Василий Егоров турогы кыайда
Узбекистан киин куоратыгар Ташкеҥҥа ыытылла турар эр дьоҥҥо боксаҕа аан дойду чемпионатын бүгүн төрдүс күнэ.
Биһиги билиҥҥи кэмҥэ тумус туттар боксербут Василий Егоров кыттар 51 кг ыйааһыныгар киирсиилэр бүгүҥҥүттэн саҕаланнылар. Квалификация диэн ааттанар бастакы эргииргэ барыта 11 киирсии буолла.
Василий Егоров – турок Самет Гюмюштуун көрүстэ. Эрдэ dzulurgan.ru сайтка суруйбуппут курдук, Гюмюш 22-гэр диэри саастаахтарга Европа былырыыҥҥы күрэхтэһиитин 54 киилэҕэ кыайыылааҕа, Турция икки төгүллээх чемпиона. Сааһа 21-рэ.
Аныгы үйэҕэ сибээс көмөтүнэн кинилэр киирсиилэрин «күөх экранынан» быһа биэриигэ илэ көрөр кыахтанныбыт. Бастакы раунд хаһан баҕарар буоларыныы, бэйэни чуҥнааһын быһыытынан барда. Онон тэҥ сыһа кииристилэр. Онтон иккис уонна үһүс рауннарга биһиги уолбут опытынан уонна түргэнинэн баһыйа тутан, элбэх таба охсуулары оҥорон түмүккэ 4:1 (30:27, 30:27, 29:28, 28:29, 29:28) ахсаанынан кыайыыны ситистэ.
Аныгыскы эргииргэ Василий, ыам ыйын 7 күнүгэр финал 16/1-гэр аан дойду ааспыт чемпионатын 54 киилэҕэ кыайыылааҕа японец Цубоины кытта киирсиэҕэ. Уолбутугар кыайыыны баҕарабыт.
Василий, кытаат!
Петр ПАВЛОВ.