Бэтэрээн бөҕөстөр бэлэмнэниҥ!
Ыам ыйын 19-20 күннэригэр ССРС спордун маастара, Саха АССР үтүөлээх тренерэ, ХИФУ профессора Николай Кириллович Алексеев – Матбор кэриэһигэр көҥүл тустууга аҕам саастаах тустууктар республикатааҕы аһаҕас чемпионаттара ыытыллар.
Чемпионат, В.П. Керемясов аатынан Дьокуускай куорат 3 №-дээх спортивнай оскуолатын тустууга саалатыгар буолуоҕа.
Күрэхтэһии биирдиилээн бастыыр иһин Тустуу аан дойдутааҕы холбоһугун (UWW) быраабылатынан бигэргэммит ыйааһыннарга ыытыллар: 62, 70, 78, 88, 100 уонна 130 кг.
Быраабылаҕа олоҕуран күрэхтэһиигэ 35-тэн үөһэ саастаахтар кытталлар.
А дивизион: 35-40 саастаахтар
В дивизион: 41-45 саастаахтар
С дивизион: 46-50 саастаахтар
Д дивизион: 51-55 саастаахтар
Е дивизион: 56-60 саастаахтар
Ф дивизион: 61-65 саастаахтар
Г дивизион: 66-70 саастаахтар.
Ыйааһын ахсын бастаабыттар уонна иккис-үһүс буолбуттар мэтээллэринэн, дипломнарынан наҕараадаланаллар. Манна даҕатан эттэххэ, бу күрэхтэһии – Россия бэтэрээннэргэ чемпионатын иннинэ сүүмэрдээһин, бэйэ бэлэмин тургутан көрүү быһыытынан буолуоҕа.
Чемпионат кэмигэр бэтэрээн-маастардарга ситиһиилээхтик тустубуттарга – Россия спордун бэтэрээннэргэ маастардара уонна норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах маастардара анал бэлиэлэр туттарыллыахтара.
Чемпионат программата:
Ыам ыйын 19 күнэ, бээтинсэ
10:00-16:30 Мандатнай хамыыһыйа үлэтэ, кыттааччылар ыйааһыннаныылара, сэрэбиэй.
17:00-17:30 Судьуйалар, тренердэр уонна хамаанда бэрэстэбиитэллэрин сүбэ мунньаҕа.
Ыам ыйын 20 күнэ, субуота
10600-12:00 Бары ыйааһыннарга барыллааһын хапсыһыылар.
12:00-12:30 Чемпионаты үөрүүлээхтик аһыы.
12:30-14:00 Тохтобул.
14:30-18:00 Күрэхтэһии салгыыта. Быһаарыылаах хапсыһыылар. Кыайыылаахтары наҕараадалааһын.
«Дьулурҕан».