«Сыалы-соругу табан туруорарга аҕам-ийэм оруоллара улахан»
Тоҥтон толлубат, тымныыттан чаҕыйбат, тостубат санаалаах эр бэртэриттэн бэйэтигэр ханыылаах, хаанынан тардыһыылаах, санаатынан далаһалаах, ис-тас туруктуун, быһыылыын-таһаалыын, көстөр көрүҥнүүн бииргэбит ээ диир көлүөнэ дьон ситимэ тахсаллар.
Көҥүл, хаҥыл тыынын хаайбакка, ол эрээри, бас-баттах барбакка өйдөөн-дьүүллээн хоһууну хоргустан арааран, сөптөөҕү сыыһаны ырытан, кэдэргини көннөрөн, толору дьоллоох олоҕу тутарбытыгар аҕа суолтата сүдү улахан.
Эдэр спортсмен Айтал Санников буһар-хатар, кыайыыны уһансар, ситиһиитин ситимниир. Бу бэрт соторутааҕыта Саҥа дьыл кэнниттэн эдэр спортсмен – Айтал Санников туһунан билиһиннэрэн турабыт. Онно суруллубут күрэх кэннэ өрөспүүбүлүкэ сүүмэрдэммит хамаандатыгар киирэн Дальней Востокка бастыыр иһин күрэхтэһиигэ үрдүк көрдөрүүлээхтик кыттан кэлбитэ.
Ол туһунан быһа тардан кэпсээтэххэ маннык буолла. Кулун тутар 27-тэн муус устар 2-гэр диэри Владивосток куоракка 15-16 саастаах уолаттарга Дальневосточнай Федеральнай уокурук боксаҕа күрэхтэһиитэ буолан ааста. Манна Айтал өрөспүүбүлүкэҕэ быйылгы 2023 сылга кыайыылааҕынан эмискэ, соһуччу, түгэн көмөтүнэн буолбатаҕын – чаҕылхайдык уонна эрэллээхтик дакаастаата. Ол курдук, Хатастан республика сборнай хамаандатыгар киирэн ДВФО боксаҕа күрэҕэр 70 киилэҕэ кыттан, 3-с миэстэни ылары ситистэ. Айтал финал төрдүс аҥаарыгар Забайкальскай кыраай 2021, 2022, 2023 сс. кыайыылааҕын, былырыыҥҥы Дальнай Восток чемпиона Кирилл Егоровы кыайан полуфиналга тахсыбыта. Онтон полуфиналга Камчатскай кыраай 2021, 2022, 2023 сс. кыайыылааҕа Дмитрий Шевчукка хоттордо уонна боруонса мэтээли ылла. Ити курдук эдэр спортсмен дьулуурун-тулуурун көмөтүнэн кыайыы үөрүүтүн да, хотторуу да хомолтотун уйарга үөрэнэр, буһар-хатар, иннин диэки хардыылыыр. Бу кэннэ муус устар ый 19-22 күннэригэр Дьокуускай куорат боксаҕа кыайыылааҕа буолан, оҕолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи Спартакиадаҕа кыттар быраабы ылар.
Уонна бу бэс ыйын саҥатыгар СӨ «Спортивные якутяне» диэн ааттаах Сахабыт сирин киэҥ киэлитин бары муннугуттан кэлбит, мустубут оҕолор спартакиадаларыгар эрэллээхтик бастаата.
Дьэ көрөрбүт курдук биир сыл иһигэр бу оҕо өйө-санаата, этэ-хаана төһөлөөҕү уйда, дууһатын, сүрэҕин нөҥүө атаарбытын… Бу иннигэр үксүн төрөппүттэрин, чуолаан аҕатын кытта алтыспыт буоллахпына, бу сырыыга Айталы бэйэтин кытта кэпсэттим. Киһим бэйэтин саастыылаахтарыттан ураты туруктаах, дьоһун буолан биэрдэ. Эмиэ да оҕо-оҕо курдук эйэҕэс-сайаҕас, аһаҕас, эмиэ да улахан киһилии боччумнаах, ис туруктаах, кыайа-хото тутар эйгэлээх уонна … бөлөсүөпүйэлээх. Тоҕотун, ханныгын, силиһин-мутугун токоолоһон билэрэ, киһини утары көрөн олорон сүрдээх үчүгэйдик толору эппиэттээн кэпсэтэн кини да, мин да хайдах эрэ ис испититтэн биир долгуҥҥа киирдибит.
