Анастасия Алексеева: “Спорду дьиэ кэргэнинэн сэҥээрэбит”
Көҥүл тустууга Россия чемпионатыгар анаан олохсуйбут үгэс быһыытынан «Дьулурҕан» тустууну сэҥээрээччилэргэ куонкурус биллэрбитигэр, кыайыылааҕынан Анастасия Алексеева тахсыбытын туһунан иһитиннэрэн турабыт.
Бүгүн кини өрүс илин эҥэриттэн айаннаан кэлэн бирииһин – «Первый борцовский» сурунаал редактора Иван Барашков саҥа таһаарбыт «Бриллианты борцовского ковра» диэн кинигэтин тутта. Манна даҕатан эттэххэ, биһиги куонкуруспутугар бириис туруорбут Иван Ивановичка махталбытын тиэрдэбит.
-Анастасия, бастатан туран, эйигин конкурска кыайбыккынан эҕэрдэлиибит! Элбэх киһи соһуйар, куонкуруска кэрэ аҥар бастаата, чемпионакка кыргыттар эрэ миэстэлэстилэр диэн. Онон хайдах эрэ кырдьык, дьахталлар эрэ күрэхтэһиилэрин курдук буолла. Баһаалыста, бастатан туран, бэйэҕин билиһиннэр эрэ.
-Мин Мэҥэ Хаҥалас Майатыгар олоробун. Бэйэм социальнай управлениеҕа үлэлиибин. Кэргэннээхпин, оҕолоохпун. Оҕо эрдэхпиттэн спордунан дьарыктанабын. Ол курдук, оскуолаҕа сылдьан хайыһарга, чэпчэки атлетикаҕа уонна остуол тенниһигэр эрчиллэр, оройуон иһигэр күрэхтэһэр этим.
Онно уһуйбут киһибинэн, учууталбынан Дмитрий Васильевич Сыромятников – Кэрэһиннээх буолар. Биһигини оскуолаҕа кини сүрдээҕин дьарыктыыр этэ. Спорт историятын кэрэхсииргэ, чемпионнар олохторун билэргэ үөрэппитэ. Онтон сылтаан биһиги спорт бары көрүҥүн барытын билэ сатыырбыт. Түгэнинэн туһанан, учууталбар Дмитрий Васильевичка махтанабын.
Биһиги дьиэ кэргэнинэн спорду сэҥээрэбит. Ордук биатлону, хайыһары, футболу, хоккейы, тустууну, сахалыы көрүҥнэри барытын сөбүлээн кэтээн көрөбүт. Кыыспыт чэпчэки атлетиканан, волейболунан, баскетболунан дьарыктанар.
Мин тустууну уруккуттан интэриэһиргиибин. Куонкуруска кэргэмминээн кими таларбытын сүбэлэһэн, ырытыһан баран кыттыбытым. Манна уонна дойдубар буолар тустуу күрэхтэһиилэрин барытын кэриэтэ көтүппэккэ көрө сатыыбын. Куонкурус усулуобуйата сөп дии саныыбын. Ким бэйэтин эппиэтин урут ыыппыт кыайар.
Биһиги тустууктарбыт хайдах эрэ күүс-уох өттүнэн мөлтөхтөр диибин. Копыловтар Мэҥэҕэ, Хараҕа үөрэммиттэрэ, Свинобоев биир дойдулаахпыт. Кинилэри уонна Капрыновы «ыалдьарым» быһыытынан үс бириистээх миэстэҕэ киириэхтэрэ диэн сылыктаабытым. Онтон кыргыттарга Копылова, Карамзина, Назарова үһүс буолуохтара диэбитим да, ол куонкурус усулуобуйатыгар суоҕа. Дьиҥэ, дьахталлар тустуулара куонкуруска эмиэ киириэ этэ буоллаҕа дии саныыбын.
Россия быйылгы чемпионатын түүннэри кэтээн көрдүбүт уонна бэйэбит билгэлээбит бөҕөстөрбүтүгар ыарыйдыбыт. Итиэннэ куонкуруска кыайыылааҕынан тахсан соһуйдум да, үөрдүм даҕаны. Атын кыттааччылар, ордук эмиэ 6 очукуону ылбыт Лариса Евсеева санааларын түһэрбэттэригэр, «Дьулурҕан» ыытар маннык куонкурустарыгар сырыы ахсын кытталларыгар баҕарабын. Мин бэйэм бу хаһыс да сылбын кыттан, дьэ бастакытын бастаатым. Куонкурсу тэрийбит дьоҥҥо барҕа махтал!
Х х х
Ити курдук, спорду дьиэ кэргэнинэн сэҥээрэр, күрэхтэһиилэри көтүппэккэ көрөр, анаан альбом оҥостон, онно барытын суруна, бэлиэтэнэ сылдьар дьоннор маннык куонкуруска ситиһиилээхтик кытталлар. Биһиэхэ, спорду сүрүннээн эр дьон сэҥээрэр, ырытыһар, дьүүллэһэр уонна куонкурустарга кыайар диэн өйдөбүл баар. Ол эрээри, кэнники, “Дьулурҕан” ыытар куонкурустарыгар кэрэ анардар кыттыылара элбээтэ. Ону ааһан, кинилэр эр дьону баһыйан куонкурустарга бастыылларыттан киһи соһуйбат да буолла. Ол курдук, Москваҕа ыытыллыбыт футболга аан дойду чемпионатыгар анаан ыыппыт куонкуруспутугар Федора Захарова бастаабыта, аны көҥүл тустууга Россия чемпионатын куонкурсугар Анастасия Алексеева кыайда. Дьиктитэ, кинилэр иккиэн майалар…
Петр ПАВЛОВ.