«Туймаада-Эркээни» экологическай сүүрүүгэ ыҥырабыт
Этэҥҥэ сырыттахха, дьыл-хонук дииллэрэ чахчы быһыылаах. Олох соторутааҕыта этэ дии, Покровскай пааркатыгар 1992 сыллаахха аатырбыт быһый Юрий Сергеевтиин эрчиллэрбит. Юрий оччолорго 50-н саҥа ааһан эрэр, өссө да күүһүгэр сылдьар этэ. Биһигини, быдан эдэр дьону тулуппат буолара, паарка ойуурун ыллык суолун устун иннибитигэр аҕыйахта элэҥнээн куотан хаалара.
Биир үтүө күн аҕа табаарыһым этэр: «Ыстапаан, хайалаах, түһүүлээх-тахсыылаах сиргэ сүүрүүнү тэрийбэккин ээ» – диэн. Мин бэйэм да сүүрүү тэрийиэхпин баҕара сылдьар киһи сэргии түстүм, токоолоһон бардым. Киһим «Куллатыга» тэрийиэххэ сөп. Онно ГАИ поһуттан мыраан үрдүгэр 5-6 км сүүрэн баран, төттөрү сүүрэн түстэххэ наһаа үчүгэй, сүүрүктэртэн элбэх сыраны-сылбаны эрэйэр трасса буолуох этэ» – диэтэ.
Мин итиннэ сөбүлэстим уонна Дьокуускайга киирэн куораттааҕы айылҕа харыстабылын комитетын салайааччыта Александров Сергей Петровичка олус үчүгэй этии киирбитин өйүөххэ наадатын эттим. Хата киһим тута сөбүлэстэ уонна икки комитет кыттыһан оҥорорбут быһыытынан сүүрүү Туймаада хочотуттан саҕаланан (стартаан) баран, Куллатыга, Орджоникидзевскай оройуон сиригэр түмүктэнэрин, саха омук норуот быһыытынан үүнэн-сайдан тахсыбыт төрүт түөлбэлэрин – Өлүөнэ эбэбит икки улуу хочотун – Туймаадалаах Эркээнини ситимниир, бэлиэтиир наадалааҕын өйдөөн «Туймаада-Эркээни» диэн ааттыырга быһаарбыппыт. Үрдүкү салалтабытыгар экология, айылҕаны туһаныы министиэристибэтигэр Миниистир Чемезов Егор Николаевичка сылдьан сөбүлэҥин ылбыппыт уонна тэрээһиҥҥэ төбөбүт оройунан түспүппүт.
Балайда элбэх боппуруос бэрт түргэнник быһаарыллыбыта: ГАИ көҥүлэ, арыаллааһына, кыттааччылары төттөрү-таары таһарга автобус арендата, кыайыылаахтары наҕараадалааһын, бириистэри булуу, олохтоох телевидениенан биллэрии… Бириэмэтэ олус ыгым этэ. От ыйын 5 күнүгэр старт биллэриллибитэ, онон биир нэдиэлэ иһигэр барыта оҥоһуллан бэлэм буолуохтааҕа. Майаҕа, Намҥа, Бороҕоҥҥо, Чурапчыга айылҕа харыстабылын комитеттарыгар биллэрбиппит. Урутаан эттэххэ, комитеттар сүрдээҕин көмөлөспүттэрэ. Бэйэлэрин массыыналарынан сүүрүктэрин тиэйэн аҕалбыттара, анал бириистэрин кытта.
