“Кыайыы уота” сүүрүү хайысхата – Горнай улууһа
Ыам ыйын 8-9 күннэригэр Улуу Кыайыы 78 сылын көрсө Дьокуускай – Маҕарас – Бэрдьигэстээх маршрутунан 200 км факел уотун тутан, кэриэстэбил сүүрүү ыытылынна.
Сүүрүүгэ кыттыыны ыллылар: Митина Александра Давидовна, Доргуева Валентина Гаврильевна, Егорова Анна Александровна, Михайлова Айгуля Васильевна, Неустроева Наталья Тимофеевна, Егорова Яна Юрьевна, Барашкова Ульяна Николаевна, Оготоева Ирина Борисовна, Бурнашева Валентина Петровна, Ючюгяева Лаура Олеговна, Слепцова Виктория Николаевна, Попова Ульяна Павловна, Ядрихинская Анна Романовна Горохов Дмитрий Николаевич уонна Горнай оройуонуттан: Слепцова Мария Ильинична, Арбыкина Мария Петровна. Онон бу икки күннээх сүүрүүгэ толору хамаанда буоллубут.
Биһигини Кыайыы болуоссатыттан атаардылар, Кыайыы уотун Куорат ветераннарын сэбиэтин салайааччыта, полковник Тряпша Николай Александрович туттарда. Тэрээһиҥҥэ КПРФ рескомун салайааччытын солбуйааччыта Куличкин Вячеслав Семенович уонна Романов Иннокентий Иванович, СР физическэй кулльтураҕа уонна маассабай спорка управлениетын специалиһа Афанасьева Зинаида Егоровна, ону кытта Верхоянскай улууһун баһылыгын солбуйааччы Котельников Сергей – Дабаан кыттыыны ыллылар.
Сүүрүү кыттыылаахтарыгар, маннык патриотическай хамсааһыҥҥа кыттарбытыгар махтанан тыл эттилэр.
Салгыы факел уотун тутан Туймаада Бойобуой аллеяҕа тиийэбит, манна биһигини кытта бииргэ сүүрэ баран иһэр Слепцова Виктория Николаевна гранит плиткаҕа суруллубут эһээтигэр – Иванов Николай Илларионовичка, гражданскай сэрии 1920 с. кыттыылааҕар, ЧОН этэрээтин командирыгар, 1943 с. сэриигэ бэйэтэ көрдөһөн баран, элбэх бойобуой орденынан, медалларынан эргиллибит буойуҥҥа – сиэнэ сибэкки ууран, ахтан-санаан ылла.
Биһигини кытта сүүрэн иһэр Бурнашева Валентина Петровна эһээтигэр, 1941-1944 сс. Сибиирдээҕи хайыһар батальонугар сэрии кыттыылааҕар сиэнэ ахтан, санаан ылан, сибэкки дьөрбөтүн уурда. Биһиги салгыы Ильмень монумеҥҥа сибэкки ууран, сүүрүүнү салгыыбыт.
Мыраан үрдүгэр хотуттан утары тымныы тыаллаах буолла. Биһиги эстафетаны 2 км уонна 3 км иккилии буолан барары быһааран сүүрэбит. Маҕараска тиийиэхтээхпит, мантан 95 км сэрии сылларыгар Одуну нэһилиэгиттэн 157 саха ньургун уолаттара ыҥырыллан, сэттэ уонча уол дойдутун сиригэр эргиллибит. Сэрииттэн Андреев Алексей Михайлович икки Албан аат уордьан кэтэн кэлбит, ону кытта Афанасьев Семен Васильевич, Скрыбыкин Гаврил Иванович…
Аҕа дойду уордьан кавалердара Кондаков Прокопий Дмитриевич, Контоев Степан Матвеевич уо.д.а. Албан аат уордьаны ылбыттар. Одуну нэһилиэгэр киэн туттар САССР, СР, РСФСР үтүөлээх үлэһиттэринэн биллэр ытык дьонунан биллэр.
Биһиги ыччаттар, оҕолор ааспыт көлүөнэ сэрии, тыыл бэтэрээннэрин үрдүктүк сыаналыыбыт, ааспыт көлүөнэ үлэтин билинэн сүгүрүйэбит.
Бу Кыайыы уота сүүрүүгэ кыттар кыргыттарым бары бэйэлэрэ ийэлэр, эбээлэр, кинилэр чугас дьонноро, эһээлэрэ сэрии кыттыылаахтара уонна Россия куораттарын факел уотун тутан сүүрүү кыттыылаахтара.