Айтал – үс оҕолоох ыал улахан оҕото. Быраата Айаал аҕыс саастаах, кырачаан балта Айаана иккилээх, дьиэ киһитэ. Кэпсэтиибит маннык буолла:
– Айтал, спорка хайдах кэлбиккиний, туохтан саҕаламмытай?
– Бастатан туран, биһиги дьиэ-кэргэммит олоҕун ийэлээх-аҕам сүбэлэһэн, былааннаан олоробут диэн этиэм этэ. Спорка кэлиибэр аҕам, аҕам өттүбүнэн аймахтарым-убайдарым оруоллара улахан. 6-с кылааска сырыттахпына аҕам сүбэлээбитэ – «Бэйэтин кыанар, сыалы-соругу табан туруорунар киһи хаһан баҕарар ситиһиилэрдээх, түмүктэрдээх буолар. Оннук буола улаатарга спорт суолтата улахан. Спордунан дьарыктан» диэн. Бастаан – аҕам сүбэтинэн скакалкалаан саҕалаабытым. Сотору соҕус өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабытым.
Онтон тутум эргиир тэрилин дьонум Оҕо көмүскэлин күнүгэр бэлэхтээбиттэрэ. Бастаан хайдах, туох хамсаныы наадатын соччо билбэт этим. Ютубка видеоҕа көрбүппүнэн саҕалаабыппыт, онтон ону видеоҕа устан ыыттахпына убайдарым сүбэлииллэр этэ. Хааччах кэмэ буолан, улахан күрэхтэһиилэр эҥин суохтар этэ, ол да буоллар интернет нөҥүө күрэх буоларын истэн сайаапка биэрэн кыттыбытым. Ол кэмҥэ соҕуруу атын куоракка сылдьар этибит, инньэ гынан ол тутум эргиирим аллараа маһын икки өттүттэн тутар скотчунан туттарбыппыт. Мин уочаратым кэлбитигэр оҥорон саҕалаабытым. Уонна биир мүнүүтэҕэ 30-тан таһаарбытым кэннэ, аллараа маһым скотча муостаттан хоҥнон кэлэн, тохтоотоҕум дии. Ону тэрийээччилэр биир чаас иһинэн саҥаттан оҥор диэбиттэрин, иккистээн оҥорорбор сылайбытым таайан, 45 эргиири оҥорон өрөспүүбүлүкэҕэ бэһис миэстэ буолбутум. Дьиҥэ, мин тус рекордум 58 эргиир этэ. Онтон ол күрэххэ 54-тэ эргийбит оҕо бастаабыта.
– Ээ, дьэ дьоһун кыайыылардаах эбиккин. Мин көрдөхпүнэ бу дьарыктарыҥ бу билигин умсугуйан туран дьарыктанар боксаҕа кэлиигэр акылаат буолбут эбит. Оннук дуо?
– Оннук. Тренерим элбэх чөмпүйүөнү, үчүгэй спортсменнары иитэн таһаарбыт, СӨ үтүөлээх тренерэ Валь Михаил Георгиевич. Бастаан барарбар аҕабынаан барбыппыт, болдьообут чааһыгар долгуйа-долгуйа тиийбитим. Кэпсэппитэ уонна хаалларбыта. Үөрбүтүм аҕай. Дьонум мин дьарыкпын өйөөннөр, куоракка көһөн киирбиппит. Барыта ситиһии, кыайыы туһугар диэн оҥороллорун иһин мин эмиэ түһүнэн кэбиһэр буоллаҕым дии… (истиҥ мичээр сэбэрэтин сырдатар).
– Түһүнэн кэбиһэбин диэни хайдах өйдүүгүнүй?
– Ол аата, дьарык кэннэ хайаан да хаалан эбии сүүрэбин, эбэтэр ол күн туох табыллыбатаҕын дуу, бэйэм санаалаах хамсаныыларбын дуу чочуйабын. Хата миигин кытта хаалар икки-үс табаарыстардаахпын.