Старт бэриллэр сарсыардатыгар биһиги малбытын тиэнэн Куллатыга тиийбиппит. Куораттар, мэҥэлэр балааккаларын таһыгар сарсыардааҥы аһылыктарын аһыы олороллоро. Уонтан тахса киһи баара. Мэҥэлэри аатырбыт марафонец Афанасий Петрович Илларионов бэйэтэ аҕалбыт этэ. Хомуллан стартыыр сирбитигэр, 25-с км баар автостоянкаҕа тиийдибит. Манна намнар, дьокуускайдар, уус алданнар, чурапчылар бааллара. Суһал соҕустук мандатнайы ыытан, кылгастык сүүрүктэри эҕэрдэлээн баран 50-чэ киһи «Ураа!» хаһыылаах, ГАИ арыалдьыттаах уһун (2,2 км), балайда туруору мырааны дабайан соҕуруу диэки түһүннүбүт. Ыарахан дабайыы эбит этэ, мин сыыр саамай үөһээҥҥи туруору чомчоҕойугар улаханнык илистэн тахсыбытым. Олус түргэнник саҕалаабыт күүстээх спортсменнар, олор истэригэр соторутааҕыта классическай марафоҥҥа Россия спордун маастарын нуорматын толорбут Степан Федоров, быардара хам тутан туораабыттара. Трассабыт балайда уустуктардаах этэ: хас да түһүү, өрө тахсыы, онтон улуус кыраныыссатыттан 3,3 км наар түһүү. Дьэ, манна уһун, күүстээх атахтаах, кытаанах сүһүөхтээх сүүрүктэр күннэрэ тахсар эбит этэ. Миигин ити уһун түһүүгэ элбэх киһи ситэн ааспыта.
Түмүк тахсыытыгар эр дьоҥҥо кыайыылааҕынан Роман Колесов (40 мүн 34 сөк), дьахталларга Намтан кэлэн кыттыбыт Татьяна Жиркова (49 мүн 02 сөк) буолбуттара, бастакы чемпионнар быһыытынан историяҕа киирбиттэрэ.
Эһиилигэр 2-с экологическай сүүрүү бэс ыйыгар Аан дойдутааҕы айылҕа харыстабылын күнүгэр ыытыллыбыта. Бастакы сүүрүү итэҕэстэрэ учуоттананнар, массыыналар тохтоон көрүнэр былассааккаларыгар, суол кытыытыгар ыһыллыбыт бөҕү ыраастааһын, сыбаалкаҕа тиэйии, араас маассабай оонньуулар, куонкурустар тэриллибиттэрэ. Тэрийээччилэр бирииспит элбэҕэ үгүстэри соһуппута, үөрдүбүтэ. Бастакы «Мисс Эркээни» диэн бириис Елена Кожевниковаҕа (СГУ) туттарыллыбыта. Министиэристибэ үлэһиттэрэ күргүөмүнэн тахсан сүүрүктэргэ ыалдьыбыттара, оонньууларга актыыбынайдык кыттыбыттара, сайыҥҥылыы сылаас айылҕаҕа астына сынньаммыттара. Ол сүүрүүгэ республика тумус туттар бастыҥ быһыйдара бары кэриэтэ кыттыбыттара. ССРС чэпчэки атлетикаҕа бастакы уонна соҕотох маастара Артур Феофанов «маастары отунан-маһынан оҥорботторун» барыбытыгар биллэрбитэ, түмүк биэтэккэ бастакынан 41 мүн 24 сөк. кэлбитэ, бэрт кыранан былырыыҥҥы кыайыылааҕы Роман Колесовы куотан. Дьахталларга Мэҥэ Хаҥалас быһыйа Екатерина Колесова кими да иннигэр көрбөтөҕө.
