбут авторы, А.С. Федоровы кытта керсөн, оҕолор олбоххо олорон эрэн былыргылыы хабылыкка, хаамыскаҕа хайдах оонньуулларын көрдөрбүттэрэ. Афанасий Семенович оонньуулар төрүт хайдах оонньоммуттарын салгыырбытын, ынахтыы ааҕыы уратыбыт буоларын бэлиэтээбитэ. Өссө “суору”, “атыыры”, “табаны” тутан ыллахтарына саҥа таһааран үтүктэр этилэр диир.
Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар Мирнэй, Дьокуускай куораттарыттан, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Мэҥэ Ханалас, Томпо, Таатта, Өймөкөөн улуустарыттан 15 киһи оонньоото. Оонньуубут оҕо түһүлгэтигэр ыытылынна. Олохтоохтор талах олоппоһугар, анал олбоххо, сахалыы остуолларга тиийэ бэлэмнээбиттэр. 2005 сыллаах төрүөхтэн ыла дьахталларга, эр дьоҥҥо кыайыылаахтары быһааарар күрэхпитигэр 6 дьахтар, 9 эр киһи кыттыыны ыллылар. Балар истэригэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин остуол оонньууларыгар спордун маастардара Николаева Г.В., Захаров А.А., Попов В.Д., Васильев Н.П., Дмитриев А.И., Ляшеев М.А., Өймекөөнтөн Россия, Саха сирин хотугу многоборьеҕа спордун маастара Софронов Г.Н., Үөһээ Бүлүүттэн буулдьанан ытыыга спорт маастара Яковлева Т.Н. кытыннылар. Ыраах айан диэбэккэ, бу эдэр ыччаты кытта тэҥҥэ оонньоотулар аҕам саастаах ытыктыыр дьоммут Иванов Г.Г. Бүлүүттэн, Дегтярева К.Н. Дьокуускайтан.
Дьахталларга кыайыылааҕынан таҕыста, Павлова Надежда (Үөһээ Бүлүү), иккис миэстэни ылла Захарова Мария (Мирнэй к.), үһүс миэстэҕэ тигистэ Николаева Галина (Бүлүү). Эр дьоҥҥо кытаанах киирсии буолла. Манна хабылыкка боһомону хабыыга мөккүөр тахса сырытта. Ол түмүгэр ырытыһыы, сүбэлэһии кэнниттэн кыайыылаахтар маннык буоллулар: 1 м – Захаров Андрей (Бүлүү), 2 м – Васильев Николай (Мэҥэ Хаҥалас), 3 м – Попов Владислав (Мэҥэ Хаҥалас). Кыайыылаахтар бары Өймөкөөн улууһа олохтообут анал бириистэринэн наҕараадаланнылар. Ол курдук, бастакы миэстэ иһин – 30.000 с., иккис миэстэ иһин – 20.000 с., үһүс миэстэ иһин – 10.000 с. ылар чиэскэ тигистилэр.
Былыргылыы хабылык, хаамыска сана оонньонон эрэринэн, курэхтэһии быраабылатын өссө чочуйарга, уларытыылары киллэрэргэ сорук турда. Бүлүүттэн сылдьар ветераннарга Сахаада спордун маастара Иванов Г.Г., Үөһээ Бүлүүттэн Яковлева Т.Н.: “Бу оонньуу дьиҥэ наһаа интэриэһинэй, дьон сэҥээрэр, быраабылатын чопчулаан элбэх күрэхтэри тэрийиэххэ, тарҕатыахх наада”, – диэн бэлиэтээтилэр.
Надежда БЕЛОЛЮБСКАЯ, Манчаары Баһылай аатынан спорт төрүт көрүҥнэрин киинин тренерэ.