Сонуннар

Каспийскай-2023: Чемпионат үһүс күнүгэр…

Бүгүн, бэс ыйын 22 күнүгэр Россия көҥүл тустууга чемпионата – 61 уонна 74 кг ыйааһыннарга «уоскутар» бөлөх хапсыһыыларынан саҕаланар. Итиэннэ 86 уонна 92 киилэлэргэ кыттааччылар күрэхтэһиини саҕалыыллар.

Биһигиттэн 92 киилэҕэ хамаанда хапытаана Ньургун Сергин тустар. Кини бастакы утарсааччытынан чечен Х.Анзоров буолуоҕа. Оттон бу ыйааһыҥҥа иккис киһибит Никита Софронов – финал 16/1-гэр Умаров (Дагестан) – Пшеничников (Кемерово) пааратын кыайыылаҕын кытта тустуоҕа. 86 киилэҕэ кыттааччыбыт суох.

Бүгүн бырагыраама быһыытынан 61 уонна 74 кг ыйааһыннарга финаллар ыытыллаллар. Чемпионаты үөрүүлээх аһыы кэнниттэн, биһиги бириэмэбитинэн 02:00 чаастан. Хомойуох иһин, бэҕэһээ кыттыбыт уолаттарбыт (61, 74 кг) бары биирдии-иккилии эрэ эргиир тустан хааллылар. Ол оннугар дьахталлар тустууларыгар Севиль Назарова (57 кг) – биирдэ кыайан, биирдэ хотторон, бүгүн чемпионат боруонса мэтээлин иһин Мария Бузарованы (Москва) кытта киирсиэҕэ.

Саамай эрэммит ыйааһыннарбытыгар кыттыы мөлтөх диэн малтаччы этиэххэ наада. Ол эрэн билигин түмүк таһаарар эрдэ. Чемпионат салҕанар…

PS: Чемпионат биирдиилээн тустууларын видеотын Дьулур5ҕан хаһыат ютуб каналыгар көрүөххүтүн сөп.

Бүгүн финалга киирсиэхтэрэ:

61 кг: Муслим Мехтиханов – Абасгаджи Магомедов (иккиэн – Дагестан)

74 кг: Тимур Бижоев (КБР) – Чермен Валиев (Хотугу Осетия).

Бастакы финаллар түмүктэрэ:

57 кг: 1. Заур Угуев (Дагестан), 2. Артем Гобаев (Москва), 3. Начын Монгуш (Тыва), Рамиз Гамзатов (Ставропольскай кыраай).

65 кг: 1. Шамиль Мамедов (Москва), 2. Ибрагим Ибрагимов (Дагестан), 3. Джамбулат Кизинов (ХМАО-Югра), Гаджимурад Омаров (Дагестан).

70 кг: 1. Евгений Жербаев (Бурятия), 2. Иналбек Шериев (Москва), 3. Курбан Шираев, Азнаур Таваев (иккиэн – Дагестан).

Россия чемпионатын кыайыылаахтарыгар наҕараадалара:

Ыйааһыннар кыайыылаахтара 250 тыһ. солк харчынан наҕараадаланаллар. Итини тэҥэ 70 кг чемпионнаабыт Евгений Жербаев – UFC чемпиона Хабиб Нурмагомедовтан 5 тыһ. долларынан бириэмийэлэннэ.

Ити курдук, иккис миэстэлээхтэр – 150-нии тыһ. солк., үһүс буолбуттар – 100-түү тыһ. солк харчынан наҕараадаланаллар. Оттон кыайыылааҕы бэлэмнээбит тренер 150 тыө. Солк. бириэмийэлэнэр.

Бүгүн күрэхтэһии син биир, Дьокуускай бириэмэтинэн киэһэ 17:00 чаастан саҕаланар.

“Дьулурҕан”.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

252739
Бүгүн : 211