Бииргэ төрөөбүт Николаевтар ситиһиилэрэ
Буолан ааспыт, олимпийскай чемпион Павел Пинигин аатынан көҥүл тустууга Бүтүн Россиятааҕы уонна Норуоттар икки ардыларынааҕы турнирга биир дьиэ кэргэнтэн икки уол бастыҥнары чиэстээһиҥҥэ кыайыылаахтар үктэллэригэр тахсан, дьоһун мэтээллэринэн наҕараадаланнылар. Ол курдук, Ньурба тустууга кыһатын иитиллээччилэрэ Юрий Николаев 75 кг чемпионнаата, кини убайа Михаил Николаев 110 киилэҕэ үһүс буолла.
Биһиги кинилэр ийэлэрин көрсөн аҕыйах ыйытыыга хоруйдууругар көрдөстүбүт.
-Мин Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгиттэн сылдьабын, Татьяна Гаврильевна Сымытова диэммин. Икки уолбун кытта бу Павел Пинигин турнирыгар кэлэн алта күн устата сылдьаммын, кыра уолум чемпионнаата, онтон улахан уолум боруонсабай призёрунан буолла.
Дьиэ кэргэммин билиһиннэрдэххэ, кэргэним билигин СВО-ҕа сылдьар, иккис барааһына. Контрага бүттэҕинэ, балаҕан ыйыгар кэлиэхтээх. Этэҥҥэ эрэ сырыттыннар! Бу, уолаттарбыт ситиһиилэрэ барыта аҕабытыгар Николай Михайловичка ананар. Икки уоллаахпыт, улахаммыт тохсуһу бүтэрэр, кырабыт алтыс кылааска таҕыста.
Дьиэ кэргэнинэн саамай тустууну өрө тутабыт. Ол курдук, уолаттарбытын кыраларыттан тустууга биэрэммит, онно эрчийтэрэммит, саастыылаахтарын кытта тэҥҥэ сылдьаллар, этэргэ дылы, оҕону өйөөтөххүнэ, кини дьоҕура сайдар, ситиһиилэнэр диэхпин баҕарабын.
Түгэнинэн туһанан, улахан махталбытын уолаттарым тренердэригэр Роман Гаврильевич Окоемовка тиэрдэбин. Кини баар буолан, элбэх чемпионнары, призёрдары иитэн таһааран, сыралаах үлэтэ сыаналарыгар баҕарабын.
Бу иннинэ уолаттарым «Боотурдар оонньууларыгар» ситиһиилээхтик кыттыбыттара. Улахан уол былырыын Пинигин күрэхтэһиитигэр эмиэ миэстэлэспитэ. Итини тэҥэ уолаттарым – Василий Гоголев, Дмитрий Данилов ааттарынан тустууларга эмиэ призердаабыттара, чемпионнаабыттара.
-Өссө төгүл эҕэрдэ! Эһиги дьиэ кэргэҥҥит олоҕор үөрүүлээх түгэннэр, ситиһиилэр өрүү кэлэ турдуннар.
Петр Павлов.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ.