Арылхайдык аһан көрдөрбүт
Биир үтүө күн Эдьигээнтэн кыраайы үөрэтээччи, суруналыыс Мария Ивановна Шадрина телефоннаан, саҥа тахсар кинигэтигэр киирии тылы суруйарбар көрдөстө. Мария Ивановна улууһун историятын үөрэтэрин, олоххо буолан ааспыт түгэннэри-чахчылары чинчийэрин, ону бэчээккэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатарын, кэпсиирин билэбин.
Эдьигээн оройуонун историяҕа музейын старшай научнай сотруднигынан үлэлээбитэ. Кинини аан бастаан “Покоренный Олимп” диэн кинигэҕэ сахаттан бастакы олимпийскай чемпион Роман Михайлович Дмитриев ийэтин өттүттэн, Куонара Шадриннарын төрдүлэрин-уустарын туһунан суруйбутун бэркэ кэрэхсии ааҕан, ыраахтан ытыктыы санаабытым.
Онтон 2013 сыллаахха үлэбинэн Эдьигээҥҥэ тиийэ сылдьан, эрдэ билсэн, болдьоһон баран дьиэтигэр ыалдьыттаабытым. Кырдьык, айар үлэнэн дьарыктанар киһи эбитин өссө төгүл билбитим, итэҕэйбитим. Онно Мария Ивановна суруйууга-сырдатыыга элбэх былааннааҕын кэпсээбитэ. Роман Дмитриев туһунан кимнээх ахтыы, матырыйаал биэриэхтэрин сөбүн сүбэлээбитэ. Хас даҕаны сэдэх хаартысканы уларсыбыта. Ол көрсүһүүгэ биһиги хайдах эрэ уруккуттан үчүгэйдик билсэр дьон курдук сүрдээҕин тапсан, аһыллан өрүһүспүттүү сэргэхтик кэпсэппиппит. Дьиэтигэр үлэлиир хоһо бэйэтэ музей, архыып курдук этэ. Темаларынан араарыллыбыт элбэх паапкалардаах. Үгүс кинигэлээх. Саастаах киһи диэтэххэ, кимиэхэ да сэлээннээбэккэ, бэйэтэ ноутбукка тилигирэччи үлэлииринэн сөхтөрбүтэ. Аны бэйэтэ хоһоон суруйар эбит этэ…
Дьэ, онон Мария Ивановна көрдөһүүтүн быһа гыммакка, киниэхэ көмөлөһөргө, ыытар үлэтин өйүүргэ сананным. Итиэннэ маннык үчүгэй, спортсмен киһи туһунан кинигэҕэ киирии тылы суруйарга итэҕэйбитигэр, эрэммитигэр махтанабын уонна киэн тутта сананабын.
Бу сырыыга Мария Ивановна бэйэтин биир дойдулааҕа, пауэрлифтиҥҥэ аан дойду чемпиона Сергей Гаврильевич Никифоровы кинигэҕэ киллэрэн үйэтитэр. Кинигэ ис хоһоонун сыныйан көрдөххө, дириҥ өйдөбүллээх. Кинигэ геройун олоҕун барытын анал түһүмэхтэринэн саас-сааһынан аһан көрдөрбүт. Ол курдук, Сергей Гаврильевич төрүттэриттэн, оҕо сааһыттан саҕалаан сырдаппыт. Үлэһит, спортсмен, дьиэ кэргэн аҕа баһылыгын быһыытынан киэҥник аһан көрдөрбүт. Ону барытын элбэх ахтыыларынан, сэдэх хаартыскаларынан байытан, киэргэтэн, ситэрэн биэрбит. Быһата, таһымнаах ааптар буолан – талбыт киһитин, тематын арылхайдык аһан көрдөрбүт.
Биир кэрэхсээбитим диэн, бу, Сергей Гаврильевич Никифоров туһунан кинигэҕэ – Мария Ивановна – Эдьигээн оройуонугар, Саха сиригэр уонна аан дойдуга ыарахан атлетиканы спорт көрүҥүн быһыытынан сайдыытын, ситиһиитин киллэрбитэ буолар. Ити өттүнэн ылан көрдөххө, кинигэ бэйэтэ ыйынньык буолан тахсар.
Биир тылынан, кинигэ табыллыбыт. Ааҕааччы киэҥ биһирэбилин ылара саарбахтаммат.
Сергей Гаврильевич курдук сэмэй майгылаах, ситиһиилээх үлэлээх, чөл олохтоох, чэгиэн-чэбдик буоларга көҕүлүүр, бэйэтинэн холобур буолар дьон туһунан суруйуу-сырдатыы элбэҕэ суох. Эдэр көлүөнэ маннык дьону батыһарыгар, холобур оҥосторугар бэртээхэй таһаарыы буолбут диэн мэктиэлиибин. Маннык ис хоһоонноох суруйуулар, кинигэлэр элбии туралларыгар баҕарабын.
Оттон Мария Ивановнаҕа саха алмааһыныы кытаанах доруобуйаны! Этэргэ дылы, санаабытын салаллан, толкуйдаабытын тобуллан истин диибин. Итиэннэ өссө даҕаны үйэлээҕи, кэрэхсэбиллээҕи айа-тута сылдьаргар баҕарабын.
Петр ПАВЛОВ, “Дьулурҕан” спорка аналлаах сыһыарыы редактора, Россия Суруналыыстарын союһун чилиэнэ, Саха Республикатын Бэчээтин туйгуна.