Александра Митина уһун дистанциялар 100 км сүүрүүгэ тиийэ кыайыылааҕа, сүүрүү хаамыытын ааҕан-суоттаан истэ. Онон бутуллубакка, бэйэ-бэйэ напарник булсан факелы оҥостон сүүрэн
иһэбит. Горнай кыраныыссатыгар сүүрүүнэн дьарыктанар Слепцова Мария Ильичина, Арбыкина Мария Петровна кытталлар уонна УАЗ массыына кэлэн, икки бөлөххө арахсан барабыт. Трассаҕа саҥа сүүрээччилэргэ Ильмень сүүрүү кыттыылаахтара: Анна Егорова, Ульяна Попова сүбэ-ама биэрэн үөрэтэн, кыргыттары санааларын көтөхтүлэр, көмө-күүс буоллулар.
Биһигини Одуну нэһилиэгин баһылыга Текеянов Владимир Максимович уонна нэһилиэк олохтоохторо саламааттаах алаадьыннан күндүлээн көрсөллөр. Манна нэһилиэк баһылыга сэрии кыттыылаахтарын огдооболорун, тыыл бэтэрээннэрин, ытык кырдьаҕастары: Скрыбыкин Петр Давыдовыһы, Степан Семенович Никифоровы уо.д.а. оройуон баһылыга Андреев Н.В. кырдьаҕастарга кыһамньы уурарын, сөптөөх көмөнү оҥорорун эттэ.
Улахан төһүү тирэҕинэн общественнай тэрилтэлэр ыччаттар түөлбэлэр кырдьаҕастарга сомоҕо буолан көмөнү оҥоро тураллар эбит. Биһиги тыл этэн, сэмэй бэлэхпитин туттардыбыт. Биһигини итии чэйдээх остуолга ыҥыран, аһаатыбыт, күүс-сэниэ киллэрдибит.
Улуу Кыайыы күнэ – ыам ыйын 9 күнэ үчүгэй күннээх саҕаланна. Кыргыттар настроениелара үчүгэй, бары сарсыардааҥҥы чэйгэ олорон бүгүҥҥү күн сүүрүүнү былааннаатыбыт. Онон маҥнайгы күүстээх группа: Саша Митина, Валентина Доргуева, Анна Ядрихинская, Ирина Оготоева, Яна Егорова, Ульяна Барашкова, Мария Слепцова, Мария Арбыкина эрдэ баран, сүүрүүнү саҕалыыллар уонна биирдии сүүрээччи 18 км сүүрдүлэр. Иккис бөлөх аҕыстыы км бардыбыт, салайааччы – спорт управлениетын уола Вячеслав Васильев тэҥҥэ сылдьан көмө буолан истэ.
Сүүрүү факел уотун, керосин войлок заправкаланар хас биирдии кыттааччы этабыгар барытын бэлэмнэнэр уонна тутан сүүрүүгэ манан эрэ чэпчэки буолбат. Наталья Неустроева, Ирина Оготоева войлок быһан кырыйан бэлэмнээбиттэрэ көмө буолла. Горнай оройуонуттан историяҕа сурулларынан 1300 тахса киһи ыҥырыллар, онтон эргиллибитэ биллэ аҕыйахтар. Билигин баарынан Солоҕоҥҥо олорор 103 саастаах 1943 с. 92-с стрелковай дивизияҕа автоматчыгынан сылдьыбыт бойобуой орден медаллардаах Дьячковскай Михаил Михайлович Улуу Кыайыы күнүн көрсөр. Биһиги күнүс 12 ч 30 мүн Кыайыы уотун Кыайыы болуоссатыгар втереннары чиэстээн Горнай оройуонун баһылыгар Андреев Никита Викторовичка бары сүүрүү кыттыылаахтара туттарабыт. Ону кытта оройуон байыаннай комиссара Алексей Бадлуев эҕэрдэлээтэ.
Түмүккэ Никита Викторович сүүрүү кыттылаахтарын кытта көрсүһүү ыытан, бэлэхтэри туттарда. 2020 с. эстафета уотун кыттыылаахтарыгар Валентина Доргуеваҕа миэхэ кинигэ-альбом туттарбытын, үөрэн-махтанан ыллыбыт. Дабаан радиоҕа ыҥырыллан Кыайыы уота проекпытын чэгиэн-чэбдик доруобуйа туһунан кэпсээтибит, сырдаттыбыт.
Бу сүүрүүгэ көмө буолбут дьоҥҥо уонна бары сүүрүүгэ кыттыбыттарга бэйэм ааппыттан махталбын тиэрдэбин!
Дмитрий ГОРОХОВ, Кыайыы уота сүүрүү салайааччыта.