Тренер уонна кини иитиллээччилэрин ситиһиилэрэ
Бэс ыйын 3-4 күннэригэр Москваҕа, Чертаново СК пауэрлифтиҥҥэ Аан дойду Кубогар (IPC/IPC-A/WAA) күрэхтэһии буолла. Билэргит курдук, бу спортивнай комплекска аатырбыт фехтование спортивнай оскуолата баар, Софья Великая мантан тахсыбыта, элбэх олимпийскай чемпионнар үөрэммиттэрэ-дьарыктаммыттара.
Бу күрэхтэһиигэ Дьокуускай куорат 1-кы нүөмэрдээх спортивнай оскуолатын иитиллээччилэрэ, мадьыны уолаттар Попов Вася (2008 с.т.) – 52 кг, Егоров Айсен (2008 с.т.) – 67,5 кг становай тягаҕа кыттан кыайдылар, итинэн кинилэр улахан дьон 1-кы разрядын толордулар. Вася – 115 кг, Айсен – 145 кг тартылар.
Кинилэр тренердэрэ, мас-рестлиҥҥэ спорт маастара Копырин Иван бэтэрээннэргэ (55-59 саастаахтарга) становай тягаҕа 190 кг уонна армлифтиҥҥа, “аполлон аксель” диэн көрүҥҥэ 110 кг тардан, кыайыыны сурунна.
Тренери уонна кини иитиллээччилэрин кыайыыларынан эҕэрдэлиибит! Спордунан дьарыктанан, эргиччи сайдыылаах буолалларыгар баҕарабыт.
“Дьулурҕан”.