«Баҕарах бөҕөстөрө» күрэх бастыҥнары ааттаата
Ыһыахпыт биир киэн тутта кэпсиир кэтэһиилээх, күүтүүлээх тэрээһинэ «Баҕарах бөҕөстөрө» диэн күрэхтэһиитэ буолар. Аһыныгас санаалаах Айыы дьонун, көмүскэстээх санаалаах Күн дьонун Хатас дьонун-сэргэтин, удьуордарын утумун утаҕын куоттарбаттыы туппут, дууһатын долгуппут, нохтолоох тойон сүрэҕи өрө мөҕүһүннэрбит, хайҕахтаах хара быары дьалкытар «Баҕарах бөҕөстөрө» күрэхпитин бу да сырыыга ыыттыбыт.
Уу дьулайынан оттоох олбоххо да буолбатар оройунан охсуллан окко түспүт уол оҕото, биир күн үрүҥ буолан ат уорҕатыгар, биир күн мэһэйи-моһолу көрсөн ат өрөҕөтүгэр буолан сиһин этэ ситтэ, буутун этэ буста, холун этэ хойунна, олох долгуннарыгар оҕустарбакка, очуру-чочуру туораан Дьөһөгөй айыы алгыһынан эр хоһуун туругурар тоҕооһо тосхойдо!
Ыра санаа курдук ыраас, баҕа санаа курдук барҕа сыаллаах соруктаах Ыһыахпыт үгэс буолбут күрэҕин сэҥээрээччилэр, кэрэхсээччилэр кэлэн анал олбохторго, ыскамыайкаларга тобус толору олороллоро тэрийээччилэри да, кыттааччылары да үөрдүөн үөртэ. Күүс холоно, өй-санаа бөҕөргөтө, туруктарын тургута кэлбит бөҕөстөр барыта бэйэбит оҕолорбут, били этэргэ дылы, бэрт соторутааҕыта остуол анныгар сылдьыбыт уолаттарбыт буһан-хатан иннибитигэр кэлэн турунан кэбиспиттэригэр бары да долгуйан ыллыбыт. Кинилэр кимнээхтэрий?
Андреев Дьулустаан, Габышев Ренат, Кожин Михаил, Корякин Алексей, Корякин Владислав, Николаев Айлан, Попов Эдуард, Степанов Иван.
Күрэхпит сэттэ түһүмэхтээх, дьиҥ чахчы тиритиилээх-хорутуулаах, хайҕахтаах хара быар хамсааһыннаах, сүрэх өрүкүйүүлээх, өй-санаа оонньооһуннаах, ис-тас турук алтыһыылаах. Бастакы көрүҥ – Үс төгүл үс. Манна атах оонньуутун үс көрүҥүн холбоон кылыйан иһэн буурдааһаннаах, буурдаан иһэн ыстаҥалааһыннаах буолан, сүрдээх уустук көрүҥ. Уопуттаах, элбэх дьарыктаах Иван Степанов иннин кимиэхэ да биэрбэтэ, иккис Айлан Николаев, үһүс Корякин Алексей буолла.
Тутум эргиир туһугар бэйэтэ туспа эйгэлээх, сатабылы, имигэс буолууну, иҥиири-былчыҥы таба тутан күүрдүүнү, холкутатыыны эрэйэр. Ол оннугар бу көрүҥү баһылаатаххына илиини-атаҕы баҕараргынан хамсатан, уунаҥнатан, сискин бөҕөргөтөн имигэстэн имигэс буолаҕын. Манна Иван Степанов бастаата, Корякин Владислав иккистээтэ, Кожин Михаил үһүстээтэ.
Күрэхпит тыҥааһыннаах, өй-санаа күүрээһиннээх, кыах-күүс тургутуулаах көрүҥэ мас тардыһыыта буолар. Манна даҕатан эттэххэ, бу уолаттар баһыйар үгүс өттүлэрэ спорт араас көрүҥнэриттэн бу көрүҥү ордорон анаан-минээн дьарыктаналлар. Онон хас биирдии киирсии көрөөччү болҕомтотун тарта.
Күрэх биир саамай ыһыылаах-хаһыылаах, дибдигирээһиннээх, ойон туруулаах киирсиитин Иван Степанов, Корякин Владислав көрдөрдүлэр. Манна ордук чуолаан Владиславы бэлиэтиэҕи баҕарыллар. Ааттаах-суоллаах, кыахтаах, нууччатытан эттэххэ, титулованнай мадьыныттан саллыбакка, бастыҥҥын ээ диэн баттапакка,чулуугун ээ диэн чугуруйбакка баарынан-суоҕунан түһүннэ. Бу көрүҥҥэ күүтүллүбүтүн курдук, Иван тэҥнээҕин булбата, иккис Корякин Владислав, үһүс Николаев Айлан буолла. Ааттыын халбас харата хапсаҕайга сыыһа-халты хамсатан сири-буору булларыылар бааллара көрөөччүлэри долгутта, үөртэ, этэргэ дылы бүргэс үрдүгэр олорто. Манна ыччаттарга көҥүл тустууга Россияҕа төрдүс миэстэлээх Эдуард Попов тэҥнээҕин булбата. 2-с, 3-с миэстэлэргэ Айлан Николаев, Иван Степанов таҕыстылар.