Бу экологическай хабааннаах сүүрүү Сибииргэ, Уһук Илиҥҥэ соҕотох. Атын сирдэргэ ыытыллара иһиллибэт. Сүүрбэ сыл тухары тохтообокко ыытыллыбыта. Кэлин ГАИ-лар туорайдаһаллара элбээн, онуоха эбии мин саас эрдэ хонуутааҕы үлэлэргэ барар буоламмын, күрэхтэһиибит тохтуу-тохтуу ыытыллар буолбута. Дьокуускай – Покровскай массыына суолугар сүүрүүнү тэрийэрбитин олох да боппуттара. Онон 2014 сыллаах үбүлүөйдээх ХХ сүүрүүбүт Төхтүр утарыта мырааҥҥа ыытыллыбыта. Манна Төхтүр нэһилиэгин дьаһалтата, сүүрүү энтузиастара Семен Афанасьев, Николай Ильин күүстэрин харыстаабакка, актыыбынайдык үлэлээбиттэрэ. Саҥа сиргэ сүүрэр суолу дэхсилээһин, мээрэйдээһин, эргиирдэргэ анал бэлиэлэри туруоруу, кыттааччылары көрсүү барыта кинилэр быһаччы кыттыыларынан ыытыллыбыта. 2016 сыллаахха сүүрүү ыытыллар сирэ үһүс төгүлүн уларыйбыта. «Төхтүр» сынньалаҥ-успуор базатыгар (дириэктэр О.И. Кондратьев) ыытыллар буолбута. Олохтоох миэстэтин дьэ булла курдук. Манна уот-күөс, громкоговоритель, массыыналар тохтуур, турар, спортсменнар уларыттар, разминкаланар сирдэрэ барыта бааллар.
Күрэхтэһии быйылгы балаһыанньатыгар улахан уларыйыылар суохтар. Саастаах сүүрүктэр (60-рын ааспыт эр дьон, 50-рин туолбут дьахталлар) дистанция аҥаарын – 6,2 км сүүрэллэр. Эдэр, эрчимнээх, дьэстэригэр сылдьар быһыйдар 12,4 км. Урут массыына суолунан сүүрэр эрдэхпитинэ 12,3 км буолара. Ол манна кыратык уларыйбыт. 1997 сыллаахха биллиилээх уһунньут сүүрүкпүт Роман Колесов 12,3 км сири 39 мүн. 15 сөк. элэстэнэн кэлбитэ аны тупсарыллыбат. Трасса даҕаны уларыйдаҕа уонна Роман Иннокентьевич курдук түргэн атахтаах спортсменнар, мин билэрбинэн, суохтар. Саҥа трассаҕа муҥутуур көрдөрүүлэри саҥаттан бэлиэтиэххэ наада быһыылаах. Олох атын трасса, сүүрүктэргэ уһун, балайда туруору мырааны дабайыы сыана аҕаабата чахчы.
Онон түмүкпэр, Сахам сирин уҥмат тыҥалаах быһый атахтаахтарын бэс ыйын 3 күнүгэр Хаҥалас улууһун «Төхтүр» сынньалаҥ түөлбэтигэр сүрдээх сэргэх сүүрүү бырааһынньыгар – 31-с төгүлүн ыытыллар экологическай сүүрүүгэ күүтэллэрин этэбин. Кэлиҥ, кыттыҥ, кыайыҥ! Старт – күнүс 11:00 чаастан саҕаланар.
Бу күрэхтэһии салҕанан бара туруохтаах. Айылҕа харыстабыла, Аан Айылҕабытын чөл туруктаах кэлэр көлүөнэлэргэ хаалларар – биһиги ытык иэспит! Ону умнумуоҕуҥ! Эдэр ыччат маннык түмсүүлэргэ сылдьан Айылҕаны харыстыырга, сатаан туһанарга үөрэнэрэ буоллар. Экологическай кэтээн көрөр тэрилтэлэр үлэһиттэрэ кыттааччыларга, көрөөччүлэргэ бэсиэдэлэри, лекциялары ааҕаллара буоллар күрэхтэһии суолтата былан үрдүөх этэ. Уопсастыбаннай инспектордары ыҥыран наҕараадалыахха, кинилэр тустарынан кэпсиэххэ сөп этэ, маннык түмсүүлэргэ. Ол тоҕо табыллыбатый? Сатаныа этэ, мин санаабар.
Ыстапаан ЛЫТКИН, үлэ, успуор бэтэрээнэ, «Туймаада-Эркээни» экологическай сүүрүүнү төрүттээччи, элбэх сыл тэрийээччитэ.