– Дьэ эрэ, итиччэтигэр биир күнү хайдах атаараргын кэпсээ эрэ.
– 7 чааска турабын, аһаан-сиэн, хомунан 8 чаастан үөрэнэбин. Икки, икки аҥаар диэки үөрэнэн бүтэбин. Онтон дьиэбэр кэлэммин аһаатым, хомуннум даҕаны дьарыкпар барабын. Дьарык бүппүтүн кэннэ хаала түһэн, эбии дьарык баар буолар.
– Онтон уруокпут? Дьоҥҥор көмөбүт эҥин диэҥҥэ бириэмэ баар дуо?
– (сонно тута хоруйдуур) Баар бөҕө буоллаҕа. Михаил Георгиевич олох барыта бокс буолбатах, онон син биир киһи сатыырын барытын сатыахтааххыт диэн куруутун этэр. Ол иһин балтылаах бырааппар уонна бэйэбэр (күлэр) аһы астыахпын сөп – ордук сөбүлээн пельмени ыһаарылыыбын, бырааттаах балтым сакааһынан блины оҥорооччубун, миин буһарааччыбын. Кыһын дьиэбитигэр Хатаска сынньалаҥ күннэргэ кэлэн хаар күрдьэбит, муус киллэрэбит, күһүн, саас, сайын ол кэмнээҕи хаһаайыстыба үлэлэрин аҕабыныын оҥоробут. Үөрэ-көтө оҥордоххо киһи сылайбат, салгыбат. Хатастааҕы дьиэбин ордоробун, хайдах эрэ салгынныын атын.
Уруокпун мунньубакка сонно тута оҥорон, бүтэрэн иһэрбин сөбүлүүбүн. 9-с кылааһы үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрдим, үһүм суох. Ону таһынан табаарыстарым, доҕотторум курдук интернети хасыһан ылыахпын сөп, араас бырагыраамалары туттаммын дьиэ-кэргэммит олоҕун, доҕотторбун кытта сылдьарбын о.д.а. араас видеолары, кыра тэттик устуулары оҥоруохпун эҥин сөп.
– Иллэҥ кэмнээххин дуо, уонна баар буоллаҕына, ол кэмҥэ тугунан дьарыктанаҕыный?
– Эппитим курдук, тренерим да этэринэн, төрөппүттэрим да сүбэлииллэринэн олоҕум барыта бокс буолбатах, ол иһин иллэҥ кэммэр киинэҕэ сылдьабыт, айылҕаҕа тахсабыт, дьиэ-кэргэнинэн бары билисипиэттиибит, бырааппынаан, балтыбынаан оҥостон-оҥостон, бэлэмнэнэн-бэлэмнэнэн дьиэбитигэр олорон дьиэтээҕи кинотеатрбытын аһабыт (күлэр).
– Айылҕаҕа сылдьабын диэтиҥ дии. Онно тугу гынаҕын?
– Балыктыырбын сөбүлүүбүн. Бастакы хаптарбыт балыкпын олох субу сибилигин курдук өйдүүбүн. (хараҕа уоттана түстэ). Арай хапта диэн биллим, оргууй-оргууй состум… таһаарбытым баара – сордоҥ! Долгуйбутум аҕай. Ол күн хас да сордоҥу уонна араас кыра балыктары туттарбыппытын сонно тута мииннээн, соркуойдаан сиэбиппит. Наһаа минньигэс этэ.
– Айылҕа диэбиккэ дылы, өссө ыккын күрэхтэһиннэрэн эмиэ ситиһиилэрдээххин дии.
– Ээ, ол «Бэлэх» диэн ытым. Күһүн куоракка көстөхпүтүнэ кэлэрбитин күүтэр аҕай. Кэллэхпитинэ үөрүү-көтүү, эккэлээһин бөҕө буолар. Билигин санаатахха пандемия кэмигэр дэлби күрэхтэһэн, онон-манан дьарыктанан наһаа мумматах-тэммэтэх, олохтон хаалбатах эбиппит. Күрэхтэһииилэр бөҕөнү ааһан, өйүм-санаам бөҕөргөөбүт, эт-хаан да өттүнэн сайдыы барбыт.