Ол кэнниттэн кус быһый уолаттарбыт сүүрэн элээрдэн кэллилэр. Манна Иван Степанов ким да тилэҕин көрбөтө, иккис Айлан Николаев, үһүс Алексей Корякин буоллулар.
Күрэхтэһиибитин таас көтөҕүүтүнэн түмүктээтилэр. Тааһы көтөҕүүгэ уолаттарбыт айылҕа күүһүн иҥэриммит, бэйэтэ туспа майгылаах-сигилилээх тааһы кытта бэйэлэрэ билэллэринэн, хайдах ылыналларынан үөһээ айыылартан көрдөстүлэр, тааһы кытта алтыстылар. Бу түгэн саха хас биирдии киһитигэр айылҕаны тыыннааҕымсытыы, баарын чуолкайдык көрдүбүт. Онтон айылҕаны кытта чугас киһи хаһан баҕарар аһыныгас, көмүскэс, мындыр буолар. Ол аата, айылҕа оскуолата биэрбитинэн бас баттах барыы, халы-мааргы майгы, оруо-маһы ортотунан буолуу суох. Тааһы көтөҕүүгэ Николаев Айлан бастаата, иккис Корякин Владислав, үһүс Иван Степанов буоллулар.
Дьэ онон уопсай түмүккэ көрөрбүт курдук Иван Степанов былырыыҥҥы кыайыыта мээнэҕэ буолбатаҕын толору дакаастаата. Иккис миэстэ Николаев Айлан таҕыста, кини былырыын 4-с миэстэ эбит буоллаҕына, түмүгүн лаппа тупсарда, үһүс миэстэҕэ 2023 сыл ыһыаҕын «Баҕарах бөҕөстөрүн» биир чаҕылхай кыттааччыта Корякин Владислав таҕыста!
Уолаттар бары өттүк харалаах, илии тутуурдаах баралларыгар спонсордарбыт көмөлөрө төһүү күүс буолла. Кожин Михаил Алексей Дмитриевич Осиповтан перфоратор, Андреев Дьулус Тимур Ташпулатовтан үнүстүрүмүөн наборун, Попов Эдуард «Аргыс-строй» ХЭХ (салайааччы Кириллин Димир Дмитриевич) палатканы, Габышев Ренат эмиэ бу тэрилтэттэн пылесоһу, Корякин Алексей Тимур Ташпулатовтан бензининэн үлэлиир эрбиини туттулар.
Онтон үс иһигэр киирбиттэр үһүөн даҕаны ботуччу бириискэ тигистилэр. Владислав Корякин «Гедеон» ХЭХ (салайааччы Бурцев Антон Валерьевич) 30000 солкуобайдаах сертификаты, Айлан Николаев – Павлов Александр Михайловичтан 40000 солкуобайдаах сертификаты уонна АГАТУ ректора Федоров В.И. чороону туттулар. Күрэх муҥутуур кыайыылааҕа Иван Степанов – Хатас сылгыһыттарыттан убаһаны уонна «РОСАВТОПРОКАТ» тэрилтэттэн (салайааччы Керегяев Геннадий Леонидович) телевизор туттулар.
Манна сыһыаран, 2015 сылтан саҕалаан быһа тардан кэпсиир буоллахха, Егор Оконешников үс төгүл, Григорий Евсеев икки төгүл кыайыылааҕынан тахсыбыттара. 2020-2021 сылларга биллэр биричиинэнэн бу күрэхтэһии ыытыллыбатаҕа. Бу сыллар тухары солбуллубат судьуйалар – Баишев Анатолий Михайлович, Окороков Михаил Спартакович, Игнатьев Семен Семенович күн бэҕэһээ даҕаны үлэлээтилэр. Кэккэ сылларга Саввин Андрей, Анатолий Ларионов, Алексей Осипов уо.д.а. үлэлэспиттэрэ. Уолаттары бу эппиэтинэстээх күрэххэ тиһигин быспакка бэлэмнээбит Евсеев Григорий Филипповичка бары махтанныбыт. Анатолий Михайлович сүрдээх чуолкай, эппиэтинэстээх кылаабынай судьуйа буолан, мөккүөрдээх түгэни хаһан даҕаны таһаарбатынан көрөөччү убаастабылын ылыан ылар. Ону бары да бу сүүрбэччэ сыллар тухары бэрт үчүгэйдик билэбит.
«Баҕарах бөҕөһө» күрэхтэһии бу курдук үрдүк таһымҥа барыытыгар өҥөлөөх дьоммутуттан ааттаталыыр буоллахха, бу барыта төрдө төбөтө мас тардыһыытыгар сытар диэн сыаналаан туран махтана, баһыыбалыы Кондратьев Руслан Николаевиһы, Гоголев Евгений Егоровиһы, Мордовской Михаил Васильевиһы хайаан да ахтабыт-саныыбыт. Мас тардыһыыта күүскэ сайдыбыт нэһилиэктэр ахсааннарыгар баарбытынан киэн туттабыт.
Наталья РУФОВА.
Хатас.