Сонуннар

Бүөтүр Баттаахап алта кыһыл көмүс мэтээллэннэ!

Мас тардыһыыга уонна хапсаҕайга спорт маастара, Ньурбаттан төрүттээх спорт бэтэрээнэ Петр Баттахов кэнники сылларга ыараханы көтөҕүүнэн умсугуйан дьарыктанар. Номнуо бэйэтин саастыылаахтарыгар пауэрлифтиҥҥэ үрдүк көрдөрүүлэрдээх.

Аҕыйах хонуктааҕыта кини Геленджик куоракка ыытыллыбыт пауэрлифтиҥҥэ, пауэрспорка уонна армлитиҥҥэ аан дойдутааҕы Гран при чемпионакка 70-74 саастаахтарга 100 киилэҕэ кыттан, үрдүк ситиһиилэннэ.

– Пауэрлифтиҥҥэ троеборьеҕа, двоеборьеҕа уонна становай тягаҕа кыттан, үһүөннэригэр бастаатым, – диир Петр Петрович. – Уонна пауэрлифтиҥҥэ троеборье түмүгүнэн бэтэрээннэргэ абсолютнай чемпион буоллум. Ол аата, 40-тэн үөһээ саастаах кыттыбыт бары спортсменнары киллэрэн туран. Двоеборьеҕа 295 киилэни ылан, аан дойду рекордун олохтоотум. Урукку рекорд 270 кг эбит, американец олохтообут. Двоеборьеҕа – жим уонна становай тяга киирэр. Становай тягаҕа тобукка диэри сыыйа тардыыга 205 кг көтөҕөн, эмиэ аан дойдуга бастыҥ көрдөрүүлэнним. Онтон пауэрспорт көрүҥҥэ, «строгий подъем на бицепс» диэҥҥэ бэйэм саастаахтарбар эмиэ аан дойду рекордун олохтоотум. Онтон «Аполлон аксель» диэн, модьу тутаахтаах штангаҕа 130 киилэни көтөҕөн эмиэ кыайдым.

Ити курдук, Петр Баттахов бу күрэхтэһииттэн барыта 6 кыһыл көмүс мэтээлинэн уонна абсолютнай чемпион кубогынан наҕараадаланна. Сиэнэ Артём 10 саастаахтарга становай тягаҕа 75 киилэҕэ кыттан эмиэ бастаата.

Саха киһитин кыаҕын бэйэтинэн тиийэн улахан таһымнаах түһүлгэҕэ ситиһиилээхтик көрдөрбүт уонна итэҕэппит Петр Баттаховы эҕэрдэлиибит! Атын аҕам саастаах дьон, спордунан дьарыктарын быраҕан кэбиспэккэ, Баттахов үтүө холобурун батыһалларыгар баҕарабыт.

«Дьулурҕан».     

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *

253191
Бүгүн : 49