Сонуннар

Куонкурус кыайыылааҕа – Анастасия Алексеева

Дьэ, өр күүппүт күрэхтэһиибит – Россия көҥүл тустууга чемпионата ыытыллан түмүктэннэ. Бары ыйааһыннарга кыайыылаахтар быһаарылыннылар. «Дьулурҕан» тэрийбит куонкурсугар эмиэ кыайыылаах билиннэ.

Санатан эттэххэ, куонкуруска – спорка, чуолаан тустууга бэриниилээх “ыалдьааччылар”, барыта 27 киһи кыттан, бэйэтин билиитин тургутан көрдө. Кинилэргэ барыларыгар өссө төгүл улахан Махтал!

Түмүккэ кыайыылааҕынан 6 очукуону ылбыт Анастасия Алексеева таҕыста. Кини – 57, 61, 65, 70, 74, 79 кг ыйааһыннарга кимнээх чемпионнуулларын сөпкө таайбыт. Анастасия куонкуруска хара бастакыттан чорбойон тахсыбыта уонна ол көрдөрүүтүн бүтэһиккэ диэри чиҥэттэ.

Лариса Евсеева эмиэ алта очукуону ылла эрээри, куонкурус балаһыанньатыгар олоҕуран (кэнники ыыппытынан)… хомойуох иһин бастаабат.

Оттон Василий Алексеев, Айсен Молуков, Герман Шкулев, Надежда Васильева, Валерий Ефремов, Евгений Дьячковскай, Алексей Бережнев 5-тии очукуону хомуйан, куһаҕана суох көрдөрүүлэннилэр. Ааттаммыт дьон бары биир таһымнаахтар диэххэ сөп, маннык түгэҥҥэ барыта кыраттан тутулуктаах. Холобур, эрдэ эппиппит курдук, үгүс киһи 74 киилэҕэ Заурбек Сидаков чемпионнуо диэбитэ – киһилэрэ кыттыбата. Итиэннэ хомойуох иһин, куонкурус иккис ыйытыга туолбата, биир дойдулаахтарбытыттан эр дьоҥҥо ким даҕаны бириистээх миэстэҕэ киирбэтэ.

PS: Хас биирдии киһи куонкурус хоруйдарын сайтка киирэн – бэйэтэ көрүөн, ааҕыан, түмүк оҥостуон уонна куонкурус түмүгүнэн санаатын суруйуон сөп.

Оттон биһиги кыайыылаах Анастасия Алексееваны эҕэрдэлиибит! Киниэхэ бу күннэргэ, «Первый борцовский» сурунаал редактора Иван Барашков «Бриллианты борцовского ковра» диэн саҥа тахсыбыт кинигэтэ бириис быһыытынан туттарыллыа. Үгэс быһыытынан, кыайыылааҕы сайтпытыгар билиһиннэриэхпит, кинини кытта сэһэргэһиини таһаарыахпыт.

Атыттар санааҕытын түһэрбэккитигэр баҕарабыт. Аны, балаҕан ыйыгар ыытыллар көҥүл тустууга аан дойду чемпионатыгар тэриллэр куонкуруска көхтөөхтүк кыттаргытын күүтэбит. Онно билиҥҥиттэн бэлэмнэнэ сылдьыаххытын сөп. «Дьулурҕан» ыйытыга уларыйбат.

«Дьулурҕан».

 

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253184
Бүгүн : 42