«Бэлэх» ааттыын «Бэлэх» диэн, тоҕо диэтэххэ кинини миэхэ бэлэхтээбиттэрэ. Кини билигин үһэ. «Бэлэҕи» эрчийэрбэр бэйэм эмиэ сүүрэбин-көтөбүн, саҥаны, урут билбэтэхпин билэбин эбит. Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Лайки Якутии” быыстапкаҕа “Бэлэхпинээн” 2021 с. төрдүс, 2022 с. иккис миэстэ буолуталаабыппыт. Быйыл дьэ бастыахпыт диэн бэлэмнэммиппит да, өрөспүүбүлүкэҕэ ыттарга бруцеллез диэн ыарыы туран, күрэхпитин тохтоппуттара.
Ити курдук бу этэҥҥэ сылдьыыны, кыайыылар-хотуулар, ситиһиилэр кэлбиттэрин оҕо өттүттэн иһиттибит, аны аҕа өттүттэн истиэхпин баҕаран Любомир Петрович Санниковы, Айтал аҕатын кытта сибээскэ таҕыстым.
– Үтүө күнүнэн! Оҕолорбут олохтоох толкуйдаах, баары-суоҕу билэр-сыаналыыр буола улааталларыгар кэргэмминээн Екатерина Васильевналыын биир сүбэнэн олорорбут көмөлөһөр дии саныыбын. Биллэн туран бу күн – бүгүн оччо үчүгэй, бачча үчүгэй диир эрдэ… Ол эрээри, бииртэн үөрэбит – оҕобут сөбүлүүр, умсугуйар эйгэтин таба тайаннахпыт дии. Спорка кэлиибит этэргэ дылы, билиҥҥи олоххо ыал аайы баар балаһыанньаттан саҕаламмыта – этиргэн көрүҥтэн, этиргэн диэн өссө сымнатыы буолуо, өссө чуолкайдаан эттэххэ, ордук ыйааһынтан.
Спорт туһунан боппуруос туруоран баран, маҥнайгы мэһэйбит ыйааһын диэммит саамай тоҕоостоох көрүҥ сүүрүү буоларын быһыытынан бары дьиэ-кэргэнинэн сүүрэн саҕалаатыбыт. Бары биир кэмҥэ туран, таҥнан итии буоллун, тымныы буоллун сүүрэ тахсыыбыт эмиэ дьиэ-кэргэн эйгэтэ туруктаах буоларыгар төһүү күүс дии саныыбын. Уолбут сыыйа умсугуйан, тартаран туран дьарыктанар турукка киирбитин кэннэ салгыы кыайыылар, ситиһиилэр туһугар туһуламмыт хамсааһыннары оҥорон – усулуобуйа олохтоон тренажердары атыылаһан, куоракка көһөн киириигэ тиийэ быһаарынан, билигин бары биир долгуҥҥа сылдьабыт.
Ол эрэн, биири тоһоҕолоон бэлиэтээн этиэхпин баҕарабын – олох хайа баҕарар хайысхатыгар аһара баран хаалбакка, олох бары үтүөтүн билэ-көрө сылдьарга бириэмэни сатаан аттарыы, сыалы-соругу туруорунуу оруола олус улахан. Наар спордунан баран хааллахха, спорт үйэтэ кылгас, ол кэннэ атынынан дьарыктаныахха, идэни булуохха диэтэххэ ыарахаттар үөскүөхтэрин сөп. Аны оҕону арыыйда борбуйун көтөхпүтүн кэннэ спорка сыһыарыахха сөп диэн толкуйдуубун, манна эт-хаан өттүнэн уопсай сайдыыны буолбакка, чуолаан спорка сыһыарыыга диэн этэбин.
Дьэ ити курдук дьиэ-кэргэн бары биир долгуҥҥа киирэн сырыттаҕына ситиһии ситимнээх буоларын оҕону уонна аҕаны кытта сэһэргэһэн баран дьиҥ чахчы итэҕэйдим.
Наталья РУФОВА. Хатас.