Каспийскай-2023: Лилиана Рожина – үһүс призёр
Дагестаҥҥа ыытыллыбыт көҥүл тустуга Россия дьахталларга уонна эр дьоҥҥо чемпионатын бүтэһик күнүгэр Саха сирин хамаандата өссө биир мэтээллэннэ.
Ол, чемпионат боруонса мэтээлин Усуйаанаттан төрүттээх Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищетын иитиллээччитэ, 18 саастаах Лилиана Рожина (тренердэрэ К.К. Колодезников, Н.Н. Рожин, А.А. Давыдов) аҕалла.
Кини 72 киилэҕэ бастаан В.Тохтоеваҕа (Иркутскай) хотторон кэбиспитэ. Хата, утарсааччыта атын тустууларга эмиэ кыайыыны ситиһэн, финалга тахсыбыта. Онон, Лилиана «уоскутар» бөлөххө киирэн маҥнай Л.Шаманованы (Дагестан) сүрдээх хатыһыылаах киирсиигэ 2:1 ахсаанынан хоппута. Оттон үһүс бириистээх миэстэни ким ыларын быһаарсар тустууга А.Махмудяны (Рязань) 7:3 ахсаанынан эрэллээхтик кыайан, пьедестал үһүс үктэлигэр тахсан боруонса мэтээлинэн наҕараадаланна.
Лилиананы уонна кини тренердэрин бу көрдөрүүнэн эҕэрдэлиибит!
Онон, Каспийскайга түмүктэммит Россия чемпионатыттан Саха сирэ икки мэтээллэннэ. Иккиэн – боруонса, иккиэн – дьахталлар тустууларыттан: Севиль Назарова уонна Лилиана Рожина.
Чемпионат түмүктэннэ, ол эрээри, чемпионаты сырдатыы салҕанан барар. Биһиги dzulurgan.ru сайтпытын кэтии сылдьыҥ.
«Дьулурҕан».