Родион Степанов – спорт маастара!
Хабаровскайга, ыам ыйын 17-18 күннэригэр Мэр кубогар эдэрдэргэ (20-гэр диэри саастаахтарга) спортивнай тустууга Бүтүн Россиятааҕы турнир ыытылынна. Турнир бочуоттаах ыалдьытынан үс төгүллээх олимпийскай чемпион, Россия Геройа Александр Карелин буолла.
Р.М. Дмитриев аатынан Олимпийскай эрэл училищетын гректии-римнии тустууга тренерэ Матвей Матвеев биһиэхэ иһитиннэрбитинэн, бу күрэхтэһиигэ Саха сирин уолаттара эриэ-дэхси көрдөрүүлэннилэр. Ол курдук, Родион Степанов (60 кг) бэйэтин ыйааһыныгар бастакы миэстэни эрэллээхтик ылла. Итинэн, Алдан оройуонуттан төрүттээх спортсмен гректии-римнии тустууга Россия спордун маастарын нуорматын толордо.
Оттон Верхоянскай ыччата Андрей Слепцов 130 киилэҕэ күүстээх састаапка үһүс бириистээх миэстэни ылла.
Ити курдук, Саха сирин гректии-римнии оскуолата сыыйа-баайа ситиһиилэнэн, спорт маастардарын кэккэлэрэ хаҥаан иһэрэ кэрэхсэбиллээх. Онуоха туһааннаах салайааччыларга, тэрийээччилэргэ, тренердэргэ – барҕа махтал!
«Дьулурҕан».